Сокуон барыла 2013 сыл олунньу 23 күнүнээҕи 15-ФС №-дээх «Гражданнар доруобуйаларын тулалыыр табах буруотун дьайыытыттан, табаҕы эбэтэр никотиннаах бородууксуйаны тардыы содулуттан харыстыыр туһунан» Федеральнай сокуон 12 ыстатыйатын 6 чааһыгар олоҕуран оҥоһулунна уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстыыр, табаҕы тардыы тарҕаныытын аҕыйатар инниттэн ылыллар дьаһаллары сүрүннүүр. Онон парламеҥҥа бу сыл муус устар ыйыгар буолар пленарнай мунньахха норуот дьокутааттара сокуон барылын ылыннахтарына, Саха Сиригэр тустаах уопсастыбаннай сирдэргэ табаҕы, никотиннаах бородууксуйаны тардыыга эбии хааччахтар олохтонуохтара.
Сокуон барылын быһаарыы суругар ыйыллыбытынан, бу иннинэ Саха Сиригэр табаҕы тардыыны сэрэтиигэ уонна хааччахтыырга өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон суоҕа. Эрдэ «СӨ табаҕы уонна табахтан оҥоһугу тардыыны сэрэтэр уонна хааччахтыыр туһунан» 2000 сыл олунньу 29 күнүнээҕи 159-II №-дээх сокуон баар этэ. Бу сокуон 2003 сыл от ыйын 10 күнүгэр күүһүн сүтэрбитэ. 2001 сыл от ыйын 10 күнүнээҕи 87-ФС №-дээх «Табаҕы тардыыны хааччахтыыр туһунан» Федеральнай сокуон күүһүгэр киирбитинэн итиэннэ табаҕы уонна табахтан оҥоһугу тардыыны сэрэтэр инниттэн СӨ Бырабыыталыстыбата 2002 сыл алтынньы 10 күнүнээҕи 505 №-дээх «Табаҕы уонна табахтан оҥоһугу тардыыны сэрэтэр дьаһаллар туһунан» уурааҕы ылыммыта. Уураах сыала-соруга толоруллубутунан 2005 сыл атырдьах ыйын 18 күнүгэр хонтуруолтан уһуллубута.
Үгүс ааҕааччы «Оччотугар уопсастыбаннай сирдэргэ табахтааһыны туохха олоҕуран хааччахтыыллар?» диэн ыйытыа. Маныаха табаҕы тардыыны сэрэтиини уонна хааччахтыыры 2013 сыл олунньу 23 күнүнээҕи 15-ФС №-дээх «Гражданнар доруобуйаларын тулалыыр табах буруотун дьайыытыттан, табаҕы эбэтэр никотиннаах бородууксуйаны тардыы содулуттан харыстыыр туһунан» Федеральнай сокуон сүрүннүүр диэн хоруйдуубут.
Бу Федеральнай сокуоҥҥа СӨ сокуонун барылыгар ыйыллар уопсастыбаннай тырааныспар тохтобула уонна паарка киирсибэттэр. Федеральнай сокуонунан табахтааһын бобуллар:
– үөрэх уонна култуура тэрилтэлэрин, успуорт уонна ыччат дьыалаларыгар уорган эбийиэктэрин таһыгар;
– поликлиникалар, балыыһалар, санаторийдар, о.д.а. итинник өҥөнү оҥорор тэрилтэлэр эбийиэктэрин таһыгар;
– тимир суол уонна массыына баксаалларын, аэропуортар, муора уонна өрүс пуортарын, метро ыстаансыйаларын эбийиэктэриттэн 15 миэтэрэ чугас сиргэ;
– оҕо былаһааккаларыгар уонна сөтүөлүүр сирдэргэ;
– куорат таһынааҕы айан пассажирдарын платформаларыгар;
– тырааныспар сапыраапкаларыгар;
– лииптэргэ уонна элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр бэдэйиэстэригэр;
– уопсастыбаннай тырааныспарга, гостиницаларга, эрэстэрээннэргэ, офистарга уонна арендаҕа бэриллэр кыбартыыраларга.
Маныаха Федеральнай сокуон атыы-эргиэн о.д.а. үлэ ыытыллар дьиэтин бас билээччигэ табах тардарга анал хоһу тэрийэригэр көҥүллүүр.
Оттон Саха Сиригэр бэлэмнэммит сокуон барылынан уопсастыбаннай тырааныспар тохтобулугар итиэннэ онтон 15 миэтэрэ чугас сиргэ, сынньалаҥ, туризм, физическэй култуура уонна успуорт тэрилтэлэрин тастарыгар уонна паарка сиригэр-уотугар табаҕы тардыы бобуллуоҕа.
Федеральнай сокуонунан дойду эрэгийиэннэрин судаарыстыбаннай былааһын уорганнара кэккэ уопсастыбаннай сирдэргэ уонна дьиэлэргэ табаҕы, никотиннаах бородууксуйаны тардыы эбэтэр кальяны туһаныы иһин эбии хааччахтары олохтуур бырааптаахтар. Ол курдук, Арассыыйа 28 субъегар табаҕы тардыы эбии хааччахтара олохтоммуттар. Бу субъектарга, барыларыгар кэриэтэ, уопсастыбаннай тырааныспар тохтобулугар уонна онтон 10 эбэтэр 15 миэтирэттэн чугас сиргэ табаҕы, никотиннаах бородууксуйаны тардар көҥүллэммэт. СӨ Ис Дьыалаҕа министиэристибэтин көрдөрүүтүнэн, 2023 сылга Ис Дьыала сулууспатын үлэһиттэрэ РФ Административнай буруйу оҥоруу туһунан Кодексатынан 183 административнай буруйу оҥорууну бэлиэтээбиттэр. Оттон сокуон барыла ылыныллан олоххо киирдэҕинэ, хааччахтааһыны кэспит табахсыттары СӨ Административнай буруйу оҥоруу туһунан Кодексатынан ыстырааптыахтара.
Сокуон барылын оҥорооччулар быһааралларынан, уопсастыбаннай сирдэргэ табаҕы тардарга анал миэстэлэр баар буолуохтара. Маныаха сокуон барылыгар электроннай табаҕы тардыы никотиннаах бородууксуйалар кэккэлэригэр киирсэрэ дуу, киирсибэтэ дуу чопчуламматах.
Табахтааһыҥҥа эбии хааччахтары киллэрии уопсастыбаннай туһаныы сирдэригэр табах буруота суох миэстэлэрин тэрийиигэ тиэрдиэҕэ, ол нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа тоҕоостоохтук дьайыа, табахтаабат дьону табах буортулаах буруотуттан көмүскүө диэн сокуон барылын оҥорбут дьокутааттар сабаҕалыыллар. Сокуон барылын оҥорууга норуот дьокутааттара Светлана Давыдова, Алена Атласова, Ольга Горюнова, Егор Григорьев, Антонина Григорьева, Иван Луцкан, Афанасий Постников, Наталья Сидоркина, Никита Тимофеев, Татьяна Шарова үлэлэстилэр.
Табаҕы тардыы киһи доруобуйатыгар охсуулааҕын бары билэбит. Ол эрэн табахтыыр киһи ахсаана аччыыра биллибэт. Табахсыттары оннооҕор табахха сыана үрдээбитэ тохтоппот. Сокуонунан табахтыыры хааччахтыыр эбии дьаһаллар ылыллаллара төһө тоҕоостоох буолуой диэн уонна бу туһунан дьон-сэргэ туох санаалааҕын билээри кыра ыйытык ыыппытым түмүгүн ааҕааччыларга билиһиннэрэбин.
Петр, 43 саастаах: Табахтыыбын. Эмиэ ону-маны хааччахтааннар.
Вера, 50 саастаах, Дьокуускай к. олохтооҕо: табахтааһыны хааччахтыыр сокуон ылыныллара үчүгэй буоллаҕа дии. Билигин, бэл диэтэр, оскуола оҕолоро электроннай табаҕы тарда-тарда уулусса устун аһаҕастык хаамаллар. Онон мин саныахпар саамай сөптөөх дьаһал буолан эрэр эбит.
Василий, 32 саастаах: Оскуола эрдэхтэн табаҕы тардабын. Быраҕыахпын баҕарабын эрээри, ол кыаллыбат. Мин саныахпар, хас биирдии киһи бэйэтэ билэр буоллаҕа табахтыырын дуу, табахтаабатын дуу. Ону табахсыт быраабын күөмчүлээн ахан биэрэллэр. Сотору дьиэбэр кытта табаахтыырым иһин ыстараап төлүүрүм буолуо (күлэр).
Ньукулай, 67 саастаах: Дьэ, бэрт сокуон тахсаары турар эбит. Куһаҕан дьаллыгы хааччахтыыр хайаан да наада. Ол эрэн «барыта икки өрүттээх» диэбиттии, наһаа бобуулары киллэрэр эмиэ соччото суох буолуо дуу. Нууччаларга «запретный плод сладок» диэн этии баар дии. Мин бэйэм адьас кыра сылдьан табаахтаан бараммын, 50-мун ааһан баран бырахпытым. Киһи бэйэтин баҕатынан куһаҕан дьаллыгыттан босхолонуохтаах.
Леня, 26 саастаах: Бэйэм табахтаабаппын, ол эрэн билбэтим дьэ, төһө туһалаах сокуон буолуоҕун. Ыстыраап эрэ хомуйаары хааччахтары киллэрэллэр.
Люда, 22 саастаах: Мин табахтаабаппын, боруобалаан көрбүтүм эрээри сөбүлээбэтэҕим. Доҕотторум үксүлэрэ вайп тардаллар. Табахтаабат киһи табах буруотуттан доруобуйатыгар охсуу ылар, нууччалыы эттэххэ «пассивный курильщик» буолар. Инник сокуон киирэрэ туһалаах буолуо дии саныыбын.
Дьөгүөр, 66 саастаах: Табахтаабаппын, табах сытын олох сөбүлээбэппин. Успуордунан дьарыктанабын, сүүрэбин. Табах киһи тыҥатыгар наһаа буортулаах, онон хааччахтыыр миэрэлэр ылыллаллара сөптөөх.
Бу курдук, «араас дьон – араас санаа». Табаҕы тардыыны сэрэтиигэ уонна хааччахтыырга өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон барылын сэргиир да, сэҥээрбэт да дьоннор бааллар. Оттон хас биирдиибит доруобуйата бэйэбититтэн тутулуктааҕын өйдүөх тустаахпыт. Маныаха норуот дьокутааттарын көҕүлээһининэн ылыллар сокуоннар нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстыырга төһүү күүс буоллуннар.
Антонина НЕУСТРОЕВА
Хаартыскалар куйаар ситимиттэн
- 1
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0