"Уһун аҕыс сыл устата Россия бу түбэлтэни бэрээдэктии, оннун буллара сатаата, геноциды тохтото, Россияҕа эрэнэр эйэлээх нэһилиэнньэҕэ көмөлөһө сатаата " — диэтэ Владимир Путин. Дойду бэрэсидьиэнэ билигин буола турар майгы-быһылаан түргэн уонна быһаччы дьайыылары эрэйэллэрин этэр. "Донбасс норуодунай өрөспүүбүлүкэтэ Россияттан көмө көрдөстө. Онон сибээстээн, ООН Устаабын 51 ыстатыйатыгар, 7 чааһыгар олоҕуран, Федерация Сэбиэтин санкциятынан, Федеральнай Мунньаҕынан ылыллыбыт ДНР уонна ЛНР олохтоохторугар көмөлөһөр дуогабардарынан, мин анал байыаннай операция туһунан быһаарыы ылынным ", — диэн Путин тэлэбиидэнньэ нөҥүө Россия олохтоохторугар эттэ.
Санатан этэр буоллахха, бу иннинэ Донбасс өрөспүүбүлүкэлэрэ Владимир Путиҥҥа көмөлөһөрүгэр көрдөспүттэрэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0