Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -39 oC

Олунньу 17 уонна 22 күннэригэр Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Өймөкөөн уонна Уус Алдан улуустарыгар ыытыллыбыт Бырабыыталыстыба отчуотугар кыттыыны ылла.

Олунньу 17 уонна 22 күннэригэр Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков Өймөкөөн уонна Уус Алдан улуустарыгар ыытыллыбыт Бырабыыталыстыба отчуотугар кыттыыны ылла.

Олунньу 17 күнүгэр Өймөкөөҥҥө Бырабыыталыстыба отчуотун түмүктүүр мунньаҕа Томтор сэлиэнньэтигэр ыытылынна. Бырабыыталыстыба отчуотун сэргэ Томторго быйыл Өймөкөөн улууһугар ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар мунньаҕа буолла.

Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, Өймөкөөҥҥө ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэтин салайааччы Сергей Местников, Урбаан, атыы-эргиэн уонна туризм миниистирэ Юрий Ханды, култуура уонна духуобунай сайдыытын миниистирин бастакы солбуйааччы Афанасий Ноев, инновацияҕа, сыыппаранан сайдыыга уонна инфокоммуникационнай технологияларга миниистирин солбуйааччы Андрей Суслов, доруобуйаҕа харыстабылын миниистирин солбуйааччы Любовь Бурнашева, тэрийэр хамыыһыйа чилиэннэрэ кытыннылар.

WhatsApp Image 2023 02 28 at 16.08.55 1

Сүбэ мунньахха эппиэттээх салайааччылар бэйэлэрин хайысхаларынан ыытыллар үлэни билиһиннэрэн отчуоттаатылар уонна бэлэмнэнии үлэ болдьохторо чопчуланнылар. Болдьоммутун курдук, Олоҥхо ыһыаҕа Өймөкөөн сиригэр быйыл сайын от ыйын 1-2 күннэригэр буолуоҕа.

Сүбэ мунньахха түмүк тыл этэригэр Александр Жирков Өймөкөөн улууһугар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр туһунан олохтоохтор ааттарыттан оччолорго Ил Түмэн дьокутаата Василий Александрович Местников уонна улуус баһылыга Михаил Михайлович Захаров туруорсубуттарын туһунан эттэ. “Урукку өттүгэр Олоҥхо ыһыаҕа сүнньүнэн улуус кииннэригэр, элбэх киһилээх-сүөһүлээх, элбэх дьиэлээх-уоттаах бөдөҥ түөлбэлэргэ тирэҕирэн ыытыллара. Өймөкөөн Томторун курдук суола-ииһэ уустук, ыраах уонна аҕыйах нэһилиэнньэлээх түөлбэҕэ маннык улахан таһымнаах тэрээһин буола илик”, - диэн бэлиэтээтэ. Кини этэринэн, Өймөкөөҥҥө Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр туһунан дьаһал бу сиргэ саха дьоно сүүһүнэн сылларга кэлэн олохсуйан саха төрүт олоҕун, үгэстэрин тарҕаппыттарын, ону харыстаан, бүөбэйдээн күн бүгүнүгэр диэри энчирэппэккэ илдьэ кэлбиттэрин туһугар уонна А.Е. Кулаковскай – Өксөкүлээх Өлөксөй, Өймөкөөн сириттэн тахсыбыт саха киэн туттар дьоно: аатырбыт атыыһыт, меценат Николай Кривошапкин, суруйааччы Николай Заболоцкай – Чысхаан, онтон да атыттар үтүө ааттарыгар тэриллэрин бэлиэтээтэ.

WhatsApp Image 2023 02 28 at 16.08.55

Тэрээһиҥҥэ ситэ илик түгэннэри ыйан туран, Александр Николаевич олохтоох дьону Олоҥхо ыһыаҕын тэрээһинигэр бүттүүн кытталларыгар ыҥырда. “Кырдьаҕас Өймөкөөн сирэ-уота, ураты айылҕата, томороон тымныыта, дьоҕурдаах дьоно-сэргэтэ үгүс дьону сэҥээрдэр. Элбэх ыалдьыт, ону таһынан бэйэҕит биир дойдулаахтаргыт, ытык кырдьаҕастаргыт кэлиэхтэрэ. Саха омуга үйэлэри уҥуордаан, харыстаан илдьэ кэлбит ыһыаҕа Өймөкөөн сиригэр-уотугар саҕаланар кэмэ чугаһаата. Кытаатыҥ, эһиэхэ ситиһиини баҕарабын”,- диэн этиитин олохтоохтор ытыс тыаһынан көрүстүлэр.

WhatsApp Image 2023 02 28 at 16.08.57

*  *  *

Уус Алдаҥҥа Мүрү нэһилиэгэр Бырабыыталыстыба отчуотун СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Сергей Местников салайааччылаах отчуоттуур бөлөх туруорда.

Отчуоттуур мунньахха үгүс киһи сырытта. Олохтоохтор, ханна да буоларын курдук, тыын кыһалҕаларын туруорустулар.

Саха Өрөспүүбүлүкэтин бастакы вице-спикерэ Александр Жирков Бырабыыталыстыба отчуота өрөспүүбүлүкэ бары да улустарыгар балайда көхтөөхтүк бара турарын, дьон-сэргэ маннык тутан олорон көрсүһүүнү суохтаабытын бэлиэтээтэ. Бу иннинэ Дьокуускайга Опера театрыгар Уус Алдан күннэригэр эппитин курдук Александр Николаевич кэлэр сылларга улууска суол-иис, ититии уонна нэһилиэктэргэ улахан болҕомто ууруллуоҕа диэн анаан бэлиэтээтэ.   

Ити кэнниттэн Ил Түмэн бастакы вице-спикерэ Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин олунньу 21 күнүгэр Федеральнай Мунньахха туһаайан этиитин сүрүн ис хоһоонун дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэртэ. Арҕаа буола турар быһыы-майгы туһунан бэйэтин санаатын эттэ, Арассыыйа састаабыгар саҥа киирбит субъектар балаһыанньаларын кэпсээтэ. Хайдах да туох да иирсээнҥэ сүбэлэһиигэ, эйэлэһиигэ дьулуһуу баар буолуохтаах, оннук да буолуоҕа диэн эттэ.

Ол курдук, билигиҥҥи тугуруган Крымҥа, Донецкайга, Луганскайга, Запорожскай уонна Херсон уобаластарыгар барыта холбоон 7 мөл. кэриҥэ нэһилиэнньэлээх, 100-тэн тахса квадратнай километр сир (Саха сирин Илин эҥээр биэс улууһун холбообут саҕа сир эбит) Арассыыйа састаабыгар холбоммут. Ити 600 тыһ. кв. км. иэннээх Украина территориятын 6 гыммыт биирин кэриҥэ эбит. Бу сиргэ билигин байыаннай эпэрээссийэ таһынан босхоломмут сирдэри чөлүгэр түһэрии үлэтэ ыытыллар. Саха сирэ сүнньүнэн Донецкай өрөспүүбүлүкэни кытта сөбүлэһии түһэрсэн үлэлэһэр, көмөлөһөр. Чөлүгэр түһэрэр үлэлэри таһынан аҥардас гуманитарнай көмө быһыытынан 9 т. кэриҥэ таһаҕас барбыт.

Салгыы, Александр Николаевич Арассыыйа Бэрэсидьиэнин этиититтэн субъектар, ол иһигэр Саха сиригэр сыһыаннаах түгэннэргэ тохтоото. Ордук чуолаан Арассыыйа Илиҥҥи субъектарын, тыа сирин, олох-дьаһах коммунальнай эйгэтин өйөөһүҥҥэ уонна Арассыыйаҕа үөрэхтээһин ситимигэр киириэхтээх уларытыыларга болҕомтону туһаайда. Аан Дойдуга Арассыыйаҕа сыһыан мөлтөөбүтүтүнэн Дойдуга экономика бары эйгэтигэр, ону таһынан бэйэ бородууксуйатын оҥорон таһаарыыта, ас-үөл өттүнэн атын дойдулартан тутулуга суох буолар туһугар үп-харчы көрүллүөхтээҕин, ол үптэн-харчыттан Саха Өрөспүүбүлүкэтэ хайдах ирээттэһэн ылыахтааҕын, олохтоох хаһаайыстыбалары өйүөхтээҕин туһунан эттэ.

Анал байыаннай эппэрээссийэ  кыттыылаахтарын уонна бэтэрээннэрин дьиэ кэргэннэригэр көмө судаарыстыбаннай фондата тэриллэрин туһунан эттэ. Фонда сүрүн соругунан көмө бары көрүҥнэрин оҥоруу  – социальнай, медицинскэй, үлэлээх буолууга, уһун кэмнээх дьиэҕэ көрүү-харайыы буолуоҕа. Анал эппэрээссийэҕэ эчэйбит буойуннар хас биирдиилэрин туһугар сыһыарыллыбыт үлэһит  баар буолуоҕун, дьиэ кэргэттэригэр эбии көмөлөр оҥоһуллуохтара.

Александр Жирков маны таһынан Москва, Санкт-Петербург госпиталларыгар бааһырбыт байыастары көрсүбүтүн аҕынна. Түмүккэ кини биир дойдулаахтарыгар санааларын түһэрбэттэригэр, бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн, түмсүүлээхтик олороллоругар, үлэлииллэригэр баҕарда.

Бу күн Мындааба бөһүөлэгэр 32 миэстэлээх олорор уопсайдаах тустуу универсальнай комплексын үөрүүлээх аһыллыытынан эҕэрдэлээн туран, Бороҕоннооҕу олимпийскай эрэллэри бэлэмниир спортивнай оскуола директора Иван Семенович Ноговицыҥҥа уонна бу спортивнай оскуола көҥүл тустууга тренерэ Семен Гаврильевич Петуховка Ил Түмэн наҕараадаларын туттартаата.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34