Бүддьүөт – тыын боппуруос
Бастакы күҥҥэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2022 сылга уонна былааннанар 2023, 2024 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» өрөспүүбүлүкэ сокуонугар Ил Түмэн ааспыт сыл сэтинньи 30 күнүгэр ылбыт уурааҕын пууннарын толоруу уонна сис кэмитиэт сэтинньи 25 күнүнээҕи мунньаҕын быһаарыыларын, итиэннэ өрөспүүбүлүкэ быйылгы уонна былааннанар 2023, 2024 сс. бүддьүөтүгэр корректировкалар бигэргэннилэр.
Сүрүн иһитиннэриини оҥорбут үп миниистирэ Валерий Жондоров бүддьүөт ымпыгын-чымпыгын билиһиннэрдэ, кэккэ хайысхаларынан эбии үбүлээһини хааччыйыы сорудаҕын толорууга туох үлэ ыытылллыбытын туһунан кэпсээтэ.
Ыйытыылар уонна хоруйдар
Ыйытыы көхтөөх буолла. Норуот дьокутааттара дохуот, ороскуот, нолуок чаастарыгар, тус сыаллаах бырагыраамалары үбүлээһиҥҥэ чопчулуур ыйытыылары биэрдилэр. Онно дакылаатчыты таһынан биэдэмистибэлэр салайааччылара хоруйдаатылар.
Норуот дьокутаата Виктор Губарев дьоҕус авиацияны сайыннарыыга чопчу туох үлэ ыытылларын туһунан ыйытта. Тырааныспар миниистирэ Андрей Сивцев билиҥҥи буола турар быһыынан-майгынан ситимнээн, Евросойуус дойдулара биллэрбит сааҥсыйаларын учуоттаан, дьоҕус авиацияны сайыннарыы стратегията оҥоһулларын туһунан эттэ. Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко дьоҕус авиация аалларын атыылаһарга ханнык хампаанньалары кытары төһө хантараак түһэрсиллибитин кэпсээтэ. Онуоха норуот дьокутаата Елена Христофорова: «Саҥа кэлэр сөмөлүөттэр ыраах нэһилиэктэртэн ыарыһахтары таһыыга туһаныллыахтара дуо?» – диэн ыйыппытыгар, вице-премьер: «Биир-икки сөмөлүөтү анал тэрилинэн сэбилииргэ сакаастыахпыт», – диэтэ.
Норуот дьокутаата Алена Атласова элбэх оҕолоох ыалларга бэриллибит уһаайбаларга инфраструктураны тутууну үбүлээһин кээмэйэ намыһаҕын бэлиэтээтэ: «Маннык бардахпытына, биэс сыл устатыгар билигин уочаракка турар 1800 ыал аҥаара эрэ хааччыллыыһы», – диэтэ уонна уочараты дьайыылаахтык хамсатар, Ил Дархан сорудаҕын олоххо киллэрэр туһугар туох дьаһал ылылларын ыйытта.
Норуот дьокутаата Иван Данилов тимир суолунан таһаҕаһы таһыы тарыыба үрдүгэр биирдэм урбаанньыттартан элбэх сурук киирэрин бэлиэтээтэ. Норуот дьокутаата Юрий Баишев сайыҥҥы оҕо лааҕырдарыгар эбии үбүлээһини көрөр наадатын эттэ: «Былырыын Олимпийскай эрэл училищетын үөрэнээччилэригэр биир оҕоҕо күҥҥэ 1400 солк. көрүллэрин ситиспиппит, оттон сайыҥҥы лааҕыр оҕотугар 190 солк. эрэ көрүллэрэ наһаа кыра». Андрей Тарасенко: «Арассыыйа спордун министиэристибэтэ бу хайысханан үбүлээһини оҥорорго бэлэмин биллэрбитэ, биһиги тустаах докумуоннары, ол иһигэр нормативтары оҥорон түһэриэхтээхпит», – диэтэ.
Икки сыл иһинэн быһаарыллыа
Норуот дьокутаата Алена Атласова: «Өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 50 %-нара толору хааччыллыылаахтар, канализациялаахтар, сиэптиктээхтэр, атыннык эттэххэ, сылаас туалеттаахтар, 140 оскуола сыһыары тутуллубут туалеттаахтар, аҕыйах оҕолоох кыра оскуолалар биотуалеттары туһаналлар, оттон аҕыс оскуолаҕа оннук төрүт суох, үөрэнээччилэр кыһыҥҥы бытарҕан тымныыга таһырдьа тахсаллар», – диэтэ. Аныгы технология балысханнык сайдар кэмигэр былыргылыы олоруу оҕо доруобуйатыгар, демографияҕа охсуулааҕын санатан туран, бу хайысханан туох үлэ ыытылларын билиэн баҕарда.
Үөрэх миниистирэ Ирина Любимова иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэргэ толору хааччыллыыны киллэрии, эргэ оскуолаларга септиктэри туруоруу, ол сатаммат түбэлтэтигэр дьоҕус дьиэни сыһыары тутан, сылаас туалеттары оҥоруу үлэтэ утумнаахтык ыытылларын, сорохтор кыһыҥҥы тымныы ыйдарга биотуалеттары туһаналларын туһунан кэпсээтэ. «Бу үлэҕэ «Иитэр-үөрэтэр тэрилтэлэри тупсаран оҥоруу» федеральнай бырагырааманан хапытаалынай өрөмүөҥҥэ көрүллэр харчы тирэх буолар, кэлэр икки сылга ити аҕыс оскуолаҕа сылаас туалет баар буолуоҕа», – диэтэ.
Тоҕо туһаныллыбата?
Бүддьүөт корректировкатыгар киллэриллэр көннөрүү табылыыссатын пууннарынан ырытыы буолла. Сөптөөх дьаһал ылыллан, сорох көннөрүү бэбиэскэттэн туоратылынна, сорох этии үбүлээһин суоҕунан тохтотулунна, сорох боппуруос үбүлээһинэ тустаах бырагыраама иһинэн барара биитэр аныгыскы сырыыга көрүллэрэ быһаарылынна.
Вице-спикер Антонина Григорьева көҕүлээһининэн Дьахталлар сийиэстэригэр 1 мөл. солк. көрөргө туруорсуу оҥоһуллубута саппаас пуондаттан уонна бүддьүөтү таһынан харчы тардыллан быһаарыллыбыт, онон табылыыссаттан уһулунна.
Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах көҕүлээһиннэр киэҥ кэпсэтиини таһаардылар. Норуот дьокутаата Владимир Прокопьев Мэгэдьэк сылгытын иитиигэ идэтийэр Степан Васильев аатынан сылгы собуотугар былырыын көрүллүбүт 18 мөл. солк. кыайан туһаныллыбакка төннөрүллүбүтүн, итиэннэ бу харчыны быйыл хаттаан көрөргө эттэ. Тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов хаһаайыстыба сылгытын ахсааныгар араастаһыы тахсан хаалан, экспертиза саҥаттан ыытыллан, көрүллүбүт харчыны кэмигэр кыайан туһамматаҕын быһааран туран, быйылгы бүддьүөккэ үбүлээһини көрөргө көрдөстө.
Норуот дьокутааттара үп кэмигэр туһаныллыбатаҕын сэмэлээтилэр. Сорохтор Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ити харчыны быйылгы бүддьүөтүгэр көрбөтөҕүн быһыытынан, туттунарга, итиэннэ аныгыскы сырыыга көрөргө эттилэр. Андрей Находкин: «Бу боппуруоһу аныгыскыга көһөрдөххө, атын боппуруос устулларыгар тиийиэҕэ», – диэтэ уонна ас-үөл өттүнэн куттал суох буолуутун хааччыйарга сүөһү-сылгы иитиитэ улахан суолталааҕын санатан, өйүүргэ ыҥырда. Мунньаҕы салайан ыытааччы, Ил Түмэн бүддьүөккэ, үпкэ-харчыга, нолуок уонна сыана бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Юрий Николаев саҥа сааҥсыйаларынан ситимнээн, ас-үөл бастакы суолталаах буолуоҕун санатан, өйүүрүн биллэрдэ.
Комбикорм? Комбикорм!
Аммаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Ленскэйгэ хаас пиэрмэтин тэрийэргэ уонна комбикорм собуотун тутарга анаан «Туймаада» ҮАПК устааптаах хапытаалыгар үбү көрүү боппуруоһугар улахан болҕомто уурулунна. Норуот дьокутааттара түргэнник ситэр салааны сөргүтүү наадалааҕын бэлиэтээтилэр эрээри, тоҕо хайаан да хаас иитиллиэхтээҕин мунаахсыйдылар. Саҥа комбикорм собуотун Нерюнгригэ тутуу боппуруоһа үөрэтиллэрин Виктор Федоров кыраабылга үһүстээн үктэниигэ тэҥнээтэ. Антонина Григорьева Нерюнгриттэн комбикорманы таһыы ороскуота наһаа улахан буолуоҕун, киин улууска тутар ордугун эттэ. Владимир Прокопьев «Ньурбатааҕы көтөр фабриката» ХЭТ биир эрэ ыйга туттар комбикормата баарын, эбии атыылаһарыгар харчыта суоҕун туһунан эппитэ боппуруоһу ордук сытыырхатта.
– Быйыл тыа хаһаайыстыбатыгар хайа да сыллааҕар үгүөрү үп көрүллүбүтэ дии? Уонна тоҕо көтөр хаһаайыстыбата аһа суох буолбутун саҥа истэбитий? – диэн ыйытыы күөрэйдэ.
Онуоха тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Александр Атласов көтөрү иитэр Дьокуускайдааҕы, Ньурбатааҕы, Нерюнгритааҕы хаһаайыстыбаларга уонна сибиинньэҕэ идэтийэр Хатастааҕы, Мархатааҕы хаһаайыстыбаларга көрүллүбүт харчы, сыана үрдээһин түмүгэр, наадыйыы 41 %-ын эрэ хааччыйарын быһаарда. Түмүккэ хаһаайыстыбалары эбии аһылыгынан харыыта суох хааччыйарга комбикорманы бэйэҕэ оҥоруу быдан көдьүүстээҕэ бэлиэтэннэ, итиэннэ кэпсэтии бүгүҥҥүнэн эрэ бүппэтэ, өссө даҕаны көрүллэрэ этилиннэ. Тыа сиригэр уонна аграрнай бэлиитикэҕэ сис кэмитиэт сүөһү эбии аһылыгын бэлэмнээһин, түргэнник ситэр салаа уонна мелиорация боппуруостарыгар анаммыт суругу бэлэмнээн киллэрэригэр сорудахтанна.
Мунньах иккис күнүгэр үс сокуон, ол иһигэр «Саха Өрөспүүбүлүкэтин Счетнай палаататын туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонугар уларытыылары киллэрии туһунан» сокуон барыла, бастакы ааҕыыга бигэргэннилэр.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0