Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -4 oC

Сэтинньи 29-30 күннэригэр СӨ сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэнин дьокутааттара төрдүс пленарнай мунньахха мустуохтара. Маныаха бу иннинэ күннэргэ сис кэмитиэттэр бэбиэскэҕэ киириэхтээх боппуруостары дьүүллэһэллэр. Сүбэ мунньахтарга сис кэмитиэттэр чилиэннэрэ, норуот дьокутааттара, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара кыттыыны ылаллар.

Сэтинньи 29-30 күннэригэр СӨ сэттис ыҥырыылаах Ил Түмэнин дьокутааттара төрдүс пленарнай мунньахха мустуохтара. Маныаха бу иннинэ күннэргэ сис кэмитиэттэр бэбиэскэҕэ киириэхтээх боппуруостары дьүүллэһэллэр. Сүбэ мунньахтарга сис кэмитиэттэр чилиэннэрэ, норуот дьокутааттара, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр салайааччылара кыттыыны ылаллар.

Былаан бигэргэннэ

Сэтинньи 17 күнүгэр Ил Түмэҥҥэ Судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэт мунньаҕа ыытылынна. Сүбэ мунньаҕы сис кэмитиэт  бэрэссэдээтэлэ, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Афанасий Владимиров ыытта. Бэбиэскэҕэ 12 боппуруос киирбититтэн,  иккитин көтүрдүлэр, биири аныгыс кэмитиэт мунньаҕар көһөрөргө быһаардылар.

Маҥнайгы боппуруоһунан 33 №-дээх Усуйаана мировой судьуйатын дуоһунаһыгар Юрий Анисимов  хандьыдатууратын көрдүлэр. Юрий Семенович өр сылларга юридическай салааҕа үлэлээбит уопуттаах, онон хандьыдааты бигэргэтиини аныгыс пленарнай мунньахха киллэрдилэр. Иккиһинэн, биир миэстэҕэ СӨ Уопсастыбаннай балаататыгар хандьыдааттары көрдүлэр. Санатан эттэххэ, бу иннинэ үлэлии сылдьыбыт балаата чилиэнэ Светлана Давыдова Ил Түмэҥҥэ дьокутаатынан талыллан, миэстэтин босхолообута. Уопсайа түөрт хандьыдаат киирбититтэн, биир хандьыдааты уһуллулар, үс хандьыдааты пленарнай мунньахха кистэлэҥ куоластааһыҥҥа киллэрэргэ быһаарыы ылыннылар.  Маны тэҥэ сис кэмитиэт кэлэр сыллааҕы үлэтин былаанын бигэргэттэ.

Сокуоннар, уларыйыылар

Атын боппуруостарга Сахабыт Сирин сокуоннарын  федеральнай сокуоннарга сөп түбэһиннэриини дьүүллэстилэр.  Ол курдук, чуумпуну кэһии иһин административнай боротокуолу дьаһалта үлэһиттэрэ толорор кыахтаныахтара. «СӨ административнай буруйу оҥоруу Кодексатыгар уларытыы киллэрии туһунан» сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыга ылынарга эттилэр.

Билигин дойду үрдүнэн чуумпуруу туһунан федеральнай таһымнаах сокуон суох. Итинэн сибээстээн, уоскулаҥ, чуумпу буолуу туһунан нуормалар хас биирдии эрэгийиэҥҥэ туспа ылыллаллар. Эрэгийиэн былаастара билигин түүҥҥү өрөмүөн, о.д.а. тыастаах үлэлэри, тэрээһиннэри ыытыыны уонна уоскулаҥ буолуу кэмин бэйэлэрэ көрөн быһаараллар. Ити, бастатан туран, территориальнай уратыларын көрөн быһаарыллыбыта.

Саха Сиригэр үлэлиир сокуонунан, гражданнар уоскулаҥ, чуумпуруу уонна сынньалаҥ кэмнэрин тутуһууга, ордук түүҥҥү кэмҥэ, доруобуйаны харыстааһыҥҥа уонна үлэһит киһи үлэҕэ сыһыанын үрдэтэргэ суолталаах. Биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр уопсай дьиэлэргэ киэһэ 9-тан сарсыарда 8 чааска диэри чуумпуруу буолуохтаах. Маны таһынан күнүс 13.00-15.00 чааска диэри чуумпурууну олохтуур ирдэнэр. Бу саастаах, биэнсийэлээх дьон, итиэннэ кыһыл оҕолоохтор интэриэстэрин көмүскүүр сыалтан киирбитэ.

2016 c. Ил Түмэн XXI пленарнай мунньаҕын бэбиэскэтигэр Дьокуускай куорат думатын көҕүлээһининэн Саха Өрөспүүбүлүкэтин административнай сокуонун кэһии туһунан Кодексатын түүҥҥү кэмҥэ чуумпурууну кэһиини хонтуруоллуур ыстатыйатыгар уларытыы киллэрэр туһунан сокуон барылын көрбүттэрэ. Түмүгэр парламент «Чуумпуруу туһунан» өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон ылыммыта. Ол эрэн, административнай боротокуолу РФ сокуонунан Ис дьыалаҕа министиэристибэтин үлэһиттэрэ эрэ толорор кыахтаахтар. Онон, РФ Ис дьыалаҕа министиэристибэтэ СӨ толорор уорганнарын кытары боломуочуйаны биэриигэ сөбүлэҥ баар буолуохтаах. Оччотугар СӨ административнай буруйу оҥоруу Кодексатыгар олоҕуран, олохтоох бэйэни салайыныы уорганын хамыыһыйатын бэрэссэдээтэлэ, солбуйааччыта, эппиэтинэстээх сэкирэтээрэ боротокуол толорор кыахтаналлар. Бу этиллэр барылынан сокуоҥҥа уларытыы киллэрэн, Ис дьыала министиэристибэтэ уонна СӨ толорор былааһын уоргана сөбүлэҥнэрэ суох буолуутугар, административнай сокуону кэһии боротокуолларын олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын административнай хамыыһыйаларын тустаах үлэһиттэрэ толорор кыахтаныахтара.  Кэмитиэт чилиэннэрэ сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыга ылынарга быһаардылар.

Түөрт саҥа сокуон барыла

Сэтинньи 17 күнүгэр  Ил Түмэн наукаҕа уонна үөрэххэ сис кэмитиэтин мунньаҕа ыытылынна.  Сүбэ мунньаҕы сис кэмитиэт  бэрэссэдээтэлэ  Антонина Григорьева салайан ыытта. Маҥнайгы боппуруоһунан уопсай үөрэхтээһин судаарыстыбаннай аккредитациятын ааспыт кэтэх оҕо уһуйааннарын, алын, орто уонна сүрүн үөрэхтээһин тэрилтэлэрин хааччыйыыга сорох судаарыстыбаннай боломуочуйалары муниципальнай оройуоннарга уонна куорат уокуруктарыгар биэриини дьүүллэстилэр. Сокуон барылын СӨ Бырабыыталыстыбата көҕүлүүр.

СӨ Үөрэҕириигэ миниистирин солбуйааччыта Михаил Присяжный быһаарбытынан, маннык тэрилтэлэргэ РФ Бүддьүөтүн Кодексатын 78 уонна 78.1 ыстатыйаларынан судаарыстыбаннай бүддьүөттэн субсидияны биэриини сокуон барыла көрөр.

Норуот дьокутаата Анатолий Николаев үлэни ким сүрүннүүрүн уонна кэтэх оҕо уһуйааннарын уонна үөрэҕирии тэрилтэлэрин үбүнэн хааччыйыыга судаарыстыбаннай боломуочуйалары биэриигэ утарсыы тахсыан сөп дуо диэн чопчуласта. Антонина Григорьева иһитиннэрбитинэн, өрөспүүбүлүкэҕэ билиҥҥитэ 44 чааһынай оҕо уһуйаана баар. Олортон 43-һэ Дьокуускай куоракка, биир Мэҥэ-Хаҥаласка. «Бастаан утаа боппуруос элбэх этэ. Бу сокуон барылын быһаарсыы, үөрэтии үөрэҕирии министиэристибэтинэн ыытылынна, онон боппуруостар тахсыа суохтаахтар. Кырачааннар уһуйааннарга миэстэ ылалларын бүтэһик үс сылга ситистибит, маныаха кэтэх уһуйааннар оруоллара улахан»,  - диэтэ Антонина Григорьева.

СӨ Үөрэххэ уонна билимҥэ маҥнайгы солбуйааччыта Алевтина Аргунова субсидия үөрэх сүрүн бырагыраамаларын толорууга көмө буоларын, ол курдук, хамнас төлөөһүнүгэр, учуобунньуктары уонна босуобуйалары, үөрэтэр маллары, оҕо оонньуурдарын атыылаһыыга бэриллиэн сөптөөҕүн эттэ. ОДьКХ ороскуоттарын уонна дьиэ-уот инфраструктуратын хааччыйыыга харчы көрүллүбэтин быһаарда.  Онон оҕо уһуйааннарыгар биир кэлим судаарыстыбаннай ыстандаартынан бэриллэр буоллахтарына, утарсыы тахсыа суохтааҕа бэлиэтэннэ. Дьүүллэһии кэннэ кэмитиэт чилиэттэрэ сокуон барылын маҥнайгы ааҕыыга киллэрэргэ куоластаатылар.

Үлэнэн хааччыйыы

Иккис боппуруоһунан СӨ Үөрэҕириитин сокуонугар уларытыылары киллэриини көрдүлэр. Сокуон барылын СӨ Борокуруора М.Н. Попов көҕүлээтэ. Иһитиннэриини СӨ Борокуратууратын сокуоннай саастарын ситэ илик гражданнар бырааптарын уонна интэриэстэрин кэтиир отдел начаалынньыга Татьяна Сараева оҥордо. Сокуон барыла «РФ Үөрэҕирии сокуонун» 40 ыст. 3 чааһын толорууга туһуланар. Докумуон дьокутааттарга элбэх боппуруоһу үөскэттэ, Ил Түмэн судаарыстыбаннай-быраап управлениетыттан бэлиэтээһиннэрдээх. Онон парламентарийдар бырайыак ситэри үөрэтиллэн баран, хаттаан оҥорон киллэриллэригэр эттилэр.

Салгыы дьокутааттар СӨ үөрэҕириитин сокуонун 20-с ыстатыйатыгар уларытыылары киллэриини дьүүллэстилэр уонна маҥнайгы ааҕыыга бигэргэттилэр. Сокуон барылын норуот дьокутаата Антонина Григорьева көҕүлээбит. Кини быһаарбытынан, орто уонна үрдүк үөрэх кыһаларыгар судаарыстыбаннай субсидиянан тус сыаллаах миэстэҕэ үөрэммит, идэ баһылаабыт исписэлиис үлэни булгуччу булуохтаах. Сокуон барыла ыччат ханна үлэлиирин, олорорун эрэ быһаарыыга буолбатах, каадырдары бэлэмнээһин боппуруоһун таарыйар.

 Уһуйуу института

Маны сэргэ кэмитиэт чилиэннэрэ «Педагогическай үлэһиттэр ураты ыстаатыстарын сорох хааччыллыыларын туһунан» сокуон барылын көрдүлэр. Бу сокуон барыла ааспыт алтыс ыҥырыылаах Ил Түмэн мунньахтарын кэмиттэн чочуллан үөрэтиллэр. Санатан эттэххэ, учууталлар уонна педагогическай уопсастыбаннас XIV сийиэстэрин быһаарыытын олоххо киллэриигэ тустаах пуун бастакынан турар. Бу сокуон барыла «Учуутал туһунан» сокуону уларыппат, педагогическай үлэһиттэр идэҕэ таһымнарын, эдэр исписэлиистэри социальнай өттүнэн өйүүр миэрэлэри үрдэтэр, ону тэҥэ, уһуйуу институтун олохтуур. Итини таһынан сокуон барыла эдэр исписэлиистэргэ урукку кэмнэр курдук «көтөҕөр үбүлээһини» (подъемные) төлөөһүн, тыа сиригэр, оробуочай бөһүөлэктэргэ үлэлии барааччыларга хамнаска эбиилик, бастаан үлэлээччилэргэ эбии төлөбүр,  үлэ миэстэтигэр тиийэллэригэр бырайыастарын толуйуу пууннарын холбуур. Кэмитиэт чилиэннэрэ докумуон педагогтар бырааптарын үрдэтэрин, эдэр исписэлиистэри социальнай өттүнэн өйүүрүн, уһуйуу институтун олохтуурун этэн туран, маҥнайгы ааҕыыга ыланарга быһаардылар.

Ыччаты үлэҕэ бэлэмнээһин

Салгыы норуот дьокутааттара «Аныгы усулуобуйаҕа политехническай үөрэхтээһиҥҥэ ыччаты үлэҕэ бэлэмнээһин» диэн төгүрүк остуол мэктиэлэрин бигэргэттилэр. Бүтэһик боппуруоһунан элбэх оҕолоох уонна соҕотох төрөппүттэрдээх дьиэ кэргэттэр оҕолоругар олорор сирдэринэн үөрэх тэрилтэлэригэр бастакы уочаратынан миэстэ биэрээһини көрдүлэр. Боппуруоһу Орловскай уобалас норуот дьокутааттарын Сэбиэтэ Госдумаҕа 2023 с. алтынньы 27 күнүгэр киллэрбитэ.

«Элбэх оҕолоох уонна соҕотох төрөппүттэрдээх дьиэ кэргэттэр судаарыстыбаннай өйөбүлгэ наадыйаллар, маннык чэпчэтиилэр киирэллэрэ ирдэнэр, оҕолор олорор сирдэринэн уопсай үөрэхтээһини баһылыахтаахтар» диэн парламентарийдар сөбүлэстилэр. Дьокутааттар быһаарыы дьиэ кэргэн олоҕор табыгастааҕын ааһан, демографияны тупсарыыга көмө буолуон сөбүн бэлиэтээтилэр. Сокуону федеральнай таһымҥа ылынар көдьүүстээх буоларын эттилэр.

Хаартыска: Куйаар ситимиттэн.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением