Тус көрсүһүүгэ 5 сайаапка киирдэ.
Анал байыаннай операцияҕа кытта сылдьан олохтон туораабыт Василий Даниловка Россия дьоруойун үрдүк аатын иҥэрэргэ аймах-билэ дьоно уустуктары көрсүбүттэрин эттилэр. Александр Жирков бу боппуруоһу быһаарарга Ил Түмэн юриһыгар сорудах биэрдэ.
Атаҕа ыалдьар Е. 2 №-дээх Өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһаҕа эпэрээссийэлэнэригэр көмө наадатын биллэрдэ. Нэһилиэнньэҕэ медицинскэй көмөнү тэрийэр департамент салайааччыта Дьулустан Чичахов этэринэн, Е. докумуона травмотолог-ортопедка соторутааҕыта көрүүгэ барбыта. Эпэрээссийэ наадатын-суоҕун кини быһаарыахтаах. Александр Жирков быраас быһаарыытын күүтэргэ сүбэлээтэ уонна бу дьыала салгыы даҕаны кини хонтуруолугар сылдыа диэн эрэннэрдэ
Л. медицина үлэһиттэригэр анаан социальнай бырайыак тэрийэр былаанын туһунан кэпсээтэ. Ол курдук, Василий Никифоров-Күлүмнүүр аатынан уйулҕа үөрэҕин киинин уонна кини аатынан бириэмийэни олохтууругар юридическай харгыстары көрсүбүтүн туһунан эттэ. Юрист ити боппуруоска Л.-га сүбэ-ама биэрдэ.
Байаҕантай нэһилиэгин олохтоохторо гражданскай сэрии дьоруойа Гаврил Егоров аатын үйэтитэри туруорсаллар. Олохтоохтор дьоруой 120 сааһыгар тахса сылдьыбыт «Номох буолбут олох» кинигэни саҥардан, архыып докумуоннарын тилиннэрэн өссө улахан кинигэ таһаарарга баҕа санааларын эттилэр. Ону тэҥэ Илья Находкин суруйбут Хабырылла Дьөгүөрэп туһунан дырааматын Саха тыйаатырыгар дьон-сэргэ көрүүтүгэр өссө биирдэ таһаарыахха наада диэтилэр. Итиэннэ гражданскай сэрии дьоруойун туһунан уус-уран киинэ устуохха уонна мэҥэ тааһын саҥардыахха диэн этиилэри киллэрдилэр. Александр Жикров эппитинэн, Гаврил Егоров аатын өрөспүүбүлүкэ таһымыгар таһаарарга Ил Дархан аатыгар итэҕэтэр дакаастабыл суругу бэлэмниир наада.
Кыраайы үөрэтээччи Ф. Аал Луук мас суолтатын киэҥ эйгэҕэ биллэрэр наадатын эттэ. Кини тюрколог Николай Антонов «Наследие предков» кинигэтэ итиннэ суолдьут сулус буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0