Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 6 oC

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев сэтинньи 27 күнүгэр Нам улууһугар оробуочай сырыы чэрчитинэн Тумул бөһүөлэгэр үлэлээтэ, нэһилиэнньэни кытта көрүстэ.  

Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Алексей Еремеев сэтинньи 27 күнүгэр Нам улууһугар оробуочай сырыы чэрчитинэн Тумул бөһүөлэгэр үлэлээтэ, нэһилиэнньэни кытта көрүстэ.  

Модут нэһилиэгин олохтоохторун кытта көрсүһүүтүгэр спикер Алексей Еремеев Ил Түмэн билиҥҥи үлэтин, ол иһигэр 2022 сыллааҕы бүддьүөт бырайыагын билиһиннэрдэ. Алексей Ильич эһиилги сылга тыа хаһаайыстыбатыгар урут хаһан даҕаны көрүллүбэтэх улахан өйөбүл оҥоһулларын бэлиэтээтэ. Парламент бэрээссэдээтэлэ Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаевка агропромышленнай комплексы үбүлүүргэ, итиэннэ дьокутааттар бөлөхтөрүн көҕүлээһиннэрин өйүүрүн биллэрбитигэр махтанна. Алексей Ильич бэлиэтииринэн, Саха сирин бүддьүөтүттэн 10 % кэриҥэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга, итиэннэ тыа сирин өйүүргэ ананыа. Солкуобайга таһаардахха, быһа холоон 14-15 млрд. харчы.

ЕАИ3.jpg

Бөһүөлэк олохтоохторо социальнай эбийиэктэри тутууга, нэһилиэнньэлээх пууну гааһынан хааччыйыыга сыһыаннаах ыйытыыларын бэрэссэдээтэлгэ биэрдилэр.

Норуот дьокутаата сөбүлэҥ хамыыһыйатын, итиэннэ тустаах кэмитиэт мунньахтарыгар оскуоланы тутуу боппуруоһа көрүллүбүтүн иһитиннэрдэ. Нам улууһун Тумул бөһүөлэгэр 150 миэстэлээх оскуоланы тутууга эбии үбүлээһини көрүүгэ  барыллаан өйөммүт.  

Оробуочай сырыы кэмигэр Ил Түмэн бэрэссэдээтэлэ Аппааны бөһүөлэгэр тутулла турар култуура киинин хонтуруоллаан көрдө. Санатар буоллахха, «Культура» национальнай бырайыак чэрчитинэн Саха сиригэр тутуллар бу үһүс улахан эбийиэк буолар. Өрөспүүбүлүкэ уонна бэдэрээссийэ үбүлээһиннэринэн эбийиэги тутууга 286 мөл.солкуобай көрүллүбүт. Аппааныга 2005 сылтан култуура дьиэтэ суох буолан, олохтоохтор саҥа киин аһылларын олус күүтэллэр.    

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением