Бу туһунан Федерация Сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Воробьев иһитиннэрдэ.
Муус устар 1 күнүгэр диэри Российскай Федерация сенатордара, сокуон ирдэбилинэн, дохуоттарын, ороскуоттарын, баай-дуол туһунан сибидиэнньэлэри биэрии эбэһээтэлистибэлэрин бары толордулар.
Санатахха, Госдума спикерэ Вячеслав Володин дьокутааттар дохуот, баай-дуол туһунан декларацияны туттарыыны муус устар 1 күнүгэр диэри хойутаабаттарыгар этиммитэ. 14 үлэ хонук устата бу дааннайдар Госдума официальнай саайтыгар бэчээттэниэхтэрэ. Бэҕэһээ декларацияны 414 дьокутаат туттарда.
-
1
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0















