– РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Владимирович Путин “Арассыыйа 2030 сылга диэри сайдыытын национальнай тосхоллоро” диэн ыйааҕар дойду салалтатын иннигэр чопчу сыаллары-соруктары туруорда. Итиэннэ номнуо биллэр сайдыы хайысхалара эмиэ чопчуланнылар. Олор национальнай бырайыактарга киирэ сылдьаллар. Билиҥҥитэ Бырабыытылыстыба национальнай бырайыактары олоххо киллэрэргэ дьулуһар, – диэтэ Елена Голомарева.
Норуот дьокутаата судаарыстыбаннай, эрэгийиэннээҕи уонна муниципальнай бырагыраамалар бүтүннүү ыйаахха ыйыллыбыт сыаллары-соруктары ситиһэргэ туһаайыллыахтаахтарын бэлиэтээтэ. Елена Христофоровна сотору кэминэн национальнай бырайыактар тосхоллоро эбии чопчуланан барыахтаахтарын эттэ.
Парламентарий Бэрэсидьиэн ыйааҕар нэһилиэнньэ дьадайыытын боппуруостарыгар улахан болҕомто ууруллубут ыйда. Онон Российскай Федерация хас биирдии эрэгийиэнигэр дьадайыы таһымын 2 бүк аччатар сорудах турбут. Күн бүгүн коронавирус тарҕанан, урбаан эйгэтэ уустук балаһыанньаҕа түбэстэ. Онон бу хайысха салгыы сайдыытын боппуруостара чопчуламмыттарын Елена Христофоровна кэпсээтэ.
– Мин санаабар, бүгүҥҥү күҥҥэ нэһилиэнньэни, кини доруобуйатын уонна уйгутун харыстааһын – барыбыт сүрүн сорудаҕа. Ити сорудаҕы төһө ситиһиилээхтик толорорбут, үлэтэ суох буолуу боппуруоһун хайдах быһаарарбытыттан быһаччы тутулуктаах. Онон субу хайысхаҕа уһулуччу болҕомто ууруллан, тустаах уонна көдьүүстээх үлэ-хамнас барыахтаах. Билигин биһиги бары биир сыаллаахпыт, ол нэһилиэнньэ уйгутун, олоҕун-дьаһаҕын тупсарыы буолар, – диэн Елена Голомарева санаатын эттэ.
Ил Түмэн пресс-сулууспатын матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0