Саха Сирэ Уһук Илин эрэгийиэннээҕи баалабай бородууктатын уопсай кээмэйин 20% хааччыйар, итиэннэ эрэгийиэннээҕи баалабай бородуукта, инвестиция уонна нолуок киириитин кээмэйинэн инники кирбиигэ сылдьар. Өрөспүүбүлүкэ эрэгийиэннээҕи баалабай бородууктатын кээмэйэ 2020 сыллааҕы көрдөрүүнү 10,5% куоһаран, 1 трлн 458,8 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, бу пандемия иннинээҕи 2019 сыл көрдөрүүтүттэн 0,2% үрдүк.
Саха Өрөспүүбүлүкэтэ бырамыысыланнай оҥорон таһаарыыга дойдуга бастыҥ көрдөрүүлээхтэр ахсааннарыгар киирсэр (2021 сыл тохсунньу-сэтинньи ыйдарыгар 5 миэстэҕэ турара), итиэннэ Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурукка 2 миэстэни ылар. Бырамыысыланнай оҥорон таһаарыы индексэ кэнники 11 сылга муҥутуур үрдүк көрдөрүүлэннэ, итиэннэ 2020 сылы кытты тэҥнээтэххэ, 116,1% тэҥнэстэ, оттон 2019 сыл таһымыгар тэҥнээтэххэ 110,6% буолла. Урукку кэмнээҕи үрдүк көрдөрүүлэр тупсарылыннылар: 25,8 мөл. туонна чох (2020 сыл кээмэйиттэн 1,6 төгүл үрдүк), 17,3 мөл. туонна ньиэп (108,1%), 14 млрд куб.м. гаас (2 төгүл), 42 туонна кыһыл көмүс (103,3%) уонна 130 туонна үрүҥ көмүс (1,5 төгүл) хостонно.
2021 сылга сүрүн хапытаалга инвестицияны тардыы кээмэйэ 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ 131% үрдээн, 305 млрд солкуобайга тэҥнэстэ. “Илиҥҥи Денисовскай” шахта иккис уочарата үлэҕэ киирдэ, Томпо оройуонугар Нежданинскай хайаны байытар кэмбинээти тутуу түмүктэннэ.
Экэниэмикэ сүрүн сиэктэрдэрин чөлүгэр түһүүтэ уонна туруктаах буолуулара бүддьүөт дохуота бигэтийиитин хааччыйаллар. 2021 сылга өрөспүүбүлүкэ предприятиеларын уонна тэрилтэлэрин дохуоттарын уонна 6 ороскуоттарын араастаһыыта 265 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, бу 2020 сыллааҕар 20% элбэх (2019 сылтан 33,5% үрдүк). 2021 сылга нолуок киириитэ уонна нолуоктан атын дохуот киириитэ 47%, босхо кэлбит киирии 8,4% үрдээбитин суотугар өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннай бүддьүөтүн дохуота 320 миллиартан тахса солкуобайга тэҥнэстэ, бу 2020 сыллааҕы таһымтан 28,4% үрдүк (дьаҥ туруон иннинээҕи 2019 сылтан 45,6% үрдүк).
2021 сылтан судаарыстыба тыа хаһаайыстыбатын өйүүр саҥа механизмнарын олоххо киллэрии саҕаланна. Бу дьаһаллар хаһааҥҥытааҕар да кураан сайыҥҥа оҥорон таһаарыы таһымын түһэрбэт кыаҕы үөскэттилэр. 2021 сылга үүнээйини үүннэрии бородууксуйатын оҥорон таһаарыы таһыма намтаан, тыа хаһаайыстыбатын баалабай бородууксуйатын кээмэйэ 26,6 млрд солкуобайга тэҥнэстэ, бу 2020 сылы кытта тэҥнээтэххэ 98,9% буолар.
Национальнай бырайыактар олоххо ситиһиилээхтик киллэриллэн, федеральнай киини кытта көдьүүстээх үлэ ыытыллан, үбүлэниилэрин кээмэйэ сыл аайы улаатар, онон тус сыаллаах соруктар туолан иһэллэр. 2021 сылга национальнай бырайыактары олоххо киллэриигэ 45,4 млрд солкуобай көрүлүннэ, бу 2020 сыл таһымыттан 37% элбэх, ол иһигэр федеральнай бүддьүөттэн 32,0 млрд солкуобай (ааспыт сыллааҕар 1,8 төгүл элбэх) ыытылынна.
Инфраструктураны тэрийии тэтимэ түргэтээтэ: саҥа оскуолалар, уһуйааннар, суоллар, аэропуортар, сибээс волоконнай-оптическай лииньийэлэрэ баар буоллулар.
Социальнай суолталаах 46 бөдөҥ эбийиэк үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр уопсайа 1 320 миэстэлээх 10 оскуола, 2 170 миэстэлээх 13 уһуйаан, култуура 7, доруобуйа харыстабылын 10 эбийиэгэ (уопсай быраактыка бырааһын 1 офиһа, 5 быраас амбулаторията, 3 ФАП, 1 суһал медицина көмөтүн отделениета), физическэй култуура уонна успуорт 5 эбийиэгэ уонна Бүлүү улууһун Сосновка с. Бүлүүтээҕи психоневрологическай интэринээт-дьиэ 150 миэстэлээх олорор куорпуһа.
2021 сылга Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана А.С. Николаев көҕүлээһининэн биллэриллибит Чэбдигирии сылыгар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун доруобуйаларын харыстыыр уонна тупсарар соруктаах салаалар икки ардыларынааҕы кэлим сыһыаны олохтуур үлэ – Чэбдигирии уон сыла саҕаланна.
Саха Сиригэр иккис сылын нэһилиэнньэ көһөн кэлиитин көрдөрүүтэ нэһилиэнньэ көһөн барыытын көрдөрүүтүн куоһарда, ол курдук 2021 сылга бу көрдөрүү 7,0 тыһ. киһиэхэ тэҥнэстэ. Уһук Илин эрэгийиэннэрин ортотугар Саха Сиригэр оҕо төрөөһүнүн уонна нэһилиэнньэ айылҕа быһыытынан эбиллиитин таһыма саамай үрдүк. Ол курдук, 2021 сылга нэһилиэнньэ айылҕа быһыытынан эбиллиитэ 1 000 нэһилиэнньэҕэ 1,7 киһиэхэ тэҥнэстэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үлэ ырыынага бигэтийдэ. 2021 сылга үлэтэ суох буолуу уопсай таһымын кээмэйэ 6,9% буолла, учуокка турбут үлэтэ суохтар ахсааннара 3,6 төгүл аҕыйаан 1,6% буолла (дьаҥ туруон иннинээҕи таһымы кытта тэҥнэстэ).
Дьоҕус уонна орто урбаанынан дьарыктанааччылар ахсааннара кэнники 2 сылга муҥутуурдук элбээтэ, ол курдук 2021 сыл бүтүүтүгэр 30 тыһыынча киһинэн, ол иһигэр бэйэлэрэ дьарыктаах 16,6 тыһыынча киһини ааҕан туран, 117 тыһыынча киһиэхэ тэҥнэстэ.
2021 сыл бастакы аҥаарыгар нэһилиэнньэ дохуотун таһыма (101,1%) дьаҥ туруон иннинээҕи таһымҥа тиийэн, үһүс кыбаартал түмүгүнэн 2019 сылга ситиһиллибит дьиҥ дохуот таһыма куоһарылынна. 2021 сыл 3 кыбаарталыгар нэһилиэнньэ харчынан дууһаҕа тиксэр орто дохуота 7,5% улаатан 46 085,5 солкуобайга тэҥнэстэ, уу харчынан дохуот үүнүүтэ 102,8% тэҥнэстэ. Бырамыысыланнаһы киллэрбэккэ аахтахха, орто хамнас кээмэйэ 6,8% үрдээн, 75 429 солкуобайга тэҥнэстэ, хамнас дьиҥ үүнүүтэ – 101,3%.
2021 сыл сайыныгар хаһааҥҥытааҕар да итии, кураан күн-дьыл туран, ойуур баһаардарынан кытаанах тургутууну туораатыбыт. Ол курдук, 7,9 мөл. га иэннээх сиргэ 1 696 ойуур баһаара бэлиэтэннэ.
Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ В.В. Путин сорудаҕынан Саха Сиригэр ойуур баһаарын утары охсуһууга урукку кэмҥэ суох улахан бөлөх тэриллибитэ. Онон баһаары умулларыыга дойду 19 эригийиэниттэн кэлбит ойуур хаһаайыстыбатын уонна Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин үлэһиттэрин, инженернэй сэриилэр байыаннайдарын ааҕан, уопсайа 26 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна. Арассыыйа Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтиттэн, Оборуона министиэристибэтиттэн уонна Саха Сирин авиахампаанньаларыттан барыта 52 көтөр аал үлэлэстэ.
Ойуур баһаарын уота Горнай улууһун Бэс Күөлүгэр илин өттүттэн киирэн, 32 олорор дьиэ уокка былдьанан, 191 киһи сир-халлаан икки ардыгар туран хаалбыта. Сонно тута сэлиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын чөлүгэр түһэрэр үлэ тэриллибитэ. Ол курдук, 70 күн иһигэр 34 толору хааччыллыылаах олорор дьиэ, 9 хотон, ол иһигэр “Атамай” бааһынай хаһаайыстыбатыгар анаан 100 сүөһү киирэр улахан хотоно тутулунна. Ону сэргэ кылгас болдьох иһигэр гаас, уот уонна 7 килэмиэтиртэн тахса оптоволокно лииньийэлэрэ тардылыннылар.
“Аһаҕас былааһы тэрийии уонна үлэлэтии кэккэ боппуруостарын сүрүннээһини тупсарыы туһунан” Арассыыйа Федерациятын Конституциятыгар көннөрүүлэр туһунан 2020 сыл кулун тутар 14 күнүнээҕи 1-ФКС №-дээх Арассыыйа Федерациятын Сокуона ылыллыбытынан, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Төрүт сокуонугар көннөрүүлэри киллэрии уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй эйгэҕэ дьоһун суолталаах түгэнинэн буолбута.
2021 сыл балаҕан ыйын 19 күнүгэр Арассыыйа Федерациятын Федеральнай Мунньаҕын ахсыс ыҥырыылаах Судаарыстыбаннай Дууматын дьокутааттарын талар быыбар буолан ааста. Ол түмүгүнэн куолас маннык хайынна: КПРФ – 35,2%, “Биир ньыгыл Арассыыйа ” – 33,2%, “Саҥа дьон” – 9,9%, “Сиэрдээх Арассыыйа– Патриоттар – Кырдьык иһин” – 8,2%, ЛДПР – 5,1%.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0