Дьэ бу сылбыт эмиэ оннук буолан тахсаары гынна, Сайын эрдэ суруйан турабын, ыам ыйа сөҥүүлээх этэ, онон сайын абына-табына үчүгэй ардахтар баар буолуохтара диэн. Кырдьык, бэс уонна от ыйдара орто соҕус ардахтардаах этэ, сорох кэм күүстээх этиҥнээх уулаах ардахтар окко кытары мэhэйдэри үөскэппитэ. Онтон атырдьах ыйа букатын да күн өрөөбөккө сэттэлии хонукка тиийэ супту ардаан, Бүлүү, Үөhээ Бүлүү уонна Ньурба улуустарын ходуhалара ууга уhунна.
Үөhээ Бүлүүгэ оннооҕор хортуоппуй сирэ ууга баран, эрдэ хостообут түгэннэрэ баар, оттон Ньурбаҕа бугуллар көрдөрбүтүнэн ууга уhуннулар, Бүлүү улууhугар ордук Дьөккөн, Лөкөчөөн уонна Илбэҥэ нэhилиэктэрэ бу сааскыттан ыарахан балаhыанньалаах олорон кэлиҥҥи нэдиэлэлээх ардахтарга олох да оттонор сирдэрэ 100 % ууга барда, кыстыыр отторун 20 эрэ бырыһыанын булуннулар, онон барыта мантан хаалбыт хонуктарга кураарар ини диэн эрэллээх күөх быйаҥтан сомсо туhэр былаан баар.
Халлаан билигин сүгүн көммөккө турар, сис былыт саба бүрүйэн сөрүүн буолан от куурарыгар уустуктардаах буолла. Мантан салгыы икки нэдиэлэ кэриҥэ 10-20 кыр. сылаас күннэр туруохтара, арда син биир ардахтардаах буолуо, ол эрэн 4-5 хонукка тиийэ түhэр сөҥүүлэр суох буолаллар ини диэн эрэнэбит. Онтон балаҕан ыйа олус сөрүүн, хахсаат буолуо, хайаан да ыам ыйын батыhыахтаах диэн сабаҕалыыбын, онон кэлэр ыйы кэтэспэккэ, күөх илгэттэн бэриhиннэрэн туттумахтаан хаалан этэҥҥэ буолуоххайыҥ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0