Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -15 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Элбэх сүөһүлээх, үүккэ идэтийэн үлэлиир хаһаайыстыбалар ордук үүттүгэннээх, сүмэһиннээх аһылыгы элбэҕи бэлэмнииргэ дьулуһаллар. Кинилэр быйыл барыта холбооон, 30 184 туонна сиилэһи угар, 12 994 туонна сенаһы бэлэмниир соруктаахтар.

Балаҕан ыйын 6 күнүнээҕи туругунан, 19 015 туонна сиилэс, 5 249 туонна сенаж бэлэмнэнэн, былаан туһааннааҕынан 66 % уонна 40 % толоруллан иһэр.

Биирдиилээн улуустарынан ыллахха, Хаҥалас улууһа 4 100 туоннаны сиилэстээн, былаанын 137 % толордо! Бу курдук былааннарын Дьокуускай куорат 118 % (1 410), Сунтаар улууһа 117 % (3 519), Амма 100 % (2 900) куоһарбыттар, Бүлүү 90 % (1 300), Чурапчы 83 % (1 575), Мэҥэ Хаҥалас 81 % (1 698) толорбуттар.

Сенажка былааннарын Чурапчы 83 % (660), Амма 74 % (1 115), Алдан 69 % (831), Хаҥалас 56 % (1 404), Өлүөхүмэ 53 % (792) толорон иһэллэр.

  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0