Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -35 oC

И.И. Крафт аатынан куораттааҕы искибиэр устуоруйатын сырдаттахха маннык.

И.И. Крафт аатынан куораттааҕы искибиэр устуоруйатын сырдаттахха маннык.

1906 сыл сааһыгар куорат хас да олохтооҕо куорат былаастарыгар көрдөһүү сайабылыанньа түһэрбиттэрэ. Сайабылыанньаҕа этиллэрэ: «Биһиги куораппыт уопсастыбаннай саадка эбэтэр искибиэргэ олус наадыйар. Итинник наадалаах эбийиэктэр бары куораттарга бааллара үчүгэйдик биллэр. Сайыҥҥы өттүгэр куорат бастайааннай олохтоохторо даачаларга сайылыыр кыахтара адьас дуона суох. Куйаастан, итииттэн ханна да барар кыах суох, ордук оҕолорго ыарахан. Сүүрэллэрэ-көтөллөрө, хамсаныылаах оонньуулары оонньууллара кыаллыбат. Ол түмүгэр, туох да хаххата суох, аһаҕас сиргэ күннүктээн күн уотугар сыраллан тахсарга күһэллэллэр. Били ууттан хостоммут балыктыы, тараччы уҥан хаалбыт барахсаттары киһи аһыныан эрэ сөптөөх. Куйааска эпсэн, тулаҥ барыта халыҥ быылынан бүрүллэн хаалара өссө биир хара сор диэтэҕиҥ. Бастаан утаа, муҥ саатар, соҕотох олордуулаах талах мастаах искибиэр да буоллун. Кылаабынайа, саҕалааһына наада. Итинник дьаһанар буоллар, оннук айылаах сыаналаах искибиэр буолуо суох этэ. Бу сайабылыанньанан, Эйигиттэн, Үтүө санаалаах Үрдүк тойонтон көрдөһөбүт: биһиги сэмэй эрээри, ыраах олохтоох хотугу куораппытыгар туһугар салгын курдук наадалаах көрдөһүүбүтүн ылынан, боппуруоһу Дуума чугастааҕы мунньаҕар көрүллэрин ситиһэргэр, улаханнык эрэнэн туран, көһүтэ хаалабыт!».

1 copy copy copy copy copy copy copy

И.И. Крафт аат. искибиэр. 1916 с. 

Көһүтүүлээх куорат Дууматын мунньаҕа бэс ыйын 8 күнүгэр саҕаланар. Дуума мунньаҕар куорат олохтоохторун киллэрбит этиилэрэ санаа хоту дьүүлгэ турар. Уһун кэпсэтии кэнниттэн куорат Дууматын чилиэннэрэ маннык быһаарыыны ылаллар: «Куорат саадын олохтуур туһугар Соборнай болуоссаты ыларга. (билигин «Доҕордоһуу болуоссата. – А.К.) Ити кэмҥэ куорат хааһынатыгар куорат саадын олохтуурга харчы суох этэ. Ол үрдүнэн харчыны хомуйууга эппиэтинэстээх сирэйинэн гласнай (куорат дьокутаата) анаммыта.

Куорат упараабатыгар саад тутуллуутугар обывателлэр икки ардыларыгар харчыны хомуйууга сурутууну тарҕатарга сорудах бэриллибитэ. Ол эрээри ити үтүө дьыала бэрт сотору умнуллубута. 1907 сыл кулун тутар ыйга Дьокуускайга Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ Иван Иванович Крафт кэлбитэ. И.И. Крафт 1906 сыл сэтинньи 25 күнүгэр Бырабыыталыстыбалыыр Сенатка бэриллибит Үрдүк Ыйаахха олоҕуран күбүрүнээтэринэн анаммыта уонна уобалаһы салайыыны илиитигэр ылбыта. Муус устар 25 чыыһылатыгар куорат олохтоохторун барыларын истиилэригэр биллэриилэр тарҕаммыттара: «Кини Үрдүк Сололоох Тойон, Саха уобалаһын күбүрүнээтэрэ, сибилигин урут этиллибити толорорго быһаарда – ол курдук, куорат саада олохтонуоҕа… Кыраасданнар, бу үтүө дьыалаҕа күүс-көмө буолуҥ! Бары сиэртибэлээһиннэр дириҥ махталынан ылыллыахтара.

Бу дьыалаҕа үп-ас өттүнэн кыахтаах дьон, сүнньүнэн атыыһыт сосулуобуйатыттан турааччылар көхтөөхтүк кытыннылар: Ф.В. Астраханцев (1848-1916 сс.) 1-кы киилдьийэлээх атыыһыт, төрүт уус дворянин, куорат бочуоттаах кырасданьыына. Е.Д. Стрелов (1887-1949 сс.) Уркуускай күбүөрүнэтин Верхоленскай уеһын олохтооҕо. 1907 – 1912 сс. Дьокуускайдааҕы эрээлинэй учуулуссаны бүтэрбитэ. 1907 – 1912 сс. Москубатааҕы археологическай үнүстүүт көҥүл истээччитэ. Олоҕун тиһэх сылларыгар САССР Киин архыыбын үлэһитэ. Нуучча Географическай уопсастыбатын кытта көхтөөхтүк үлэлэспитэ. Анна Ивановна Громова Сибииргэ, Арассыыйаҕа киэҥник биллэр предприниматель уонна меценат. 1-кы киилдьийэлээх атыыһыт-миллионер. Саад оҥоһуллуутугар 200 солк. сиэртибэлээбитэ. Николай Дмитриевич Эверстов-Сэрбэкэ (1827-1915 сс.), 1 - кы киилдьийэлээх атыыһыт. Саад оҥоһуллуутугар 75 солк. укпута. Боростуой кыраасданнар бэйэлэрин кыахтарынан харчы хомууругар кэлин кыттыһаннар, 377 солк. киллэрбиттэрэ.

1907 сыл ыам ыйын 1 күнүгэр куорат былаастара куорат саадыгар анаан Соборнай болуоссакка сир быһан биэрбиттэрэ. Ыам ыйын 7 күнүттэн саады оҥоруу үлэлэрэ саҕаламмыттара. Кутуллуохтаах буору, уоҕурдуулары, олордуллуохтаах үүнээйилэри, сибэккилэри, мастары тиэйии-таһыы, ууну кутуу үлэлэрэ өрө оргуйа түһэллэр. Эппиэтинэстээх кэтээн көрөөччүнэн сыылынай И. Савенков ананан, итэҕэйиллибит дьыалатын дьиҥ ис сүрэҕиттэн кыһаллан толорор буолан, үлэһиттэрин хайҕалын ылан, киһи тэҥэ суох буола сылдьарын туораттан көрөргө көрүдьүөс бөҕөтө. Киһиэхэ кыра да наада диэн, бука, итинник түбэлтэни этэн эрдэхтэрэ. Ыам ыйыгар мастары уонна сибэккилэри олордуу үлэтэ бүппүтэ. Салгыы тутуу үлэлэрэ кэлбиттэрэ. Саады тулалыы аҕыраада тутуллуохтааҕа, ити сыл кыайтарбатаҕа. Куорат хааһынатыгар саады тупсаран оҥорууга диэн кыра да үп көрүллүбэтэх этэ. Хата, күбүрүнээтэр И.И. Крафт уустук балаһыанньаттан тахсар суолу булбута. Кини куорат олохтоохторо «Сибэтиэй Тиихэн Задонскай» чааһынай борохуотунан күүлэйдэрин тэрийбитэ.

 Куорат олохтоохторун бу күүлэйдэриттэн саады тутуу пуондатыгар 300-тэн тахса солк. харчы киирбитэ. Куорат былаастара, хаалсыбат сыалынан, испэктээхтэри туруорууну, чааһынай дьон биирдиилээн кэнсиэртэри тэрийбиттэрэ. Итинник араас ньыманан 400-тэн тахса солкуобайы киллэриммиттэрэ. Көрдөөбүт көмүһү булар дииллэринии, сыл бүтүүтэ 2 тыһыынчаттан тахса солк. харчыламмыттара. 1908 сыл атырдьах ыйын 17 күнүгэр куорат былаастара олохтоох ырыаһыт, Москубаҕа муусукаалынай үөрэҕи ылбыт Василий Беспалов сольнай кэнсиэрин тэрийбиттэрэ. Беспалов Москуба уонна Бөтөрбүүр куораттар кэнсиэртиир саалаларыгар ыллаабыта. Кэнсиэртэрин иһин ырыаһыт 174 солкуобайы ылбыта уонна харчыны саады тутуу пуондатыгар туттарбыта. 1908 сыл балаҕан ыйын саҥатыгар кэмниэ-кэнэҕэс тутуу үлэлэрэ дьэ барылара бүппүттэрэ.

Балаҕан ыйын 4 күнүгэр күбүрүнээтэр И.И. Крафт куорат былаастарыгар этии киллэрбитэ – саҥа саады бэйэлэрин дьаһалларыгар ылалларыгар. Балаҕан ыйын 12 күнүгэр куорат Дуумата уураах ылыммыта... «Саады куорат дьаһалыгар ыларга уонна «И.И. Крафт аатынан искибиэр» диэн ааттыырга. Ити курдук, 1908 сыл балаҕан ыйыгар Дьокуускай куорат олохтоохторун үрдүк үөрүүлэригэр, олордуллубут мастардаах, сибэккилэрдээх уу ыһыллар фонтаннаах, дьон астына сынньанар, нус-хас чэччийэр бэртээхэй миэстэтэ баар буолбута. Оттон оҕо аймах үөрүүтүн тылынан толору этэргэ, ону барытын дьоллоохторго ситэрэн тиэрдэргэ тыл ууһа ситэ тиийбэтин абакката баар! Оҕолор барахсаттар бастакы омуннарыгар уонна сонуннарыгар күнү-күннүктээн фонтан ыксатыгар сытан, олорон тахсаллара. Куйааска сөрүүнэ дэлэлээх абыраллаах буолуо дуо?! Буорга, быылга быһа сиэппит, бадарааҥҥа батыллыбыт, чалбахха чалбааттаммыт кыракый мас куорат олохтоохторо, хайа муҥун, дьэ киһилии муннуктаммыттара.

Киһи хайдах олохтоох да, соннук майгылаах буолара, былыргы үйэлэртэн бэрт үчүгэйдик биллэр. Дьокуускайга олорбут, үлэлээбит оччотооҕу үөрэхтээх дьоннор туоһулуулларынан, эдэркээн уонна кэрэчээн саадка духобуой аркыастыр тиһигин быспакка оонньуур буолбута. Ханна муусука – онно быстыбат таансы, мааны таҥастаах үҥкүүлээччилэр, култуура хаата дьон – эргиччи барыта талбыт курдук кэрэ да буолара! Саамай кылаабынайа, түүлэй түүнү сырдата таптал уота сөҕүрүйэн көрбөккө умайара. Дьокуускай саадка холоонноох мааны искибиэрдэниэҕиттэн эдэр ыал ахсаана харахха лаппа быраҕылла элбээбитэ. Оттон демографтар диэн атастар ону илэ туоһулаабыттара суох курдук гынан баран, Дьокуускайга оҕо төрөөһүнэ биллэ эбиллибитигэр ханнык да саарбахтааһын баар буолуон табыллыбат. Мантан сиэттэрэн кыратык ону-маны хобугунаһа түһэн ылыаҕыҥ эрэ. Хайдах курдугуй, биир үөрэхтээх, култууралаах уонна үтүө дууһалаах киһи хаалыылаах куоракка хайдах курдук дьон хамсааһынын таһаарбытый?

Ким эрэ: «Ама, күбүрүнээтэр тойон, кыах муҥутаан, оччолооҕу оҥорбот бэйэлээх буолуо суоҕа дуо», - диэҕэ. Дьэ нохолоор, хотуйдаар. Таллан таас оройгутугар тимир тоһоҕо ньимис гынан хаалар буоллаҕына, ол аата сөрү-сөпкө, бэри-бэркэ толкуйдуур буолар эбиккит диэхтэрэ. Инньэ 18 үйэ ортотун диэки кэмтэн, ыраахтааҕы сууллуор диэри төһөлөөх тойон-хотун, кинилэр аҕай буолан өҥнөнөн-түүлэнэн, суостанан-суодалланан, аарыгыран- аардаан кэлэн ааспыттара буолуой? Үгүстэрэ биир-икки сылга чаардаан тохтуу түһэн ылаары, соҕуруу төнүннэхтэринэ үрдүк сололорун уонна ол чэпчэтиилэрин олохторун тиһэх күннэригэр диэри илдьэ сылдьыахтара турдаҕа. Оттон Хоту дойдуга кэлэн баайы хаҥатыныы туһунан тыл да турбат. Соҕотох биир тыл сөп түбэһиэҕэ. «Холуонньалааччылар» уонна «кулуттар». Хайа да киһи ханнык да кэмнэргэ, баайыттан-дьадаҥытыттан тутулуга суох, үчүгэйгэ баҕалаах, үчүгэйгэ тардыһыылаах буолар. Бэл, 20-с үйэҕэ Дьокуускай олохтоохторо, бүтүннүүлэрэ кэриэтэ, дьадайан, ньүдьүрээн ахан, ол үөһэ хаарты уонна арыгы өйдөрүн сүүйэн эстэн-быстан олорботохторо буолуо дуо? Киһилии сиэрдээх Крафт күбүрүнээтэр аҕыйах сыл уобалаһы салайаары аатын ааттатан уонна дьон өйүгэр-санаатыгар хаалларан барбыта сүрдээх үөрүүлээх суол. «Кыраны, дуона суоҕу ситиспит» диэн этэр хайа да түбэлтэҕэ сөбө суох. Оҥорбут дьыалата билиҥҥэ диэри ахтыллар.Онтон ордук үйэлээх туох баар буолуон сөбүй? Кырдьыга даҕаны, ол паарка дьоҥҥо, олохтоохторго, ол иһигэр чуолаан оҕолорго анаан тутулуннаҕа дии.

Александр Калашников, СѲ Национальнай архыыбын кылаабынай археограба, кыраайы үѳрэтээччи, устуорук-архыбыыс.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как распознать мошенников

«Как только мы начинаем задавать вопросы, мы начинаем думать, поэтому всегда задавайте…
10.12.24 09:34