Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

Дьокуускай куорат уокуруктарынан хас дьиэ кэннин ахсын итирдэр аһыы утаҕы атыылыыр маҕаһыын дэлэгэй, ол курдук, «дьон иллэҥ кэмин туһалаахтык, сэргэхтик атаарар, аралдьыйар миэстэтэ суох» диэн олохтоохтор СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар этиммиттэрэ.

Дьокуускай куорат уокуруктарынан хас дьиэ кэннин ахсын итирдэр аһыы утаҕы атыылыыр маҕаһыын дэлэгэй, ол курдук, «дьон иллэҥ кэмин туһалаахтык, сэргэхтик атаарар, аралдьыйар миэстэтэ суох» диэн олохтоохтор СӨ Бырабыыталыстыбатын отчуотугар этиммиттэрэ.

Сахабыт Сирин киин куоратын олохтоохторун иннигэр бырабыыталыстыба түмүк отчуота Юрий Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба Киинигэр бу ый саҥатыгар ыытыллыбыта.

«Солнечный берег» ТСЖ бэрэссэдээтэлэ Ольга Алексеева киин куорат 202 микрооройуонугар хас муннук ахсын аһыы утаҕы хото атыылыылларын, олохтоохтор иллэҥ кэмнэригэр мустан аралдьыйар, успуордунан дьарыктанар миэстэлэрэ суоҕун туһунан иһитиннэрдэ. 18 дьиэ куорпуһун кэннигэр үс муннуктуу ураты архитектурнай быһыылаах элбэх этээстээх дьиэ тутуллан баран, уонча сыл устата кураанах турарын, ол эбийиэккэ култуурунай-аралдьыйар, успуордунан дьарыктанар киин арыйан үлэлэтиэххэ сөптөөҕүн эттэ. 

- Аҕыйах сыллааҕыта 4 №-дээх поликлиниканы оҕо салаатыгар уларытарга анаабыттара, мантан сиэттэрэн, аҕам саастаах дьон ыраах Кальвица уулуссаҕа турар мэдиссиинэ Киинигэр тиийэн көрдөрөллөр. Бу олус табыгаһа суох. Ону таһынан, Роман Дмитриев аатынан набережнай өрөмүөнүн, тупсарыы үлэтин туруорсубуппут ыраатта. Хас да сыл устата мэлдьи үп-харчы көрүллүбэт, — диэн эттэ Ольга Юрьевна.

Чахчыта даҕаны, сүүрбэччэ сыл анараа өттүгэр, куорат оччотооҕу баһылыга Илья Михальчук туттарбыт набережнайа биирдэ даҕаны өрөмүөннэнэ илик. Көстүүтэ ыһыллан-тоҕуллан, хаһааҥҥы эрэ үрүҥ кырааската хоҥнон, ыскамыайка өҥө баран, эргэрэн-эмэҕирэн бүттэ. Сайын эдэр ыччат мустан, кальян тардар, пиибэ иһэр сиригэр кубулуйда. Ыскамыайка тулата барыта табах, ас тобоҕо, киһи олоруон да куттанар. Дьиҥэр, мантан Өлүөнэ эбэ, өрүс пуордун олус кыраһыабай көстүүтэ аһыллар, дьон сибиэһэй салгыҥҥа хаамарыгар биир кэрэ миэстэ эрээри, сүүрбэччэ сыл өрөмүөннэммэтэх, биирдэ да оҥоһуллубатах набережнай киһи кута тохтообот көрүҥнээх.

Ольга Юрьевна ыйытыгар СӨ Доруобуйаҕа харыстабылын миниистирэ Лена Афанасьева 202 микрооройуон поликлиникатыгар билигин өрөмүөн ыытылла турарын, ол кэннэ улахан дьоҥҥо көрөр салаа аһылларын туһунан хоруйдаата.

Андрей Тарасенко, СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ 202 түөлбэҕэ баар кураанах турар элбэх этээстээх дьиэ туга эрэ сатамматах буолан, кыайан үлэҕэ киирбэккэ турарын быһаарда. Кэлин ыйыталаспытым, СӨ Тутууга министиэристибэтэ ити дьиэ кинилэр бас билиилэригэр киирбэтин туһунан эттэ. Баайы-дуолу, сири бас билиигэ министиэристибэ эмиэ тугу да хардарбата.

Оттон Роман Дмитриев аатынан набережнай Кыайыы болуоссатыттан саҕалаан, Хабаров уулуссатыттан Кыра Хатыыстаах арыыга диэри оҥоһуллуохтаах, ол иһигэр сөтүөлүүр сир тупсарыллыахтаах. Бырайыак быһыытынан, сатыы, бэлэсипиэттээх дьон сылдьар суола баар буолуо, итиэннэ көҕөрдүү үлэтэ ыытыллыа.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Ытык ыал ийэтэ

Татьяна Васильевна Романова 1931 с. күһүн оччолорго Амма оройуонун, билигин Мэҥэ Хаҥалас…
14.12.24 14:29