Ол туһунан кулун тутар 6 күнүгэр Юрий Гагарин аатынан култуура уонна аныгы ускуустуба киинигэр СӨ Бырабыыталыстыбата Дьокуускай олохтоохторугар оҥорбут отчуотугар кэпсээтилэр. 2022 с. түмүгүн истээри, долгутар ыйытыктарын биэрээри саалаҕа дьон тобус-толору муһунна, уокуруктар, куорат нэһилиэктэрэ онлайн холбоннулар.
Инники күөҥҥэ
Былырыын, Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар сүүс социальнай эбийиэк тутулунна, нэһилиэнньэ олоҕун тупсарарга сүүс көҕүлээһин оҥоһулунна, сырьеттан тутулуга суох экэниэмикэ салаатыгар 39 тыһ. тахса саҥа үлэ миэстэтэ тэрилиннэ.
Демографическай көрдөрүүнэн, өрөспүүбүлүкэ инники күөҥҥэ сылдьар. Уһук Илин уокурукка нэһилиэнньэ эбиллиитинэн бастакы миэстэни, дойду үрдүнэн оҕо төрөөһүнүгэр сэттис миэстэни ылабыт. Сахабыт Сирин нэһилиэнньэтэ сыл саҥатыгар 996 тыһ. киһи, онон эһиил мөлүйүөҥҥэ тиийэр чинчилээхпит. Дьокуускайга 372 тыһ. киһи олорор, куоракка олохсуйааччы ахсаана сыл ахсын элбии турар, онон ОДьКХ ситимигэр, социальнай эбийиэктэргэ ноҕурууска улаатар. Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар төрөөбүт оҕо ахсын 100 тыһ. солк. биэрбиттэрэ, билигин бу бырагырааманы өссө 5 сылга уһаттылар.
2022 с. доруобуйа харыстабылыгар 25 эбийиэк үлэҕэ киирдэ, ол иһигэр Уһук Илиҥҥэ бастыҥ хааччыллыылаах Кардиологическай диспансер, билигин Онкологическай диспансер тутулла турар. Перинатальнай киин үлэҕэ киириэҕиттэн, кыһыл оҕону сүтэрии 24% аччаабыт. Ыраах сытар улуустарга 16 аэромобильнай кииннэр нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөллөр.
«Земскэй быраас» бырагырааманан быраастар икки, биэлсэрдэр биир мөлүйүөн солкуобай ылаллар. Ол эрээри, ити көмө кэлии эрэ дьоҥҥо, эбэтэр атын улууска көһөн барбыт мэдиссиинэ үлэһиттэригэр бэриллэр, олохтоохтор итиннэ хапсыбаттар. Национальнай кинематографияны сайыннарыыга былырыын эрэгийиэннээҕи сокуон ылыныллыбыта. Дьокуускайга «Үлэ кыбаартала» креативнай салаа аһыллан, айар куттаах дьон үлэлииллэригэр, сайдалларыгар табыгастаах усулуобуйа тэрилиннэ.
Көмө киэҥ хабааннаах
Аартыка оройуоннарын олохтоохторо салгын тырааныспарынан төгүрүк сыл чэпчэтиллибит билиэтинэн айанныыр кыахтаннылар. Субсидияламмыт билиэт сыаната 60% чэпчээтэ. ВОЛС түргэн Интэриниэт уһук хоту Өлөөҥҥө уонна Анаабырга тиийдэ. Аны 2025 с. диэри хоту улуустары салгыы оптикаҕа холбуурга үлэ барыаҕа.
Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр аҕа дойдуларыгар ытык иэстэрин толоро сылдьар хас биирдии буойуттарга уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр көмөлөһөргө киэҥ хабааннаах үлэ тиһигин быспакка ыытыллар.
Саха Сирин олохтоохторо ДНӨ Кировскай куоратын чөлүгэр түһэрэргэ шефство быһыытынан үлэлэһэн, социальнай эбийиэктэри, дьон олорор дьиэлэрин өрөмүөннүүллэр, суол-иис туталлар. Быраастарбыт тиийэн, 1000 тахса эппэрээссийэ оҥордулар.
«Звезднай» түөлбэҕэ 30 дьиэ тутуллуоҕа
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев ааспыт сылга куорат тупсарыытыгар туһуламмыт үлэлэр өрөспүүбүлүкэ салалтата, чуолаан, Ил Дархан Айсен Николаев көмөтүнэн ситиһилиннэ диэн бэлиэтээтэ.
Өрөспүүбүлүкэ 100 сылыгар, куорат 390 сылыгар 11 оскуолаҕа хапытаалынай өрөмүөн ыытылынна, 75 тиэргэн тупсарылынна, 26 км тахса уһуннаах суол оҥоһулунна. Хаарбах дьиэттэн дьону көһөрөргө дьиэ-уот тутуллар, Дьокуускайга «Звезднай» саҥа түөлбэҕэ 11 тыһ. нэһилиэнньэҕэ 30 олорор дьиэ, 315 миэстэлээх оҕо уһуйаана үлэҕэ киириэхтээх.
СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко «ситэриилээх былаас отчуота дьоллоох киин куоракка түмүктэнэр» диэн иһитиннэрдэ:
- Өрөспүүбүлүкэ киин куората Казань, Уфа курдук сыл ахсын тупсан, киэркэйэн, ситэн-хотон, сайдан иһэрин туһугар улахан болҕомтобутун, кыһамньыбытын уурабыт. Ону ситиһэргэ суол-иис оҥоһуллуохтаах, дьиэ-уот тутуллуохтаах, куорат дьоно-сэргэтэ Арассыыйа кыраһыабай куоратыгар олоробут диэн астына-дуоһуйа саныахтаахтар, — диэн эттэ Андрей Владимирович.
Куорат ситэ быһаарылла илик кыһалҕаларынан оҕо уһуйаана аҕыйаҕа, кылаастарга наһаа элбэх үөрэнээччи баара буолаллар. Нэһилиэнньэ атын сайдыылаах куораттарга көһөн барбатын туһугар, Дьокуускайга табыгастаах олорор усулуобуйа тэриллиэхтээх. Холобур, 202 түөлбэҕэ Роман Дмитриев аатынан кэрэ көстүүлээх набережнай баар буолуо.
Дьокуускайга – 90 млрд солк.
СӨ Инновацияҕа, сыыппараҕа уонна инфокоммуникационнай технология сайдыытыгар миниистирэ Анатолий Семенов, 2022 с. өрөспүүбүлүкэ уонна куорат сайдыыларыгар туох үлэ оҥоһуллубутун билиһиннэрдэ.
Хамсык дьаҥын кэннэ ситэриилээх былаас уорганнара быйыл улуустарынан сылдьан, 412 нэһилиэк олохтоохторун кытта көрсөн, туох үлэ ыытыллыбытын туһунан отчуоттаатылар. Тыа дьоно атах тэпсэн олорон, кыһалҕалаах боппуруостарын туруорсан, инникитин сайдар суолларын торумнаатылар. Сирэй кэпсэтии ураты хатыламмат көстүүтүн ханнык да куйаар ситимэ солбуйар кыаҕа суох.
Аан дойдуга бөрүкүтэ суох балаһыанньа үөскээн, дойдубутун сааҥсыйанан ыганнар, өрөспүүбүлүкэ салалтата экэниэмикэни дотациялыырга, үлэтэ суох буолуу элбээбэтин туһугар, нэһилиэнньэ дохуотун өйүүргэ үлэлэстэ. Итиниэхэ 92 эрэгийиэннээҕи дьаһал ылыллан, 16,5 млрд солк. үп-харчы көрүлүннэ. Холобур, урбаанньыттарга нолуок ыстаапкатын кээмэйэ түстэ, аһы-үөлү, уматыгы тиэйии тохтоон хаалбатын туһугар кууһунан үлэлиир хампаанньалары өйөөтүлэр.
ВРП 28% үрдээтэ. 2018 с. өрөспүүбүлүкэ экэниэмикэтин сайыннарарга 2 трлн солк. үп көрүлүннэ. 2022 с. Дьокуускайы сайыннарыыга 90 млрд. солк. тыырыллыбыт, ол иннинээҕи сылы кытта тэҥнээтэххэ, үбүлээһин 35% үрдээбит.
Бүддьүөт дохуота улаатар
Үлэтэ суох буолуу 6,5%-нан аччаабыт, оттон дьоҕус уонна орто урбааҥҥа үлэлиир дьон ахсаана эбиллэн, 122 тыһ. тахса киһиэхэ диэри тиийбит. Судаарыстыбаннай хааһына дохуота хаһааҥҥытааҕар даҕаны улаатан, 319 млрд солк. тэҥнэстэ. 2016 с. кытта көрдөрүллэри тэҥнээтэххэ, 80%-нан эбилиннэ. Маннык уһулуччу ситиһиини бырамыысыланнас салаата хааччыйда, таас чох, ньиэп, гаас, кыһыл көмүс хостооһуна муҥутуур үрдээтэ. Өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүн аҥаара 158 млрд солк. социальнай хайысхаҕа ыытыллар.
Дьокуускай куораты 2032 с. диэри сайыннарарга Ил Дархан Айсен Николаев ыйааҕа 2021 с. тахсыбыта. Кэлэр уонча сылга куораппыт саахалланар туруктаах дьиэлэртэн барыларыттан босхолонуохтаах, дьон саҥа дьиэҕэ көһүөхтээх, кыбаарталлар тупсан-киэркэйэн иһиэхтээхтэр, суол-иис оҥоһуллан, «өйдөөх тырааныспар» сылдьыахтаах.
2022 с. куорат хааһынатыгар федеральнай киин уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 19,6 млрд. солк. үп киирбит. Онон куораты тупсарыыга анаммыт үбүлээһин кээмэйэ сыл ахсын муҥутаан улаатан иһэр.
Улахан дьоҥҥо IT оскуола
Быйыл Дьокуускайга 18-65 саастарыгар диэри улахан дьону программированиеҕа босхо үөрэтэр оскуола аһыллыаҕа. Ити оскуоланы бүтэрбит дьон IT эйгэҕэ үлэлиир кыахтаныахтара.
Марха бөһүөлэгэр бассейннаах, катоктаах физкултуурунай-чэбдигирдэр киин аһылынна. «Азия оҕолоро» аан дойдутааҕы успуорт оонньуулара 2024 с. Дьокуускайга ыытыллыаҕа. Итинэн сибээстээн, куоракка икки успуорт эбийиэгэ тутуллуоҕа.
Дьокуускайга 306 км. уһуннаах суол оҥоһулунна, быйыл ити үлэ эмиэ салҕаныа. Өлүөнэ эбэни туоруур күргэ тутуута федеральнай бүддьүөттэн үбүлэнэр биэс сыллаах былааҥҥа киирбитэ. Бу навигацияҕа «Ломоносов» диэн саҥа круизнай устар аал кэлэн, Тиксиигэ диэри сылдьыахтаах.
2022 с. куоракка 100 саҥа оптуобус кэлбитэ, суолга саахал тахсарын аҕыйатарга саҥа камералары, бэлиэлэри туруоруохтара.
Ситэриилээх былаас отчуотун кэннэ куорат баһылыга Евгений Григорьев эргэ мас дьиэлэри салгыы көтүрүү туһунан ыйытык биэрдэ. Кини этэринэн, саахалланар туруктаах хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагырааматын иккис түһүмэҕин ыйыллыбыт болдьохтон эрдэ, 2023 с. түмүктүөхтэрэ. 17-с кыбаарталга, куорат киин уулуссаларыгар даҕаны иҥнэри-ханньары түспүт эргэ мас дьиэлэр өссө да көтүрүллэ иликтэр.
Кирилл Бычков, СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы, бырагыраама үһүс түһүмэҕэр киирэргэ олохтоохтор сайаапка биэриэхтэрин сөбүн туһунан иһитиннэрдэ. Бырагыраама үһүс түһүмэҕэ саҕаланыан иннинэ бу хайысханан үлэ эрдэтинэ барыан сөп.
Аһыы утаҕы атыылаһарга 6,5 млрд. солк.
Дьокуускай куорат уопсастыбаннай балаататын бэрэссэдээтэлэ Матвей Лыткин Сахабыт Сирин киин куоратын нэһилиэнньэтэ аһыы утаҕы атыылаһарга 6,5 млрд солк. ороскуоттаабытын туһунан эттэ. Холобур, Киин уокурукка кыраадыстаах утаҕы атыылыыр 33 маҕаһыын үлэлиир уонна үс успуорт саалата баар. Онон Забайкальскай уокурук холобурун батыһан, аһыы утаҕы атыылыыр маҕаһыыннары куорат тас өттүгэр таһаарарга этии киллэрдэ.
Саалаҕа мустубуттар туох кыһалҕалаахтарын микрофоҥҥа, уочараттаан туран, киэһэ хойукка диэри ыйытык арааһын биэрдилэр. Саамай көхтөөхтөрүн учууталлар уонна оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйдэрэ көрдөрдүлэр. Уокуруктар, куорат бөһүөлэктэрэ долгутар ыйытыктарын онлайн биэрдилэр. Отчуот кэмигэр киирбит ыйытыктар боротокуолга киирэн, баар кыһалҕаны быһаарарга, куорат уокуругун бары хайысханан тупсарарга үлэ салгыы ыытыллыаҕа.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0