Дьокуускайдааҕы көтөр фабриката быйыл номнуо сымыыттыыр кууруссалары иитэр саҥардыллыбыт 18-с сыаҕын үлэҕэ киллэрбит. Үлэ манан тохтообокко, сайыҥҥыттан эдэр көтөрдөрү иитэр сыах хапытаалынай өрөмүөнэ ыытыллар. Манна 80 тыһ. 640 төбө иитиллэр диэн тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.

Тэрилтэ сүрүн зоотехнига Елена Рычкова кэпсииринэн, 2, 3, 5 сыахтарга эргэ оборудованиены аныгыга, маҥнайгы сыахха тутуу конструкцияларын уларыппыттар.
Үлэ билигин даҕаны салҕанар. Сэтинньи 7 күнүгэр фабрика салалтата уонна инженернай-техническэй састааба 1-кы сыах таҥыы биригээдэтин кытары көрсөн толоруллар үлэ кээмэйин, болдьоҕун, онтон да атын боппуруостары ырыттылар. Генеральнай дириэктэр Наталия Дягилева үлэ хаачыстыбалаахтык, баһаарынай уонна тиэхиньикэ өттүнэн куттала суох түргэнник ыытылларыгар баҕарда. Монтажнай үлэлэр ахсынньы ыйга түмүктэниэхтэрэ .