Бу бэстибээл-куонкурус хара саҕаланыаҕыттан көрөөччү да, кыттааччы да биһирэбилин, өйдөөһүнүн-өйөөһүнүн, сэргээһинин, кэрэхсэбилин ылбыта. Инньэ гынан бэрт түргэнник нэһилиэк, куорат таһымыттан өрөспүүбүлүкэ, онтон салгыы норуоттар икки ардыларынааҕы таһымҥа тахсан, этэргэ дылы, саханы аар-саарга аатырдыбыта, үҥкүүнү киэҥ куйаар киэлитигэр уруйдаппыта. Маннык үтүө тэрээһин “Тускул” КК атын тэилтэлэри кытта бииргэ үлэлээһини кыайа –хото тутарыттан, бииргэ буолууттан, сомоҕолоһууттан тахсыбыта. Ол курдук, уһун сылларга “Тускул” КК салайан үлэлэппит СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Чепалова Людмила Михайловна уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ үөрэхтээһинин туйгуна Бурцева Лариса Егоровна бииргэ буолартан бигэтийэн, кытта буолартан кыаҕыран тураннар, саҕалаабыттара.
25 сыл тухары “Тускул” КК сценатыгар 16 000-ттан тахса үҥкүүһүт үҥкүү тылынан кэрэни кэрэхсэттэ, үтүөнү үксэттэ. Бэстибээлбит аныгы олох хардыытынан сайдан-үүнэн ыытыллар ньымалара, албастара үксээн, манна кэлбит кыттааччы бэйэтин көрдөрөрүн ааһан, анал сэминээрдэргэ, маастар-кылаастарга сылдьан, өй-санаа өттүнэн эбиллэллэр, сатабылы, үөрүйэҕи чиҥэтэллэр, эйгэлэрин кэҥэтэллэр. Дьон-сэргэ сырдыкка тардыһыылара хамсык да сылларыгар ханныбакка, онлайн диэн ааттаан, куйаар нөҥүө барбыттара. Быйылгы сылга кэтэхтэн 27 кэлэктииптэн 224 киһи Бүлүү, Сунтаар, Таатта, Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарыттан,Мирнэй куораттан кытыннылар.
2023 сылга Булуҥ, Үөһээ Дьааҥы, Анаабыр, Өймөкөөн, Эдьигээн, Томпо, Кэбээйи, Ньурба, Бүлүү, Сунтаар, Таатта, Амма, Чурапчы, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Хаҥалас, Нам, Горнай улуустарыттан, Дьокуускай куораттан, кинини тула олорор Жатай, Маҥан, Марха, Пригороднай,Табаҕа, Хатас нэһилиэктэриттэн 161 сайаапка киирэн, тыһыынчаттан лаппа тахса ахсааннаах, үс сааhыттан саҕалаан сэттэ уоннарын ааспыт үҥкүүһүттэргэ тиийэ кыттыылаахтар саастарынан арахсан кыттыахтара.
Бэстибээл кыттыылаахтарыттан ыйыталаспыт сэһэргэһиибиттэн быһа тардан санаалары билиһиннэрэбит.
“Кындыкаан” этно-акробатическай академия ансаамбылын оҕолорун төрөппүттэрэ: - Наһаа долгутуулаах эбит. Бастакыбытын кыттабыт. Хайдах эрэ дэриэбинэлии холку тыын баар, барыта орун-оннугар, ыксалаһыы-анньыалаһыы суох.
Бүлүү улууһун Өкүндү нэһилиэгиттэн сылдьар “Кустук” ансаамбыл салайааччыта Эсланда Константинова: – Быйыл бастакыбытын кыттабыт. Бэртээхэй бэстибээл эбит. Туруорбут үҥкүүлэрим көстүүмнэрин төрөппүттэр тиксэллэр, дизайнын бэйэм толкуйдуубун. Бачча кэлбиччэ, Дьокуускайга буола турар араас элбэх куонкурустарга кыалларынан кыттар санаалаахпыт.
Пригороднай бөһүөлэгин “Надежда култуура дьиэтин үҥкүү туруорааччыта Ариан Дьяконов: – Сөбүлээн кэлэр куонкуруспут. Үлэбин саҕалыырбар ылбыт маҥнайгы оҕолорум улаатаннар, сыалай ансаамбыл буолан, сценаны тобус-толору үҥкүүлүүллэрин көрөн, бэйэм да долгуйан ыллым. Элбэх куонкурустарга, кэнсиэрдэргэ сырыттахтарына сайдаллар.
Хатас олохтооҕо, 5 оҕолоох Анастасия Татаринова оҕо сылдьан “Праздник Терпсихоры” маҥнайгы сылларыгар бэйэтэ кыттыбыт, оттон оҕолоро бары “Кэрэчээнэ” оҕо уһуйааныттан саҕалаан кыттыбыттар. Күн бүгүн икки кыра кыыһа кытталларыгар сүүрэ-көтө түбүгүрэ сылдьар. Кини бэйэтин санаатын маннык үллэhиннэ: – Куонкурус үйэ чиэппэрин тухары тохтообокко барара, мин санаабар, тэрийээччилэр, ыытааччылар киэн туттууларынан буолуон сөп. Аҕыйахта ыытыллан баран умуллубут, бүппүт куонкурус ахсаана аҕыйаҕа суох. “Праздник Терпсихоры” уһун үйэлэниитин төрүөтэ ситимнээх, сыаллаах-соруктаах, сайдыылаах буолууга сытар. Атыннык эттэххэ, кини билигин дойдулар икки ардыларынааҕы таһымнаах статустааҕа эмиэ оруолу оонньуур дии саныыбын.
Хатастааҕы оҕо ускуустубатын оскуолатын үҥкүүгэ учуутала Корякина Илона Евгеньевна: – Мин быйыл бу тэрээһиҥҥэ 15-с төгүлүн кыттабын. Урукку сыллартан уратыта, быйыл бэйэм үҥкүүлүүрүм таһынан учуутал-уһуйааччы быһыытынан үс үҥкүүнү туруоран таһаардым. Наһаа долгутуулаах, сүрэх өрүкүйүүлээх буолар эбит манныкка. Үҥкүү эйгэлээхтэр куруутун күүтэр-кэтэһэр, көрсүһүүттэн үөрэр тэрээһиммит буолар.
Бастакы күн сонуннара манныктар
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 1