ЦИРКЭ АЛЫПТААХ ЭЙГЭТЭ
Аан маҥнайгы сөкүүндэттэн ойуун дүҥүрүн тыаһыгар уйдаран, түҥ былыргыттан саха норуота Орто туруу бараан дойдуга олохсуйбутун көрдөрөр дьикти эйгэҕэ киирэҕин. Сэлии кыыллар субу тыыннаах курдук хаамар кэмнэригэр Аан Алахчын хотун мааны кыргыттарынаан киирэрэ, Аал Луук Мас хаамара, кыталык кыргыттар куупал аннынан «халлааҥҥа көтөллөрө» циркэ алыптаах эйгэтин арыйар. Имигэс кыргыттар, ханаатынан хаамааччылар, жонглердар, саха лаайка ыттара, табалар, араас көтөрдөр, балет абылаҥнаах үҥкүүтэ көрөөччүлэри умсугутар.
Арена устун сэлии кыыл оҕотунаан хаампыта хатыламмат ураты көстүү буолла. Арассыыйаҕа аан бастаан көрдөрүллэр көтөр мачталар киһини эрэ сөхтөрөллөр. Бу нүөмэр номнуо Испанияҕа ыытыллыахтаах норуоттар икки ардыларынааҕы циркэ бэстибээлигэр ыҥырыы туппут. Оттон салгын болотуналарыгар акробаттар нүөмэрдэрин быйыл Астанаҕа «Азия өй дуораана» норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлгэ көрдөрүөхтэрэ.
Күһүн бу этно-шоуну илдьэ Орто Азия дойдуларынан уонна «Росгосцирк» ыытар куораттарынан гостуруолга барыахтара. Бырайыакка анаан 200-тэн тахса ааптарскай көстүүмнэр, декорациялар, барьернай дорожкалар оҥоһуллубуттар. Араас жанрдарга 60-тан тахса циркэ артыыстара кытталлар. Кинилэр араас уот-күөс дьэргэлгэнинэн, этно-музыка хатыламмат тыастарынан умнуллубат дьикти-кэрэ түгэннэри бэлэхтээтилэр.
ҮҺҮЙЭЭННЭРГЭ, МИФОЛОГИЯҔА ТИРЭҔИРЭР
Генеральнай эрэпэтииссийэни премьера иннигэр бастаан суруналыыстар көрдүлэр. Кинилэргэ анаан улахан пресс-кэмпириэнсийэ буолла. Циркэ дириэктэрэ Сергей Расторгуев саха култууратын арыйар, үһүйээннэргэ, мифологияҕа тирэҕирэн оҥоһуллубут «Земля мамонта» этно-шоу өрөспүүбүлүкэ тас өттүгэр көрдөрүллүөхтээҕин туһунан кэпсээтэ.
Туруорааччы хамаанда, худуоһунньуктар, иистэнньэҥнэр уонна бутафордар күүстээх үлэни ыыппыттар. Кинилэри циркэ сүрүн худуоһунньуга Петр Винокуров салайбыт. Көстүүмнэр эскиистэрин Москубатааҕы циркэ худуоһунньуктара Марина Галинчикова уонна Надежда Русс оҥорбуттар.
Сүрүн режиссер -- «Росгосцирк» үлэһитэ Елена Петрикова. Кини бу этно-шоуну туруорууга сылтан ордук үлэлээбиттэрин кэпсээтэ. - Этническэй циркэлэргэ идэтийэн үлэлиибит. Саха култууратын, устуоруйатын, мифологиятын үөрэтии, онно тирэҕирэн шоуну туруоруу интэриэһинэй уопут буолла, - диэн Елена Петрикова эттэ.
Кинини кытта Саха циркэтин сүрүн режиссера Мария Попова-Харлампьева үлэлээбит. Салгыы Елена Петрикова циркэ үлэһиттэрэ хас да суукка утуйбакка үлэлииллэрин туһунан санаатын үллэһиннэ: – Циркэҕэ хаһыс да сууккатын артыыстар, уотунан-күөһүнэн киэргэтии худуоһунньуктара, декоратордар, иистэнньэҥнэр утуйбакка үлэлииллэр. Премьера кэмигэр толкуйдарбытын толору аренаҕа көрдөрөр сыалтан бары сулууспалар ылсан үлэлээтибит. Саха циркэтин кэлэктиибэ бары тиҥинэс үлэһиттэр. Хас биирдии артыыс араас жанрдарга дьоҕурдаах, холобур, жонглердар, акробаттар, салгын гимнастара. Бу мээнэ буолбатах, олус дьикти көстүү. Мин маннык тэрээһини Москубаҕа убайдыы-бырааттыы Запашнайдар эрэ циркэлэригэр көрбүтүм. Онон Саха Сирин талааннаах артыыстарын кытары үлэлээбитим дьолум, -- диэн кини эттэ.
Үҥкүүлэри МГИК преподавателэ, балетмейстер, туруорааччы-режиссер Наталия Новичкова туруорда. Музыкатын Москубаттан композитор-аранжировщик Дмитрий Машков оҥордо. Көстүүмнэргэ уонна декорацияҕа Москубатааҕы циркэ үлэһиттэрэ үлэлээтилэр, кинилэр эскиистэринэн Саха циркэтин сүрүн костюмера Петр Винокуров уонна иистэнньэҥнэр тиктилэр.
Этно-шоу премьератыгар Казахстан, Кыргызстан, Таджикистан, Владивосток циркэлэрин салайааччылара ыалдьыттаатылар. Казахстан Өрөспүүбүлүкэтиттэн Астанатааҕы «Столичнай циркэ» генеральнай дириэктэрэ, Казахстан үтүөлээх артыыһа Ерик Калиевич Жолжаксынов Саха Сиригэр үөрэ-көтө кэлбитин эттэ: - Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар түбэһиннэрэн, өрөспүүбүлүкэҕэ маҥнайгы сырыым. Этно-шоу премьерэтэ циркэ дириэктэрэ Сергей Расторгуев 70 сааһыгар уонна цирк эйгэтигэр үлэлээбитэ 50 сылыгар сөп түбэспитэ ордук долгутуулаах буолла. Биһиги Сергей Васильевичтыын 2014 сылтан доҕордоһобут. Казахстаҥҥа кини -- күндүыалдьыт. «Эхо Азии» норуоттар икки ардыларынааҕы циркэ бэстибээлин дьүүллүүр сүбэтин солбуллубат чилиэнэ.
Манна даҕатан эттэххэ, бу бэстибээл сылын ахсын ыытыллар соҕотох тэрээһин, онон аан дойду циркэлэрин артыыстара бары кыттыыны ылаллар. Циркэ ускуустубата – ураты көстүү. Уустук кэми аахсыбакка, сайдыы суолунан баран иһэр. Бүгүн улахан норуоттар икки ардыларынааҕы дэлэгээссийэнэн Дьокуускайга кэллибит. Саха Сирин циркэтигэр эрэ буолбакка, барыбытыгар улахан бырааһынньык! Чахчы, киһи биир тыынынан көрөр туруоруута!
Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ уонна diamond-circus.ru саайтан ылылынна.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0