Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -20 oC

Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу Күнүн чэрчитинэн Дьокуускай куоракка «Төрүччү төлкөтө» диэн Саха Сирин норуоттарын сийиэһэ үрдүк таһымӊа ыытылынна.

Дьиэ кэргэн, таптал уонна бэриниилээх буолуу Күнүн чэрчитинэн Дьокуускай куоракка «Төрүччү төлкөтө» диэн Саха Сирин норуоттарын сийиэһэ үрдүк таһымӊа ыытылынна.

Тэрээhиҥҥэ төрдү-ууһу үөрэтии-чинчийии күрэҕин кыттыылаахтарын быыстапкатыттан саҕалаан, араас былаһааккалар үлэлээтилэр: «Аныгы үопсастыбаҕа төрдү-ууһу үөрэтии оруола: былаас уорганнарын, уопсастыбаннас дьайыылара», «Дьиэ кэргэн устуоруйата оскуола оҕотун майгытыгар-сигилитигэр сабыдыала”, «Кыраайы үөрэтиигэ төрдү-ууһу чинчийии боппуруостара» уонна «Төрдү-ууһу чинчийии үөрэҕэ: теорияттан быраактыкаҕа».

07002b8f bac6 4e2f a883 c48727bbac3d
Икки күннээх тэрээһиӊӊэ Ньурба оройуонун дэлэгээссийэтэ эмиэ кытынна. Ол курдук, ѳрөспүүбүлүкэтээҕи «Мин төрүччүм» күрэх түмүктэринэн, Үѳдэй нэһилиэгин төрүччүтүн оӊорбут Мария Пудовна Николаева уонна Семен Леонидович Гаврильев кыайыылаах аатын ыллылар. Ону таһынан, Мария Пудовна Төрүччүнү уонна норуот үөскээһинин үөрэтэр-чинчийэр институт махтал суругун тутта.

4d617e83 2787 4bc2 8f55 6084a11f706d

 Оттон «Ньурба Малдьаҕара ааспыт үйэлэргэ» кинигэ ааптара, кыраайы үөрэтээччи Татьяна Афанасьевна Саввинова II бочуоттаах миэстэни ылла.




  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением