Горнай улууһуттан 17 дьокутаат дэлэгээссийэ састаабыгар киирэн, кыттыыны ыллыбыт (хас биирдии нэһилиэктэн – 1, Бэрдьигэстээхтэн – 2, улуус депутаттара– 6, хонтуруоллуур -ааҕар уорган бэрэссэдээтэлэ).
Сийиэс бастакы күнүгэр анал үөрэх уонна 3 төгүрүк остуол олус интэриэһинэйдик, дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылыннылар. Үөрэххэ (стратегическай сессияҕа) 3 дьокутаат үөрэннэ, төгүрүк остуолларга: «СӨ олохтоох салайыныы суолталаах боппуруостара» - 4 дьокутаат, «Экология, сири туһаныы, тыа хаһаайыстыбата, Арктика боппуруостара (балбаах, бөх, ыт федеральнай сокуоннара уо.д.а)» - 3 дьокутаат, «Үөрэх, култуура, наука, дьиэ-кэргэн уонна оҕо аймах, патриотическай иитии боппуруостара» - 5 дьокутаат кытыннылар. Төгүрүк остуолларга дьокутааттар ыйыллыбыт тиэмэлэринэн сүрүн кыһалҕалары дьүүллэстилэр, санааларын эттилэр, нэһилиэнньэни долгутар боппуруостары туруорустулар, онтон кэлин ол түмүгүнэн сийиэс Быһаарыытыгар этиилэри киллэрбиттэрэ.
Мин бэйэм «Үөрэх, култуура, наука, дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах, патриотическай иитии боппуруостара» төгүрүк остуолга кытынным. Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлэ А.И. Еремеев, Ил Түмэн наукаҕа, култуураҕа, сонуну киэҥник тарҕатар ситимнэргэ уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэргэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Ф.В. Габышева, дьиэ кэргэн уонна оҕо аймах дьыалаларыгар сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ А.Н. Атласова, эдэр ыччат уонна физкултуура дьыалаларыгар сис кэмитэт бэрэссэдээтэлэ М.Д. Гуляев сүрүн дакылааттары иһитиннэрдилэр, үөрэх сайдыытын концепцията, Педагог уонна уһуйааччы сылын уратылара, "Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн статуһун туһунан" сокуон олоххо киириитэ, билиҥҥи кэмҥэ патриотическай иитии улахан оруоллааҕын туһунан киэҥник сырдаттылар.
Дэлэгээттэр олус элбэх ыйытыылары биэрдилэр, этиилэрин киллэрдилэр. Биһиги улуустан Мытаах нэһилиэгин дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Артур Николаевич Егоров икки этиини киллэрдэ — үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр ини-бии Даниловтар литературнай түмэллэригэр уонна А.Н. Осипов картиннай галереятыгар өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан үөрэнээччилэр экскурсияларын тэрийиини уонна Ил Түмэн дьокутааттара Судаарыстыбыннай Думаҕа оскуола оҕолоро бары босхо итии аһылыгынан хабыллалларын туруорсалларыгар баҕа санаатын эттэ. Төгүрүк остуолга киирбит этиилэрин сийиэс түмүк Быһаарыытыгар киллэрэргэ эттилэр.
Эбиэт кэннэ Юрий Гагарин аат. кииҥҥэ бырабыыталыстыба чааhа ыытылынна. Бу тэрээһини Бырабыыталыстыба Бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта М.В. Никифоров салайан ыытта. Тыа хаһаайыстыбатын, үп, ОДьКХ, үөрэх уонна наука министиэристибэлэрин, сыананы олохтуур бэлитиикэ кэмитиэтин өттүлэриттэн үлэлэрин хайысхаларынан саҥа ханнык бырайыактар баалларын, туох докумуоннар ирдэнэллэрин сиһилии кэпсээтилэр. Маны таһынан, үлэтэ суох буолууну аҕыйатарга, бу өттүгэр урбаан эйгэтигэр сөптөөх көмө баарын үөрэтэн, нэһилиэнньэҕэ сырдатыҥ диэн сүбэлээтилэр. Үөрэх миниистирэ И.П. Любимова оҕону иитии эйгэтигэр саҥа соруктарга уонна ирдэбиллэргэ сүрүн болҕомто ууруллуохтааҕын бэлиэтээтэ. Горнай улууhун баһылыга Никита Викторович Андреев элбэх боппуруоһу туруоруста, ол курдук, сыананы олохтуур бэлитиикэ кэмитиэтин салайааччытыгар А. Б. Винокуроваҕа хомунаалынай өҥө тарыыба кыччаабытыгар махтанан туран, инникитин атын өҥөлөрү эмиэ бэрээдэктииргэ этии киллэрдэ, ол иһигэр «Чаҕылҕан» ХЭУо тарыыптарын өйүүллэригэр ыҥырда, Солоҕон нэһилиэгэр биэрэги бөҕөргөтүү үлэтэ барарыгар көмөлөһөллөрүгэр көрдөстө, ыт боппуруоһун бэрээдэктээhиҥҥэ санаатын үллэһиннэ. Одуну нэһилиэгин баһылыга Владимир Максимович Текеянов нэһилиэк социальнай эбийиэктэрин, чааһынай дьиэлэрин итиинэн хааччыйыы, котельнайы тутуу боппуруостарын туруоруста.
Иккис күн сийиэс пленарнай мунньаҕа Суорун Омолллоон аат. Опера уонна балет театрын саалатыгар үрдүк тэрээһиннээхтик ыытыллынна. Мунньахха СӨ Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев анал байыаннай эпэрээссийэҕэ кыттааччыларга биир кэлим көмө уонна биир кэлим салайар каадыры бэлэмниир ситим туһунан икки саҥа Ыйаахтары таһаарбытын эттэ. Ил Дархан улуус хонтуруоллуур-суоттуур уорганын бэрэссэдээтэлигэр О.В. Гороховаҕа «СѲ муниципальнай сулууспатын туйгуна» бэлиэни туттарда. Ольга Васильевна бу эйгэҕэ 24 сыл үрдүк таһаарыылаахтык үлэлээн кэллэ.
СӨ Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Алексей Ильич Еремеев, тыа сиригэр урбааны сайыннарарга, саҥа үлэ миэстэлэрин таһаарарга туһуламмыт «Олохтоох оҥорон таһаарыыны сайыннарыы территорияларын туһунан» саҥа сокуон барылыгар чопчу этиилэри киллэрэргэ ыҥырда. Алексей Ильич улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлигэр А.А. Тарасовка «Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарыыга үтүөтүн иһин» диэн Софрон Сыранов аатынан бэлиэни туттарда. Алквиад Александрович бу эйгэҕэ 17-с сылын үлэлиир. Улахан тэрээһиҥҥэ Ольга Васильевна, Алквиад Александрович наҕараада ылбыттарыттын биһиги, горнайдар, олус үөрдүбүт, киэн туттуннубут уонна өссѳ төгүл эҕэрдэбитин тириэрдэбит.
РФ Федеральнай Мунньаҕын сенатора Александр Константинович Акимов Федерация Сэбиэтин алта сис кэмитиэтигэр оскуолалар өрөмүөннэриттэн саҕалаан муоста тутуутугар тиийэ элбэх боппуруоска кэпсэтии ыытыллыбытын, ол түмүгэр чугастааҕы сыллардаах үлэни торумнуур «Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытын туһунан» уураах ылыллыбытын ыйда. РФ Судаарыстыбыннай Дуума дьокутааттара Алексей Николаевич Диденко уонна Галина Иннокентьевна Данчикова кыттыыны ылбыттара. Алексей Николаевич РФ Судаарыстыбыннай Дууматыгар федеративнай тутул уонна олохтоох бэйэни салайыныы кэмитиэтин бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир. Кини маннык сийиэстэр Арассыыйаҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр эрэ ыытыллалларын бэлиэтээтэ уонна манна эрэ олохтоох бэйэни салайыныы бэрэстэбиитэллээх уорганнарын дьокутааттарыгар болҕомто уурулларын эттэ. Ааттаммыт салайааччылар болҕомто ууран сийиэскэ кыттыылара сийиэһи үрдүк таһымҥа таһаарда. Галина Иннокентьевна дойду салалтатынан 71 федеральнай сокуон ылыллыбытын, национальнай бырайыактарынан, бырагыраамаларынан улахан үлэ ыытылларын эттэ.
Салайааччылар эҕэрдэлэрин уонна санааларын эппиттэрин кэнниттэн төгүрүк остуоллар этиилэрин, быһаарыларын истии буолла. Биһиги улууспут дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Алквиад Тарасов «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр олохтоох салайыныы суолталаах боппуруостара» төгүрүк остуол этиилэрин уонна быһаарыларын сийиэс кыттыылаахтарыгар иһитиннэрбитэ. Этиилэргэ олохтоох салайыныы сайдыытыгар туһуламмыт көрүүлэр киирбиттэригэр, сийиэс кыттыылаахтара сөбүлэһэллэрин уонна биһирииллэрин ытыс тыаһынан бигэргэппиттэрэ.
Төгүрүк остуоллар этиилэригэр олоҕуран оҥоһуллубут сийиэс түмүк Быһаарыы бырайыагын дэлэгээттэр сүрүннээн ылыннылар.
Тэрээһиннэр үрдүк таһымнаахтык аастылар. Сийиэскэ дойду бэрэстэбиитэллээх былааһын бары таһымын дьокутааттара, РФ Федеральнай мунньаҕын сенатора, РФ Судаарыстыбыннай Дуума дьокутааттара, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун дьокутааттара, улуустар уонна нэһилиэктэр дьокутааттара кыттыыны ылан, нэһилиэнньэ туруктаах буоларыгар уонна Сахабыт Сирэ инники сайдыытыгар олук уурулунна.
Сийиэс кэмигэр атын улуустар, нэһилиэктэр дьокутааттарын кытары билистибит, санаабытын атастастыбыт. Ханна да буоллун олохтоох бэйэни салайыныыга тахсар кыһалҕабыт биир, нэһилиэнньэ туруорсар боппуруостара эмиэ майгыннаһаллар эбит. Дьэ ону биир сүбэнэн быһаарарга маннык тэрээһиннэр наадалаахтар. Бастакы сийиэс 2017 сыллаахха буоларыгар турбут боппуруостар үгүстэрэ быһаарыллыбыттар, ситэ быһаарыллыбатахтара иккис сийиэс резолюциятыгар хаттаан киирдилэр. Аныгыс сийиэс аны 3 сылынан ыытылларын туһунан этилиннэ.
Улуус дэлэгээттэрэ бэрэстэбиитэллээх уорганнар сийиэстэрэ үрдүк таһымнаахтык ыытылынна диэн сыаналаатыбыт. Биһиги, муниципальнай тэриллиилэр дьокутааттара, бу тэрээһиҥҥэ сылдьан, бэйэ-бэйэбитин кытта алтыhан, уопут атастастыбыт уонна уопуттаах парламентарийдар санааларын истэн, сыаналаммат билиини ыллыбыт. Олус туһалаах, кэскиллээх сийиэс буолан ааста диэн сыаналыыбын.
- 1
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0