Кинигэ таһаарааччылар икки ардыларыгар биир уһулуччу суолталаах куонкурс түмүгүнэн, “Бичик” таһаарбыт “Якутский холод” диэн кинигэтэ лауреат үрдүк аатын ылары ситистэ. Бу куонкурска Арассыыйа бары муннуктарыттан уопсайа 102 кинигэ кыһата 400-тан тахса кинигэни ыытан кытыннарбыт. Онон Арассыыйа бөдөҥ кинигэ таһаарааччыларын ортолоругар “Бичик” кинигэ кыһата (сал. А.В. Егоров) бастыҥ буолбутунан, кэлэктиип айымньылаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммытынан, саха кинигэтин үлэһиттэрин барыларын итиитик-истиҥник эҕэрдэлээбит. Барыларыгар өссө да элбэх ситиһиилэри, айымньылаах үлэни-хамнаһы баҕарабыт.
Маны таһынан биир кинигэ дипломант аатын ылла. Ол курдук, “Сыл бастыҥ кинигэтэ” куонкурс “Тупсаҕай көстүүлээх кинигэ” диэн анал аатыгар “Төрүччү” диэн кинигэ тигистэ. Маннык улахан тэрээһиҥҥэ икки саха кинигэтэ бэлиэтэнэрэ – уһулуччу улахан ситиһии!
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0