Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -32 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | € 96,25

Сэтинньи 25-26 күннэригэр ыытыллыбыт Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос, ол иһигэр сокуоннар барылларын таһынан, Ил Түмэн Арассыыйа Федерациятын  Бырабыыталыстыбатыгар суруктара, парламент истиитин Сүбэтэ көрүлүннүлэр.

Сэтинньи 25-26 күннэригэр ыытыллыбыт Ил Түмэн ХXI (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар барыта 44 боппуруос, ол иһигэр сокуоннар барылларын таһынан, Ил Түмэн Арассыыйа Федерациятын  Бырабыыталыстыбатыгар суруктара, парламент истиитин Сүбэтэ көрүлүннүлэр.


Суруктар бигэргэннилэр

Арассыыйа Федерациятын Бырабыыталыстыбатыгар хоту дойду олохтоохторун бырааптарын харааннааһыҥҥа анаммыт икки сурук бэлэмнэммит. Бастакыта – Уһук Хотугу улуустарга Ис дьыала уорганыгар үлэлиир эдэр сотрудниктарга эбии төлөбүрү олохтуурга туһуламмыт. Санатан эттэххэ, 2026 с. олунньуга ыытыллыбыт Ил Түмэн 11-с (уочараттаах) пленарнай мунньаҕар ис дьыала миниистирэ Владимир Прокопенко бэрээдэги араҥаччылыыр уорганнар 2025 с. үлэлэрин түмүгүн отчуоттаабыта. Полицияҕа үлэһиттэр тиийбэттэрин, эдэр дьон саҥа үлэлээн иһэн уурайалларын, уопутурбут силиэдэбэтэллэр атын уорганнарга көһөллөрүн, ол биричиинэтинэн хамнас намыһаҕа буоларын ыйбыта, чугастааҕы сылларга хамнас үрдүүрэ күүтүллүбэтин, оттон хотугу эбиилик үлэ ыстааһынан көрөн ааҕылларын, кээмэйин Арассыыйа Бырабыыталыстыбата быһаарарын эппитэ.
Норуот дьокутааттара ону болҕомтоҕо ыланнар, Уһук Хотугу улуустарга сулууспалыыр Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин харчынан төлөбүрдэригэр, кинилэр манна биэс сылтан итэҕэһэ суох олорбут түбэлтэлэригэр, хотугу эбиилиги үлэлээбит сылларынан буолбакка, сулууспаларын саҕалаабыт бастакы күннэриттэн олохтуур туһунан РФ Бырабыыталыстыбатыгар этии киллэрэргэ быһаарбыттара. Дьэ ол этиинэн Ил Түмэн судаарыстыба тутулугар уонна сокуону оҥорууга сис кэмитиэтэ Сурук оҥорон киллэрбит.
Иккис сурукка Аартыка улуустарыгар пассажирскай тарыыбы икки төгүл чэпчэтэри ситиһэр инниттэн, эрэгийиэн иһинээҕи маршруттарга, чуолаан 600 километртан ыраах сытар нэһилиэнньэлээх пууннартан сөмөлүөтүнэн көтүү ороскуотун толуйууга федеральнай бүддьүөттэн хос үбүлээһини көрөр туһунан этиллибит. Маннык кыһалҕа Саха Сиригэр эрэ буолбакка, Уһук Илиҥҥи федеральнай уокурук Аартыкатааҕы оройуоннарыгар барыларыгар баара бэлиэтэммит.

А. Атласова

Тулаайахтар социальнай мэктиэлэрэ кэҥээтэ

«Тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕолору олорор дьиэнэн хааччыйыы туһунан» Саха Өрөспүүбүлүкэтин сокуонун 4-с уонна 8.2-с ыстатыйаларыгар уларытыылары киллэрэр туһунан боппуруоска иһитиннэрини Ил Түмэн социальнай бэлиитикэҕэ, үлэҕэ уонна дьарыктаах буолууга сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Алена Атласова оҥордо.
Сокуон барыла 2026 с. атырдьах ыйын 4 күнүгэр ыллыллыбыт 334 №-дээх, Белгород, Курскай уонна Брянскай уобаластарга түүрэйдээһини утары дьайыы (КТО) кыттыылаахтарыгар АБДь байыастарын кытары тэҥ социальнай мэктиэлэри олохтуурга анаммыт «Арассыыйа Федерациятын кэккэ аахталарыгар уларытыылары киллэрэр туһунан» федеральнай сокуоҥҥа сөп түбэһиннэрэн оҥоһуллубут. Онон «тулаайах оҕо» диэн ыстаатыстаах КТО-ҕа кыттыбыт байыастар уонна кинилэр дьиэ кэргэттэрэ өрөспүүбүлүкэ сокуонунан олорор дьиэнэн хааччыллар бырааптара көрүллүбүт.
Дьүүллэһиигэ уочаракка турар 2000-тан тахса тулаайах уонна төрөппүт көрүүтэ-истиитэ суох хаалбыт оҕону олорор дьиэнэн хааччыйарга 11 млрд солк эрэйиллэр, ол эрээри федеральнай уонна өрөспүүбүлүкэ бүддьүөттэриттэн сыллата 350 мөл солк эрэ көрүллэрэ быһаарылынна. Ол иһин дьокутаатар үбүлээһини үрдэтэргэ эттилэр.

Атласов

Сүбэҕэ барыта учуоттаммыт

38-с боппуруоһунан «Олохтоох салайыныы уорганнарын тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын өйөөһүҥҥэ кэҥэтиллибит боломуочуйаларын үбүлээһин уонна тупсарыы» туһунан парламент истиитин Сүбэтин барыла киллэрилиннэ. Санатан эттэххэ, истии сэтинньи 11 күнүгэр ыытыллыбыта, тыа хаһаайыстыбатын уонна ас-үөл бэлиитикэтин миниистирин э.т. Анна Стручкова итиэннэ үс улуус баһылыга боломуочуйа кэҥэтиллибитэ хамсааһыны таһаарбытын бэлиэтээбиттэрэ, өйөбүл ырычаагын тупсарарга санааларын эппиттэрэ. Дьокутааттар эмиэ кэккэ этиилэри киллэрбиттэрэ.
Түмүк Сүбэҕэ ол барыта учуоттаммыт: өйөбүл сүрүн ырычаахтара 5 сыл уларытыллыа суохтааҕа, өйөнөр хайысхалар кэрискэлэригэр балыктааһын, балыгы ууһатыы, килиэби астааһын, мүөттээх ыҥырыа уонна түргэнник ситэр салаалар киллэриллибиттэр. Биллэрин курдук, АПК-ҕа улуустар үс бөлөххө араарыллаллар. Бастакы бөлөххө бырамыысыланнайдар, иккискэ киин, илин эҥээр уонна Бүлүү эргинээҕи улуустар, үһүскэ хотугулар киирэллэр. Дьоҕус кыамталаах эбийиэктэри тутуу өйөбүлүгэр бастакы бөлөх улуустары хабар наадата, оттон иккис бөлөххө тустаах улуус көрдөрүүтүнэн салайтарар көдьүүстээҕэ бэлиэтэммит. Субвенция сыллааҕы кээмэйин быһаарарга инфляция таһымын, сыана уонна орто хамнас үрдээһинннэрин учуоттуурга, үүт харчытын ыаммыт үүт бэйэҕэ турар нуормаламмыт сыанатыттан таһааран олохтуурга, тыа хаһаайыстыбатын исписэлиистэрин сарбыйбакка, о.д.а. этиллибит. Дьокутааттар Сүбэни бигэргэтэргэ куоластаатылар.

Хонтуруол кытаанах

Сэтинньи 26 күнүгэр сарсыарда 11 чаастан пленарнай мунньах салгыы үлэлээтэ. 48-с боппуруоһунан быйылгы бүддьүөт коррективката көрүлүннэ. Бүддьүөт дохуоттаах, ороскуоттаах чаастарын, дохуот киириитин, бүддьүөт ассигнованиетын тыырыыны уонна өрөспүүбүлүкэ социальнай-экэнэмиичэскэй эбэһээтэлистибэлэрин туолуутун учуоттаан оҥоһуллубут «Саха Өрөспүүбүлүкэтин 2026 сылга уонна былааннанар 2027, 2028 сс. судаарыстыбаннай бүддьүөтүн туһунан» 471-7 №-дээх сокуоҥҥа уларытыылары киллэрэр туһунан сокуон барылыгар дакылааты үп миниистирин э.т. Иван Алексеев оҥордо.
Дьокутааттар үгүс чопчулуур ыйытыылар кэннилэриттэн, сокуон барылын бастакы ааҕыыга бигэргэттилэр.

Хаартыска: Василий Кононов.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0