Сэтинньи 25-26 күннэригэр ыытыллыбыт Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар тохсус боппуруоһунан «Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саастарын ситэ илик оҕолорго оттук-уматык матырыйаалларын атыылааһыны хааччахтыыр туһунан» сокуон барыла көрүлүннэ. Сокуон барыла өрөспүүбүлүкэ Борокуратууратын көҕүлээһинэн оҥоһуллубут. Иһитиннэриини өрөспүүбүлүкэ борокуруорун ыстаарсай көмөлөһөөччүтэ Юлия Диодорова оҥордо.
Федеральнай таһымҥа саастарын ситэ илик оҕолорго оттук-уматык матырыйаалын атыылааһыны бобор туһунан сокуон суох эрээри, кэккэ эрэгийиэннэр (Чувашия, Татарстаан Өрөспүүбүлүкэлэрэ, Астрахань, Киров, Кемерево, Ярославль уобаластара...) суол быһылаанын аҕыйар туһуттан маннык сокуону ылыммыттар, саастарын ситэ илик оҕолорго оттугу-уматыгы атыылаабыт дьоҥҥо ыстарааптыыр сааҥсыйалары олохтообуттар. Оттон дьоҕус кыамталаах тиэхиньикэни ыытар «М» категориялаах бырааптаах, 16-ларын туолбут эдэр дьон манна хабыллыбаттар.
Дьокутааттар бу сокуон дьайыыта көдьүүстээх буолуоҕун саарбахтаатылар. Хааччах киирдэҕинэ, оҕолор уматыгы улахан киһинэн атыылаһыннарыахтара эбэтэр уорарга күһэллиэхтэрэ диэтилэр.
– Табыгаһа суох балаһыанньа үөскүүһү, оператора суох үлэлиир автоматизированнай АЗС-тарга төлөбүрү баан хаартатынан оҥоробут, оттон бу сокуон киирдэҕинэ, баан хаартатыгар киһи кимин-тугун, хас саастааҕын ыйар сыһыарыы оҥорторор ирдэнииһи. Уһун, тымныы кыһыннаах, мөлтөх сибээстээх дойдуга ити уустук, – диэтэ Никита Тимофеев.
Владимир Федоров бу этиини өйөөтө, сокуон барылын буортулааҕынан аахта, оҕолору тиэхиньикэттэн тэйитиэҕэ диэтэ. Болҕомтону уулуссаҕа электрическэй самокаатынан элээрдэр ыччаттарга уурарга, төрөппүттэргэ уонна оҕолорго өйдөтөр-сэрэтэр үлэни күүһүрдэргэ, оттон сокуон барылын үчүгэйдик ырытан баран ылынарга эттэ. Куоластааһыҥҥа 60 дьокутааттан 15 киһи утаран, 12 киһи туттунан, барыл ылыллыбата.
Хаартыска: Василий Кононов.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0

