Бүддьүөт боппуруоһун кэнниттэн үс федеральнай сокуон барылыгар Ил Түмэн уурааҕа көрүлүннэ. Саҥа сокуоннар барыллара Аартыка, Хоту, Сибиир уонна Уһук Илин урутаан сайдар территорияларын (ТОР) эрэсиимигэр итиэннэ онно сыһыаннаах сокуоннарга уларытыылары киллэриигэ анаммыттар. ТОР-га Биир кэлим чэпчэтиллибит эрэсиим 2027 сылтан 2100 сылга диэри киллэриллэр.
Боппуруоһу бэлэмнээбит Павел Петров иһитиннэрбитинэн, Ил Түмэн экэниэмикэ, инвестиция уонна бырамыысыланнас бэлиитикэтигэр сис кэмитиэтэ сокуоннар барылларын өйүүр итиэннэ иккис ааҕыыга этиилэрин (инвестордар өрөспүүбүлүкэттэн көҥүллэтэн эрэ баран үлэлиэхтээхтэрин, төрүт олохтоох хотугу омуктар түөлбэлээн олорор уонна төрүт хаһаайыстыбаннай дьарыктарыгар аналлаах сирдэригэр, ураты харыстанар сирдэргэ сыһыаннаах бырайыактары көрүүгэ олохтоох былаас уорганнара кытталлара, ити бырайыактар туох дьайыылаах буолуохтарын туһунан ырытыһаллара наадатын туһунан уо.д.а.) киллэрэргэ бэлэмнии сылдьар эбит.
Санааны атастаһыыга Алексей Корнилов бырайыак ТОР-дар тустарынан сокуоннары хатылыырын, үлэлиир мэхэньиисимин саҥа сирдэргэ тарҕатарын эттэ, ааҕыылар икки ардыларынааҕы болдьох эрэгийиэннэр бэйэлэрин этиилэрин киллэрэллэригэр бириэмэ биэрбэтин бэлиэтээтэ. Елена Голомарева сокуон барылыгар төрүт олохтоох хотугу омуктар уонна кинилэр төрүт хаһаайыстыбаннай дьарыктарыгар айылҕаны туһаныыларын туһунан балаһыанньалар киллэриллибэтэхтэрин улахан сыыһанан аахта.
Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Жирков: «Сокуон хабар кэмэ олус киэҥэ бэрт, 2100 сылга диэри эбит. Маны билигин саҥата суох өйүүрбүтүн биллэрдэхпитинэ, кэлин тугу эмит уларытарбыт уустук буолуоҕа. Ол иһин оробуочай хамыыһыйаны тэрийэн, өрөспүүбүлүкэ позициятын хайаан биллэрэр, этиилэри киллэрэр туһугар, Судаарыстыбыннай Дуумаҕа уонна Федерация Сэбиэтигэр дьокутааттарбытын кытыннаран тустаах хамыыһыйалары кытары ыкса үлэлиирбит эрэйиллэр», – диэтэ.
– Өрөспүүбүлүкэҕэ бырамыысыланнас кэлэрин өйүүр наада, бу – үлэ миэстэтэ уонна дохуот. Онуоха биһиги эбээһинэспит нэһилиэнньэ, туох ханнык иннинэ төрүт олохтоох хотугу норуоттар, интэриэстэрин араҥаччылааһын буолар. Онон, Бырабыыталыстыбаны кытары оробуочай бөлөҕү тэрийиэхпит, наада буолар түгэнигэр, уочарата суох пленарнай мунньаҕы ыҥырыахпыт, Ил Түмэн этиилэрин Судаарыстыбанай Дуума дьокутааттарын нөҥүө эмиэ тиэрдиэхпит, – диэтэ Алексей Еремеев.
Түмүккэ бу үс федеральнай сокуон барылын өйүүр туһунан уураах ылылынна.
Хаартыска: Василий Кононов.
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0
-
0


