Бастаан архыыптан ылыллыбыт видеосюжетынан ырыа айыллыбыт устуоруйатын көрдөрдүлэр. Ырыа тылын ааптарыгар муусука доҕуһуолунан сибэкки дьөрбөтө туттардылар. Вера Фадеева Степан Афанасьев-Сэрбэкэ тылларыгар, Татьяна Кириллина матыыбыгар "Байааным" ырыаны ыллаата.
“Балыктаах киэһэтэ” ырыа ааптара Галина Никитична Шахурдина истиҥ эҕэрдэтин видеонан тиэртэ. Балыктаахха баар айар куттаах "Иэйии кытыла" литературнай түмсүү кыттыылаахтара бу үбүлүөйдээх ырыаҕа анаан айбыт хоһооннорун нойосуус аахтылар. Хас биирдии хоһоон ураты тыллаах, бэйэ-бэйэлэригэр маарыннаспат тус-туһунан истииллээх.
Олохтоох дьаһалта баһылыга А.В. Куприянов уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетыттан начаалынньык Д.И.Аргунов эҕэрдэ тылларын эттилэр. Оскуола эдэр учууталлара, ОДьКХ эрчимнээх уолаттара ыллаатылар.
Араас көлүөнэ толоруутугар "Кырдьыбат вальс" үҥкүүнү үҥкүүлээтилэр.
Эрдэ биллэриллибит "Балыктаах киэһэтэ" ырыа күрэҕэр өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан ырыаны аргыс гыммыт көмүс күөмэйдээх ырыаһыттар куйаар ситимин нөҥүө кыттыыны ыллылар. Бу ырыа күрэҕэр Дьокуускайтан, Кэбээйиттэн, Уус Алдантан, уһук хоту Усуйаанаттан, Горнайтан, Тааттаттан, Орто Халыматтан, Бүлүүттэн, Абыйтан, Мэҥэ Хаҥалас нэһилиэктэриттэн -- Чүүйэттэн, Хараттан, Тумултан, Төҥүлүттэн, Томтортон, Хаптаҕайтан, Наахараттан, Аллараа Бэстээхтэн, бэйэбит нэһилиэкпититтэн 5 кыттааччы, уопсайа 80 ырыаһыт Галина Никитична айбыт 54 ырыатын толордулар. Ырыа күрэҕин дьүүллүүр сүбэҕэ В.В. Кузьмин, Г.И. Варламова, А.В. Иванов, И.Н. Прибылых, А.П. Прибылых сыаналаатылар.
Анал бириистэр туттарылыннылар Полятинская Екатеринаҕа уонна Уус Алдан Майаҕаһыгар олорор Иванов Константиҥҥа.
Кыайыылаахтарынан буоллулар: Кэбээйи улууһуттан Винокурова Татьяна уонна Эверстова Анна, Төҥүлүттэн III истиэпэннээх "Сардаана" вокальнай ансаамбыл (сал. Иванова Матрена), Орто Халыма Эбээх сэлиэнньэтиттэн Гуляева Лилия, Ефимова Евдокия. I истиэпэннээх дипломант аатын Бүтэйдээхтэн Прокопьева Ньургуйаана ылыан ылла!
Үһүс истиэпэннээх лауреаттар: Хара нэһилиэгиттэн Т.Ю.Степанова, Усуйаана улууһун Депутатскай бөһүөлэгиттэн Горохова Евдокия. (сал-та Протопопова Татьяна), II ст. лауреат Хочоттон Никанорова Варвара (сал. Санников Д.С. Хараттан Степанова Татьяна (сал. Санников Дм.Сем., ССРС уонна РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ). I ст. Лауреат -- Чүүйэ бөһүөлэгиттэн "Мичээрдэр" вокальнай ансаасмбыл (сал. Нестерова Февронья Петровна). Гран-При үрдүк аатын Балыктаах бөһүөлэгиттэн Фадеева Вера Михайловна ылла. Күрэх кыайыылааҕар култура дьиэтин анал бирииһэ, ону таһынан Галина Шахурдина анал бэлиэтэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын анал бэлэҕэ туттарылынна.
Күрэх бары кыттыылаахтарыгар СӨ ырыанньык ааптардарын сойууһун чилиэнэ, продюсер Антон Иванов бэйэтин устуудьуйатыгар ырыа уһултаралларыгар 30%-наах чэпчэтии оҥорорун иһитиннэрдэ. Миэстэлэспитэр бары бириис туттулар.
Бэйэлэрин истиҥ эҕэрдэлэрин эттилэр: ыҥырыылаах ыалдьыт Павел Габышев, оччотооҕуга ырыа айыллан тахсарыгар кулууп дириэктэринэн үлэлээбит ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Скрябина Мария Прокопьевна,ССРС култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Скрябина Анисия Даниловна. Аныгы үйэ сиэринэн куйаар ситимин нөҥүө видео-эҕэрдэлэр көтөн кэллилэр: Павел Васильевич бииргэ төрөөбүттэриттэн, Нарияна Куоттан. Полина Победа анаан суруйбут "Ырыа дьылҕата" хоһоонун ааҕан иһитиннэрдилэр. Римма Фадеева, Саргылаана Катакинова ырыаларынан, “Саламалаах” үҥкүүнэн бу биэчэри киэргэттилэр.
Биэчэр "Балыктаах киэһэтэ" ырыа матыыбыгар флешмоб үҥкүүнэн түмүктэннэ.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0