Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -34 oC

«Арассыыйа - мин устуоруйам» пааркалар дойду Үөрэҕирии министиэристибэтин салайыытыгар көстүлэр. Пааркалар баазаларыгар биэдэмистибэ үөрэҕирии бырайыактарын тэрийэр былааннаах диэн РФ Гуманитарнай бырайыактарын пуондатын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

«Арассыыйа - мин устуоруйам» пааркалар дойду Үөрэҕирии министиэристибэтин салайыытыгар көстүлэр. Пааркалар баазаларыгар биэдэмистибэ үөрэҕирии бырайыактарын тэрийэр былааннаах диэн РФ Гуманитарнай бырайыактарын пуондатын пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

«Биһиги сүрүн сорукпут – Бүтүн Арассыыйа үрдүнэн, Дьокуускайтан Симферопольга диэри, мультимедийнай пааркалар биир кэлим ситимин тэрийии. «Арассыыйа - мин устуоруйам» пааркалар бары бырайыактарыгар үөрэҕириигэ хайысхалаах бырайыактары күүһүрдүөхтэрэ. Биһиги устуоруйа пааркалара сайдалларыгар саҥа интэриэһинэй саҕахтары биэрэргэ бэлэммит. «Арассыыйа - мин устуоруйам» бырайыак РФ  Үөрэҕирии министиэристибэтин биир тиһигэ буолуоҕа», - диэтэ РФ Үөрэҕириигэ миниистирэ Сергей Кравцов. Кини устуоруйа пааркалара дойду үрдүнэн устуоруйа уонна үөрэхтээһин киинэ быһыытынан суолтата үрдээн иһэллэрин бэлиэтээтэ.

«Устуоруйа пааркалара үөрэхтээһин бырагыраамаларыгар киирэн, нэһилиэнньэ киэҥ араҥатын тардан,  үлэлэрэ балайда кэҥиэхтэрэ. Бу пааркалар ситимнэригэр саҥа кыахтары үөскэтэр уонна хас биирдии киһи төрөөбүт дойдутугар ис сүрэҕиттэн тапталын үрдэтэр», - диэтэ Симферополь уонна Крым митрополита  Тихон Шевкунов эттэ.

  • 0
  • 1
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением