Тэрээһин киэһэ 17.00 чаастан саҕалыныа. Тэрийээччилэр этэллэринэн, Сахабыт Сирин биллэр ырыаһыттара Лэгэнтэй, Аскалон Павлов, Василий Еремеев уо.д.а. кыттыыны ылыахтара. Саха политехническай лицейин “Добун” оҕо норуодунай этнофольклорнай ансаамбыла национальнай үстүрүмүөннэргэ оонньоон доҕуһуоллуоҕа.
Мустубут эр дьону Ил Дархан Айсен Николаев эҕэрдэлиирэ күүтүллэр. Оһуохай тылын алгысчыт Виталий Очиров этиэҕэ диэн былаанныыллар. Тэрээһини Ньургун Бэчигэн салайан ыытыаҕа.
Эр хоһууннары тоҕуоруһан туруулаах, эҥээркэй эйээритиилээх, эрчимнээх хамсаныылаах, сомоҕолоһуу тыыннаах СҮР оһуохайыгар ыҥыраллар.
- 7
- 1
- 0
- 2
- 0
- 1