Бу харчы биирдэ эрэ бэриллэр. Аны, ону тута барытын барыа суохтаах. Кыра-кыралаан туһанаргар анаан. Нолуок федеральнай сулууспатын саайтыгар быһаарбыттарынан, биэнсийэлээхтэргэ бу эмиэ туһаайыллар.
Маныаха бэйэ дьарыктаах физическэй сирэйтэн дохуоттанар буоллаҕына, нолуогун ставката бонус көмөтүнэн 4%-тан 3%-ҥа диэри, оттон юридическай сирэйтэн дохуот ылар буоллаҕына — 6%-тан 4%-ҥа түһэр. Бонуһу бу эрэ сыалга туһаныахха сөп.
Регистрация кэнниттэн бары маннык бонуһу ылыахтарын сөп. ФНС быһаарарынан, биэнсийэлээх бэйэ дьарыктаах буолбута үлэнэн хааччыллыбытынан ааҕыллыбат, тоҕо диэтэххэ, маннык дохуот пенсионнай усунуостаммат.
- 3
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0