Өр сылларга күүппүт Ыйаахпытын бигэргэппит ытыктабыллаах Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаевка бар дьоммут аатыттан барҕа махталбытын тиэрдэбит!!!
Бу күҥҥэ диэри кимниин бииргэ хаамсан, хайдах үлэлээн, түмсэн-түбүгүрэн тиийэн кэллибит? Бүгүн баар-суох үтүө дьоммун ахтан-санаан, махтанан ааһыахпын баҕардым...
Сквертэн саҕыллыбыт санаа сирдээн
2010 с. дойдубар Кэбээйи Куокуйугар, Луҥха эбэм кытылыгар, “Сибэкки биһикки” диэн духуобунас скверин туттарбытым. Ону да оҥорорго элбэх тэрээһиннэр, сүбэлэр-түмсүүлэр, үгүс аахсыйалар буолбуттара.
“Ырыаҕа духуобунас скверэ баар буоллаҕына, Ырыа күнэ эмиэ баар буолуохтаах” диэн өй-санаа иитиллэн, ол туһунан табаарыспар Милан Афанасьевка тиийэн кэпсээн, “Саха Сирэ” хаһыакка “Саха ырыатын күнэ баар буоллун” диэн кыра ыстатыйа таһааттарбытым. Онтон саҕаламмыта -- “Ырыа күнэ” бырайыак хамсааһына. Маныаха тумус-сүбэ туттар дьонум Ксенофонт Уткин, Анатолий Гольдман, Афанасий Иванов-Тоҕой, Христофор Горохов, Ульяна Винокурова өйөөбүттэрэ.
Аны ырыа ускуустубатын өрөспүүбүлүкэҕэ сайыннарыы кэнсиэпсийэтэ ирдэммитэ. Ол иһин айар бөлөх тэрийбиппит. 2011 с. Андрей Борисов көҕүлээн ыыттарбыт “Духовный потенциал народа – в инновационном развитии республики” духуобунас форумугар иһитиннэрэн, кэпсэтии таһааран, этиибит резолюцияҕа киирбитэ.
2012 с. “Саха ырыата -- кэм-кэрдии тэтиминэн” улахан энциклопедиябыт тахсыбыта. Презентацията алтынньыга Опера уонна балет тыйаатырыгар буолбута. Онно “Ырыа күнүн өрөспүүбүлүкэҕэ тэрийэн ыытарга” диэн сорук турбута.
2013 с. саҕаланыыта Ил Түмэҥҥэ Виталий Басыгысовка киирэн быһааран, салгыы парламент култуураҕа сис кэмитиэтин салайааччыта Елена Голомаревалыын үлэлэһэн саҕалаабыппыт. Ол түмүгэр Андрей Борисов өйөбүлүнэн ити сыл ыам ыйын 21 күнүгэр “Триумф” спортивнай комплекска Ырыа күнэ бастакытын ыытыллыбыта.
2005 с. тэрийбит ааптарыскай “Дьүһүй” сахалыы ырыа кулуубум саха ырыата сайдарын туһугар, сүрүннээн Ырыа күнүн тэрээһинигэр олоҕуран, ырыа ис хоһоонун үрдүк суолтатын бар дьоҥҥо тиэрдиигэ үлэлээн кэллэ. Онно ананан кинигэлэр таҕыстылар:
- 1. “Саха ырыата – кэм-кэрдии тэтиминэн”, 2012 с.
- 2. “Ырыа күнэ уһугунна”, 2014 с.
- 3. “Ырыа – төлкөбүт ырата”, 2015 с.
- 4. “Ырыа күнүн дуораана”, 2016 с.
- 5. “Ыллыыр омук – кэскиллээх”, 2017 с.
- 6. “Бар дьонуҥ алгыһынан”, 2021 с.
- 7. “Элиэнэ эбэккэм, эн ааккар”, 2022 с.
“Дьүһүй” сахалыы ырыа кулуубун үлэтин, Ырыа күнүн бырайыагын түстэспит, тэрийсибит, бу кинигэлэри эрэдээксийэлээн таҥан таһаарсыбыт, саха ырыатын сайдыытыгар сэмэй кылаатын киллэрсибит киһибит Варвара Калининская буолар.
Көмө-өйөбүл буолбут дьонум
Ырыа күнэ олоххо киирэригэр санааларын-сүбэлэрин, көмөлөрүн-өйөбүллэрин холбоон кыттыспыт, үлэлэспит дьонум кимнээхтэрий?
Ил Түмэн дьокутааттара: Елена Голомарева, Антонина Григорьева, Андрей Кривошапкин, Матвей Евсеев, Михаил Гуляев, Михаил Эверстов, Мария Христофорова.
2014 сылтан Антонина Григорьева култуураҕа эппиэттээх сис кэмитиэти салайыаҕыттан күүскэ ылсан үлэлэспитэ. 2017 с. кини салалтынан уопсайа 18 тыһыынча киһи Ырыа күнүн өйөөн, илии баттааһына хомуллубута. Бүтэһик сылларга тустаах тэрилтэлэри, бырабыыталыстыбаны кытта үлэлэһэн, Ыйаахпыт тахсарыгар төһүү күүс буолбута.
Ырыа күнүн ыытыһан, тэрийсэн кэллилэр: култуура министиэристибэтиттэн – Андрей Борисов, Владимир Тихонов, Юрий Куприянов, Владислав Левочкин, Николай Макаров, Марина Силина, Евгений Ефимов, Норуот айымньытын дьиэтиттэн -- Сергей Семенов, Саргылана Адамова, куорат култууратын салаатыттан -- Антонина Корякина, Лариса Андреева, Ньургуйаана Ущницкая, СӨ Ырыа айааччыларын сойууһуттан -- Алексей Егоров, Степан Васильев, Х. Максимов аатынан пуонда, Михаил Санников, Муусука уонна фольклор түмэлиттэн -- Аиза Решетникова, Мария Корнилова, айар сойуустар, түмсүүлэр...
Ону таһынан хордар, ансаамбыллар салайааччылара: Владимир Жирков, Альбина Пилецкая (ЯПК), Туйаара Пестрякова (филармония), Раиса Винокурова (Арчы дьиэтин кэлэктиибэ), Татьяна Чаранская (Эстрада тыйаатыра), Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Норуоттар доҕордоһууларын киинэ, общиналар, Василий Парников (“Кэнчээри” анс.), Иннокентий Аммосов (Уус Алдан култуурата), Светлана Иванова, Илья Николаев (“Туймаада” анс.), Афанасий Моргусов, Розалия Тихонова (ньурбалар), Уйбаан Чагда, Нина Олесова, Айталина Макарова (кэбээйилэр), Карл Христофоров, Афанасий Лопатин, Мария Матаннанова (таатталар), Матрена Сивцева, Ольга Корякина, Иван Туласынов (бүлүүлэр), Люция Чепалова, Наталья Руфова, Татьяна Окорокова (Хатастааҕы “Тускул” КК), Николай Слепцов, Николай Андросов (Самсоновтар аатынан ХСОШ хора), Лонгина Бережнева, Елена Готовцева, Георгий Попов (тулагылар), Лидия Харитонова, Валентина Колесова, Марфа Самсонова (хаҥаластар), Елена Кутукова, Татьяна Гаврильева (намнар), Евдокия Павлова (“Күн дьоно” этно-бөлөх), Екатерина Маркова (“Дьүрүскэн оһуор”), илин эҥээр, хоту улуустар култуураларын түмсүүлэрэ, Айыы кыһата (дир. Лидия Шамаева), Захар Федоров, Олег Липатов уо.д.а.
Ырыа күнүн уруйдаспыт ырыаһыттар, музыканнар: Захар Степанов, Радомир Борисов, Аиза Решетникова, Чаянда Скрыбыкина, Раиса Крылова, Николай Стручков, Анегина Ильина, Иван Степанов, Александр Самсонов, Альбина Борисова, Прокопий Неустроев, Нина Чигирева, Айталина Адамова, Юрий Баишев, Анна Дьячковская, Александр Емельянов, Николай Попов, Феодосия Шахурдина, Мария Шапошникова, Николай Спиридонов уо.д.а.
Уон сылы быһа бу бырайыакпытын хаһыакка, сурунаалга сырдаттылар: Владимир Федоров, Валентина Бочонина, Милан Афанасьев, Ким Дьячковскай-Анаарар, Андрей Саввинов, Саргылаана, Сардаана Багынановалар, Галина Новикова, А. Гуринов-Арчылан, “Ил Түмэн” хаһыат, “Сахапарламент” саайт эрэдээксийэтэ.
“Саха” НКИХ ханаалыттан үлэлэспиттэрэ: Харлампий Дьяконов, Иннокентий Слепцов, Ольга Степанова, Альбина Тарабукина, Наталья Сметанина, Лена Керемясова, Георгий Белоусов, Сайа, Талбан, Эдуард Рудых...
Бука барыгытыгар махтанан туран, сахабыт ырыатын салгыы сайдар аартыгын алҕааҥ, саҥа кэм санааларын самсааҥ, саха эйэлээх олоххо үйэлээх баҕатын туругурдуҥ!
Антонина Григорьева, Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин солбуйааччы:
--Ырыа олус киэҥ өйдөбүллээх. Дьону биир тэтимҥэ, турукка киллэрэр, сомоҕолуур, тыл баайын хаҥатар, харыстыыр, киһи ис туругун уһугуннарар, үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар ньыма. Киһи өйүн-санаатын өрө көтөҕөр, сааһылыыр, сайыннарар, көҥүлгэ, үрдүккэ ыҥырар үрдүк күүс. Билиҥҥи кэмҥэ үүнэн иһэр эдэр ыччакка аҕа көлүөнэ бэлэх уунара -- олоххо дьулууру саҕар, олох кэрэтин туойар ырыалара.
Саха ырыата – тыыннаах култуура күннээҕи көстүүтэ. Ырыалаах олох диэн уйгу-быйаҥ, этэҥҥэ олоруу туоһута. Ырыа өй-санаа, билии-көрүү, сиэр-туом, уопсай да, биирдиилээн да киһи култууратын, сайдыытын таһымын туоһулуур, онон биһиги олорон кэлбит олохпут-дьаһахпыт историятын, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаммытын, уопсастыбаннай, социальнай тутулбутун көрдөрөр.
Ырыа күнүн өрөспүүбүлүкэ таһымыгар утумнаахтык киллэриигэ улахан кылааты киллэрээччинэн, көҕүлээччинэн Алексей Кириллович Калининскай буолар. Кини тэрийбит «Дьүһүй» ырыа кулуубугар сыллата хас да сүүһүнэн ырыаһыт уһуйуллан ааһар. Бастакынан, Дьокуускай куорат ырыа куттаах олохтоохторугар хор, онтон салгыы Саха национальнай гимназиятын учууталларын «Дьиэрэй», инбэлиит ыччаты үөрэтэр мэдиссиинискэй-социальнай уонна реабилитациялыыр лиссиэй-киин учууталларыгар, үөрэнээччилэригэр «Дьиэрэй ырыа», 2-с №-дээх интэринээт-оскуола учууталларыгар «Айылгы», ХИФУ педагогическай институтун устудьуоннарыгар «Сахам сааһа», Айыы кыһатыгар уонна Н.Островскай аатынан ырыа кулуубугар уо.д.а. ансаамбыллар тэриллибиттэрэ.
Ону сэргэ ырыа айааччылар түмсүүлэрин көҕүлээһининэн бииртэн биир ырыа түһүлгэтэ тиһигин быспакка кэҥии-хаҥыы турар. Кинилэр аҥаардастыы ырыаҕа эрэ уһуйуунан дьарыгырбаттар, араас аһымал аахсыйалары, тэрээһиннэри, кинигэлэри, диискэлэри таһаарар, айар киэһэлэри ыытан, маастар-кылаастары, сэминээр-практикумнары, саҥа бырайыактары олоххо киллэрэн, куорат, өрөспүүбүлүкэ култуурунай тэрээһиннэригэр кытталлар.
Ырыанан кынаттанан, ырааска ыттыҥ, ырыанан ыраланан, ыччаты иитиҥ, ырыанан салҕанан, ыраахха тиийиҥ!
Социалогическэй наукалар дуоктара, профессор Ульяна Винокурова:
--Саас чыычаах ыллыыр, таммах ыллыыр – ону тэҥэ киһи эмиэ ыллыан баҕарар. Ол иһин ыам ыйын 21 күнүгэр Ырыа күнэ бэлиэтэнэрэ айылҕалыын ситминээх. Ирбэт тоҥ усулуобуйатыгар ырыа сүрэҕи сылаанньытар, киһи дууһатын ириэрэр, сылааһынан илгийэр оһох суоһун курдук.
Саха сиригэр Ырыа күнүн турууласпыт, 165 ырыаны айбыт композитор Алексей Луҥха, норуот күүһүн түмэн, бу дьыала Өлүөнэ көмүөлүнүү оннуттан хамсаата.
Ыллыыр норуот олоҕу таптыыр, сайдам-сайаҕас үтүө майгылаах, култуура үйэлээх баайын сыаналыыр, харыстыыр уонна ол тапталын кэнчээри ыччатыгар иҥэрэн иитэр.
Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев ыам ыйын 21 күнүнэн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Ырыа күнүнэн бигэргэтэр Ыйаахха илии баттаата! Бу кэм сахаларга ураты суолталаах -- ньургуһун тоҥ буору тобулан тахсар күүһүгэр уонна нарын бэйэлээх кэрэтигэр сүгүрүйэбит, сайылыкпытыгар көһөбүт, сүөһүбүт сайыҥҥы мэччирэҥҥэ тахсар, былыргы халандаарынан Саҥа дьылбыт салаллар, Ньукуолуҥҥа Байанай бэлэҕин – кус сиибит. Бу сааскы бэлиэ түгэннэр барыта ырыанан доҕуһуолланаллар.
Ырыа – киһини, айылҕаны, төрөөбүт сири, өбүгэлэри уонна кэнчээри оҕолору ситимниир улуу духуобунай күүс! Бу билиҥҥи үөскээбит быһыыга-майгыга ырыа суолталта өссө улаатта.
Ырыа күнэ норуоту тулуурдаах буоларга, тапталга уонна үтүө санааҕа көҕүлүөҕэ!
- 5
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0