Кинигэҕэ саха улуу бөлүһүөктэрэ, суруйааччылара Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай, Софрон Данилов саха норуотугар, кэлэр көлүөнэлэргэ туһаайыллыбыт айымньылара, үлэлэрэ киирдилэр. Кинигэ 300 эксэмпилээринэн таҕыста.
- Өксөкүлээх сиэнэ Раиса Реасовна Кулаковская, Ойуунускай сиэн балта Куорсуннаах, Софрон Данилов кыыһа Вера Данилова.
"Кинигэ дьоҕус кээмэйдээх. Киһи сиэбигэр укта сылдьан ааҕыан сөп. Бу таһаарыы ыччакка ордук ананан оҥоһулунна. Онон дьон сэҥээрдэҕинэ, элбэх ахсаанынан таһаарыахпыт. Бу үс киһи саха норуотун историятын ис араас кэрдиис кэмин көрдөрөр бэрэстэбиитэллэр буолаллар", - диир бырайыак ааптара, "Чолбон" бас эрэдээктэрэ Гаврил Андросов.
Кинигэҕэ А.Е. Кулаковскай "Саха интэлигиэнсийэтигэр суруга", Ойуунускай "Сүүс сыллаах улуу былаана", "Саха аптаныамыйатын туһунан" уонна Софрон Данилов Саха омук бастакы кэнгириэһигэр аахпыт дакылааттара киирдилэр.
Дьокуускай куорат баһылыга Евгений Григорьев улуу убайдарбыт билиҥҥи үйэҕэ олус тоҕоостоох боппуруостары көтөҕөллөрүн бэлиэтээн эттэ.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0