Сэминээргэ Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан кэлбит 100 кэриҥэ дэлэгээт кытынна. Биир оннук киһинэн Таатта улууһуттан Михаил Васильевич Макаров буолар. Киниттэн мин үлэлэрин-хамнастарын туһунан кэпсииригэр көрдөстүм:
- Быйыл тохсунньу ыйга “Тыа сирин көҕүлээһиннэрэ” муниципальнай автономнай тэрилтэ улууспутугар арылынна. Мин тэрилтэ салайааччытынан ананным.
Бастакы көрдөрүүлэр бааллар диэххэ сөп. Былырыын тэрилтэбит улуус дьаһалтатын иһинэн үлэлиир отдел этэ. Араас граннарга кыттан улуус бүддьүөтүгэр 7 мөл. 700 тыһ. солк. тахса суумалаах үп киллэрбиппит. Билигин туспа тэрилтэ буоллубут, биэс үлэһиппит. Элбэх буолан үлэлээтэхпитинэ быдан элбэх суума киириэ диэн эрэллээхпит.
Пуорум сүрдээх элбэҕи биэрдэ. Икки күн устата бырайыактааһыҥҥа сэминээр буолла. Москуба куораттан федеральнай бырайыактааһыҥҥа эспиэр, “Сообщество” эспиэрдэр бюроларын салайар партнера Алексей Арбузов үөрэттэ. Кини бырайыактааһыҥҥа саҥа көрүүлэри кэпсээтэ. Бүддьүөттэн саҕалаан, бырайыакка киириэхтээх докумуоннар хайдах толоруллуохтаахтарыгар, туох киириэхтээҕэр тиийэ кэпсээтэ. Олус элбэх саҥаны биллибит, ону туһанан улууспут социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар кылааппытын киллэриэхпит диэн эрэллээхпит.
Хаартыскаҕа Таатта улууһун дэлэгээссийэтэ
XII Гражданскай пуорум Арассыыйаҕа оҕо саас, Саха Сиригэр Дьиэ кэргэн сылыгар туһуланна. Тэрээһин чэрчитинэн биэс дискуссионнай былаһаакка үлэлээтэ.
Кэммиэрчэскэйэ суох тэрилтэлэр салайааччылара, уопсастыбаннай актыбыыстар, олохтоох бэйэни салайыныы уорганнарын бэрэстэбиитэллэрэ, урбаанньыттар санааларын аһаҕастык эттилэр, хас биирдии былаһааккаҕа көхтөөх кыттыыны ыллылар.
- 2
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0