Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -9 oC

Амма улууһун үөрэҕин үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа икки күн устата ыытыллан үөрэхтээһин эйгэтин иннигэр турар кыһалҕалары инники туруоран дьүүллэстэ диэн "Амма олоҕо" хаһыат суруйар. Уһуйаан ииитээччилэриттэн саҕалаан учууталлар, эбии үөрэхтээһин педагогтара иитии, үөрэтии, баар кыһалҕалары хайдах быһааран үөрэхтээх, киэҥ билиилээх дьону иитэн таһаарар тула кэпсэттилэр.

Амма улууһун үөрэҕин үлэһиттэрин сүбэ мунньаҕа икки күн устата ыытыллан үөрэхтээһин эйгэтин иннигэр турар кыһалҕалары инники туруоран дьүүллэстэ диэн "Амма олоҕо" хаһыат суруйар. Уһуйаан ииитээччилэриттэн саҕалаан учууталлар, эбии үөрэхтээһин педагогтара иитии, үөрэтии, баар кыһалҕалары хайдах быһааран үөрэхтээх, киэҥ билиилээх дьону иитэн таһаарар тула кэпсэттилэр.

Сүбэ мунньахха СӨ үөрэххэ уонна наукаҕа  миниистирэ, улуус куратора Ньургууна Соколова, Татарстан өрөспүүбүлүкэтин үөрэхтээһини сайыннарыы институтун проректора Александр Хохлов, үөрэх министиэристибэтин уопсай үөрэхтээһин, иитии уонна эбии үөрэхтээһин эйгэтигэр судаарыстыбаннай бэлиитикэ Департаменын салайааччытын солбуйааччы э.т. Мария Корякина, С.Н. Донской-II аатынан үөрэхтээһин сайдыытын уонна квалификацияны үрдэтии Институтун дириэктэрэ, педагогическай билим кандидата Ньургун Павлов, кини бастакы солбуйааччыта Галина Алексеева, үөрэх министиэристибэтин иһинэн баар үөрэх хаачыстыбатын кэтээн көрөр Киин дириэктэрэ Надежда Попова, үөрэх министиэристибэтин кадровай бэлиитикэҕэ, судаарыстыбаннай сулууспаҕа уонна юридическай хааччыйыыга салаатын салайааччыта Мария Винокурова,  хонтуруол уонна кэтээн көрүү Департаменын лицензиялыыр уонна үөрэх судаарыстыбаннай аккредитациятын салаатын салайааччыта Ирина Постникова, “Сосновый бор” оҕолор сынньанар уонна чэбдигирдиини барар Кииннэрин салаатын салайааччыта Афанасий Федоров кыттыыны ыллылар. Маны сэргэ улууспут баһылыга Степан Кузьмин, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Владимир Колосов сылдьан эҕэрдэлэрин, санааларын тириэртилэр. Сүрүн иһитиннэриини улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Николай  Ларионов оҥордо.

“Быйылгы сүбэ мунньахпыт тиэмэтининэн биһиги муниципальнай үөрэх систиэмэтигэр турар сүрүн кыһалҕалары ырытан, инники туруктаахтык сайдыыны хааччыйарга тугу оҥоруоххат сөбүн туһунан дьүүллэстибит. Элбэх кэпсэтиилэр, семинардар буоллулар. Сүбэ мунньах хас да сиринэн ыытылынна. Манна барытыгар биһиги үөрэхпит систиэмэтин үлэһиттэрэ сылдьаннар билиилэрин хаҥаттылар. Билигин муниципальнай үөрэх эйгэтигэр сүрүн кыһалҕаларынан материальнай-техническэй база эргэриитэ, мөлтөҕө, ордук чуолаан эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр, сатаан саҥарбат, эбэтэр куһаҕаннык саҥарар оҕолорбут элбээн иһэллэрэ,  педагогическай кадрдар тиийбэттэрэ, сыллата үөрэх хаачыстыбата мөлтөөн иһэрэ буолар. Дьэ бу турар кыһалҕалары туоратарга былааннаах үлэ ыытыллыахтаах. Сүбэ мунньах түмүгүнэн маны барытын ыйан туран, секцияларынан киирбит этиилэри учуоттаан  саҥа үөрэх дьылыгар сыал-сорук туруоҕа. Сүбэ мунньах бастакы күнүгэр  иккис сылын оскуола биисинэс-инкубатордарын быыстапката буолла. Оҕолорбут оҥорор өҥөлөрө кэҥээн иһэрэ үөрдэр уонна бу хайысха өссө инникитин сайдыа диэн эрэллээхпит”, — диэн үөрэх управлениетын салайааччыта Николай  Ларионов санаатын үллэһиннэ.

Сүбэ мунньах пленарнай чааһыгар бастыҥ үлэһиттэри чиэстээтилэр. Ол курдук “Арассыыйа үөрэхтээһинин туйгуна” ааты В.М. Новиков -Күннүк Уурастыырап аатынан орто оскуола  нуучча тылын уонна литературатын учуутала Лена Бубякина, “Арассыыйа үөрэхтээһинин эйгэтин бочуоттаах үлэһитэ” бэлиэнэн академик Л.В. Киренскэй аатынан лиссиэй нуучча тылын  уонна литературатын учуутала Анна Борисова, Болугурдааҕы “Кэскил” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Марина Васильева, П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын математикаҕа учуутала Валентина Ефремова, Е.Е. Пахомов аатынан Болугур орто оскуолатын муусукаҕа учуутала Гликерия Иванова, Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларын методиһа, педагога Матрена Караканова, Н.С. Захаров аатынан оҕо спортивнай оскуолатын тренер-преподавателя Егор Скрябин, В.Г. Короленко аатынан Амма1№-дээх оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Светлана Степанова, Бөтүҥнээҕи “Мичээр” уһуйаан дириэктэрин иитэр-методическай үлэтигэр солбуйааччы Татьяна Сутакова, Амматтан “Хатыҥчаана” уһуйаан иитээччитэ Анастасия Чикальдина, “Бочуоттаах наставник” бэлиэнэн П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын төрөөбүт тылга, нуучча тылыгар уонна литературатыгар учуутала Марианна Устинова, “Идэтигэр бэриниитин иһин” бэлиэнэн Амматааҕы лиссиэй саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Мария Ноговицына, “Эдэр саас уонна профессионализм” бэлиэнэн Эмистэн “Чуораанчык” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Алена Захарова наҕаарадаланнылар.

Маны сэргэ “СӨ үөрэҕин систиэмэтин туйгуннара” буоллулар: Мээндигиттэн дириэктэри үөрэх чааһыгар солбуйааччы Изабелла Давыдова, Соморсунтан “Чэчир” уһуйаан сэбиэдиссэйэ Саргылана Данилова, Амматааҕы эдэр натуралистар станцияларын методиһа-педагога Тамара Дьячковская, В.В. Расторгуев аатынан Амма 2№-дээх орто оскуолатын математикаҕа учуутала Евдокия Егорова, Амматтан “Радуга” уһуйаан иитээччитэ Зоя Николаева, Амма 1№-дээх оскуолатын технология учуутала Леонид Окороков, Амматааҕы лиссиэй информатикаҕа учуутала, завуһа Николай Петров, лиссиэй саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Наталия Рязанская, Болугуртан нуучча тылын уонна литературатын учуутала Марианна Седалищева, Амма 1№-дээх оскуолатын алын кылааһын учуутала Евдокия Федорова, Чакыр орто оскуолатыналын кылааһын учуутала Нюргуяна Шадрина, Амма 1№-дээх оскуолатын физикаҕа учуутала Диана Яковлева.

СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирэ, улуус куратора Ньургууна Соколова сүбэ мунньахха кэлэ сылдьан Чапчылҕан оскуолатыгар тахса сырытта, оскуола тимири уһаарыыга үлэтин, оҕолор үлэлиир мастарыскыайдарын көрдө. Миниистир  оҕолор оҥорбут оҥоһуктарын көрөн сэргээтэ, ыытыллар үлэни үрдүктүк сыаналаата  уонна материальнай-техническай база чахчы саҥардыллыан наадатын, ол оҕолор үлэлэрэ өссө көдьүүстээх буоларыгар төһүү күүс буолуо диэн бэлиэтээтэ. Маны сэргэ кини улуус салалтатын кытта үөрэх хаачыстыбатын боппуруоһугар сүбэ мунньахха кыттыыны ылла.

“Амма олоҕо” хаһыат

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением