Бу ыйга Үрдүк Айыылартан биирдэстэрэ Билгэ Хаан чугаһыыр. Кини кэлбит бэлиэтинэн чаҕаан диэн кыл тэрил тыаһа буолар. Сүрүн болҕомто билиигэ ууруллар. Ити иһин өйү күүһүрдэр туом оҥоһуллар. Туомҥа Сээркээн Сэһэн суолтата улахан. Кини аата-ахсана биллибэт остуоруйалаах, чабырҕахтаах, таабырыннаах.
Кини итини таһынан күнү-дьылы билгэлиир, үтүө сүбэлэри биэрэр. Өйү эрэйэр, сатабылы сайыннарар хабылык, тыксаан, дуобат курдук оонньуулардаах. Сээркээн сэһэн аам-даам тымныылаах ахсынньы ыйга биһиэхэ күүлэйдии кэлэр.Ахсынньы — саамай тымныы, хараҥа ый сыл, бүтэһик ыйын сахалар Билгэ Хаан ыйа диэн ааттыыллар.
Ахсынньы бүтэй кэм. Айылҕа бүтүннүү утуйар. Сулустар сипсиһэр кэмнэрэ. Оннук кэмҥэ киһи билгэтэ күүһүрэр. Ол иһин былыргы сахалар балаҕаҥҥа хаайтаран олорон, олоҥхону, остуоруйаны истэллэрэ, таабырыннаһаллара, чабырҕахтаһаллара. Киһи өйө-санаата сытыырхайар, куйаар урсунунан, халлаан хаттыгаһынан айанныыр.
Ахсынньы «ахсым тымныынан аныһыйар», тымныы өрөгөйдүүр. Халандаар сылын бүтэһик ыйа. Саамай кылгас күннээх, саамай уһун түүннээх ый. Сарсыарда аайы хойуу туман түһэр. Тымныы тыаһа сып-сырылас. Күн итиитэ төһө да мөлтөҕүн иһин, былыта суох ыраас хаарга араастаан чаҕылыйр. Хаарга ласкай суола тыргыллар. Кини кутуйаҕынан аһылыктанар буолан, кутуйах ханна баар да, онно баар буолар. Кураан дьылларга кутуйах дьон олорор сиригэр кыстыыр. Оттон ласкай эмиэ дьиэ таһыгар чугаһыыр. Дьылҕаһыттар этэллэринэн, көмнөхтөөх кыһыҥҥа саас хаартан элбэх уу кэлэр, үүнүүлээх дьыл буолар.
Ахсынньыга тымныы, хаара суох буоллаҕына, бэс ыйыгар кураан буолар, оттон хаардаах, ичигэс ый буоллаҕына, бэс ыйыгар тымныйар.Ахсынньылаах тохсунньуга тыалырдаҕына, бэс уонна от ыйыгар тоҥоруулар (хаһыҥҥанр) түһүөхтэрэ. Ойбон томточчу тоҥор буоллаҕына – уута суох саас. Ый түүн кыһыллыҥы өҥнөнөр эбэтэр иитэ эмиэ кытархай буолар – хаар түһэр.
Ахсынньы ый билгэтэ:
Ахсынньы сөҥүүтэ суох буоллаҕына, эмиэ оннук саас, сайын турар. Ахсынньыга тымныы, хаардаах, сотору-сотору тыаллаах, кырыалаах буоллаҕына — үчүгэй үүнүү буолар.
Ахсынньы 1 күнэ — бу күн хайдах буолар да, кыһын эмиэ маннык.
Ахсынньы 9 күнэ — Лэгэнтэйэп күнэ. Дьыл чиэппэрэ. Кыһыны туоруур аһы-үөлү, оту-маһы суоттанарга биир кэрдиис бэлиэ кэм. Эһэ (тыатааҕы) кытаанахтык утуйар, бөрө торҕоннуур.
Ахсынньы 12 күнэ — буурҕа түстэҕинэ, ахсынньы 19- гар диэри сэттэ хонуктаах силлиэ түһэр.
Ахсынньы 19 күнэ — кыһыҥҥы Ньукуола. Күн кылгыырын уһуга. Бу күн тымныы буоллаҕына — сайынын өлгөм үүнүүнү күүтэллэр.
Ахсынньы 25 күнэ — Испирдиэнэп күнэ. Бу күнтэн саҕалаан саамай күүстээх тымныы уонна тыал түһэр.
Ахсынньы 26 күнэ — күн кутуйах хаамыытынан уһуур.
Ахсынньы 29 күнэ — кыраһа түстэҕинэ — ичигэс, сарсыарда улаханнык тымныйдаҕына — Кириһиэнньэҕэ (тохсунньу 19 күнүгэр) диэри тымныы турар.
Декада диэн ый 10 хонук ааҕыллар:
I Декада- ый 1-10 күннэрэ
II Декада- ый 10-20 күннэрэ
III Декада- ый 20-30 күннэрэ
Сэтинньи ыйбыт өтөрүнэн кэлбэтэх сылаас ый кэлэн ааста, кыс хаар ортото соҕуруулуу арҕаа улуустарга ардаан соһутта.
Аны ахсынньы ыйбытыгар үктэнэбит хайдах халлаан биһигини кэтэһэр эбитий. Ахсынньы ыйбытыгар маннык тымныылар кэлээри тураллар. Эрдэ эппитим курдук сирбит сүнньэ хамсаан тымныыбыт кэлиҥҥи сылларга Илин эҥэр улуустарга саҕырыйан иһэр курдук. Бу саҥа оҥорбут барыллааһыммар саамай тымныы Чурапчы уонна Ытык Күөл, онтон Өймөкөөн ол кэннэ Верхоянскай онон бу ахсынньыга тэҥнээн көрөн баран түмүктэ оҥорун Ол иһин Илин эҥэр улуустары Киин улуустартан арааран туһунан киллэрэр буоллум.
ИЛИН ЭҤЭР УЛУУСТАР:
Ахсынньы ый үгүс улуустарга урукку сылларга тэҥнээтэххэ балай да сымнаҕас буолара сабаҕаланар. Киин улуустарга балай да тымныйар бу ыйга хаара олох суоҕун кэриэтэ буолар.
Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэхх сымнаһыар күнүс-40С кыраадыс тымныы, түүнүн -50С тымныы. II Декада хаара суох буолсу күнүс
-38С кыраадыс тымныы, түүнүн -43С кыраадыс тымныы.
III Декада хаара кэмчи соҕус буолсу көннөрү тымныйыыһык. Күнүс-40С кыраадыс тымныы, түүн -44С кыраадыс тымныы буолсу.
КИИН УЛУУСТАР:
Ахсынньы ый Киин улуустарга урукку сылларга тэҥнээтэххэ балай да сымнаҕас буолара сабаҕаланар хаар олох суоҕун кэриэтэ.
Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэхх сымнаһыар күнүс-36С кыраадыс тымныы, түүнүн -40С тымныы. II Декада хаара суох буолсу күнүс
-35С кыраадыс тымныы, түүнүн -38С кыраадыс тымныы.
III Декада хаара кэмчи соҕус буолсу көннөрү тымныйыыһык. Күнүс-36С кыраадыс тымныы, түүн -40С кыраадыс тымныы буолсу.
БҮЛҮҮ БӨЛӨХ УЛУУСТАР
Бүлүү эҥэр улуустарга киин улуустарга тэҥнээтэххэ быйылгы сылга тэҥ соҕус буолсу, дьэ уонна I эрэ декадаҕа кыра хаардаах буолсу.
Бу ый I Декадата былырыыҥҥы сыллардааҕар тымныы буолсу күнүс -39С кыраадыс тымныы, түүнүн -42С тымныы. II Декада хаара олох суох буолсу күнүс -36С кыраадыс тымныы, түүнүн -40С кыраадыс тымныы.III Декада хаара суох да былыттаах буолан улахан тымныылар түһүө суохтар. Күнүс-35С кыраадыс тымныы, түүн -38С кыраадыс тымныы буолсу.
ӨЛҮӨХҮМЭ, АЛДАН, НЕРЮНГРИ:
Соҕуруулуу-арҕаа улуустарга бары улуустар курдук хаара олох суох буолсу. Ый устата былыттаах күннэрэ баһыйаннар улаханнык тымныйыа суох.
Бу ый I Декадата урукку сылларга тэҥнээтэхх сылаас күнүс -34С кыраадыс тымныы, түүнүн -37С тымныы. II Декада хаара суох буолсу күнүс -27С кыраадыс тымныы, түүнүн -32С кыраадыс тымныы. III Декада да хаара суох буолсу көннөрү тымныйыыһык. Күнүс-30С кыраадыс тымныы, түүн -34С кыраадыс тымныы буолсу.
ӨЙМӨКӨӨН УЛУУҺА:
Өймөкөөн Сахабыт сирин саамай тымныы улууһунан биллэр, ол гынан урукку сыллардааҕар тымныыларга тиийбэт буолсу, хаарбыт олох суох
Бу ый I Декадата күнүс -44С кыраадыс тымныы, түүн -48С тымныы. II Декада балай да тымныы буолсу күнүһүн -42С кыраадыс тымныы, түүнүн -45С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа.Күнүһүн -45С кыраадыс тымныы, түүн -49С кыраадыс тымныы.
ВЕРХОЯНСКАЙ УЛУУҺА:
Верхоянскай Сахабыт сирин биир эмиэ саамай тымныы улууһа гынан баран урукку сылларга тэҥнээтэххэ тымныыта арыый да ама буолсу, быйылгы сыллаахха хаара суоҕун кэриэтэ. Бу ый I Декадата күнүс -40С кыраадыс тымныы, түүнүн -43С тымныы. II Декада арыый да тымныы буолсу күнүһүн -43С кыраадыс тымныы, түүнүн -45С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа Тымныыта сымнаһыар буолсу Күнүһүн -42С кыраадыс тымныы, түүн -45С кыраадыс тымныйыыһык.
АБЫЙ, МУОМА, ХАЛЫМА, ҮӨҺЭЭ ХАЛЫМА, АЛЛАРАА-ХАЛЫМА, АЛАҺЫАЙ УЛУУСТАРА:
Халыма-Индигиир эҥэр улуустарга, бастакы декадалаҕа хаара кэмчи соҕус буолсу, иккис үһүс декадаларга хаарбыт олох да суох буолсу. Бу ый I Декадата күнүс -38С кыраадыс тымныы, түүн -42С тымныы. II Декада хаара суох буолсу, көннөрү тымныы буолсу күнүһүн -38С кыраадыс тымныы, түүнүн -40С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа Күнүһүн -39С кыраадыс тымныы, түүн -42С кыраадыс тымныы буолсу.
АНААБЫР, ӨЛӨӨН, ТИКСИ:
Артика эҥэр улуустарга ый бастакы иккис декадаларыгар кыра хаардаах буолсу. үһүс декадатыгар хаара кэмчи соҕус буолсу.
Бу ый I Декадата күнүс -24С кыраадыс тымныы, түүн -28С тымныы. II Декада көннөрү тымныы буолсу күнүһүн -29С кыраадыс тымныы, түүнүн -32С кыраадыс тымныы. III Декадаҕа ый бүтүүтэ хаара суох буолсу.Күнүһүн -25С кыраадыс тымныы, түүн -28С кыраадыс тымныы.
(Автор бу текси редакциялаан баран таһаараргытыгар көҥүл биэрэр)
Тускул
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0