Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 14 oC
КУРС ЦБ: $ 83,18 | 96,25

Хаҥалас уонна Өлөөн улуустарыгар “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа электроннай барыллаан куоластааһынын түмүктэрэ билиннэ.  Ол курдук күһүҥҥү быыбарга баартыйаттан Хаҥалас улууһугар Айталина Васильева, Өлөөҥҥө Христофор Васильев кыттыахтара.

Улахан күрэстэһии түмүгүнэн Хаҥалас улууһун баһылыгын дуоһунаһыгар барыллаан куоластаһыҥҥа I Малдьаҕар нэһилиэгин баһылыга Айталина Васильева кыайда. Оттон Өлөөн национальнай улууһугар Харыйалаах орто оскуолатын дириэктэрэ Христофор Васильев кыайылаах таҕыста”,  -- диэн Ил Дархан Айсен Николаев тэлэгэрээм-ханаалыгар иһитиннэрдэ. Кини бэлиэтээбитинэн, икки хандьыдаат “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа актыыбынай чилиэннэрэ буолаллар.

Барыллаан куоластааһыҥҥа Хаҥалас уонна Өлөөн улууһун олохтоохторо көхтөөх кыттыыны ыллылар, аны күһүн улуустар баһылыктарын талар быыбарга көрдөрүү эмиэ үрдүк буоларыгар эрэнэрин эттэ. Санатан эттэххэ, барыллаан куоластааһын ыам ыйын 19-25 күннэригэр ыытылынна.

Хаартыска: Ил Дархан Айсен Николаев тэлэгэрээм-ханаалыттан

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением