Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -0 oC

"Биир ньыгыл Арассыыйа" баартыйа барыллаан куоластааһынын түмүгүнэн 15 №-дээх Үөһээ-Бүлүү – Горнай биир мандааттаах уокуругар Феодосия Габышева кыайда. Киниэхэ быыбардааччылар 2744 куолаһы биэрдилэр. Феодосия Габышева - VII ыҥырыылаах Ил Түмэн дьокутаата, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) билимҥэ, үөрэҕириигэ, култуураҕа, көрдөрөр-иһитиннэрэр сириэстибэлэргэ  уонна уопсастыбаннай тэрилтэлэр дьыалаларыгар сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ, “Биир ньыгыл Арассыыйа” баартыйа чилиэнэ.

Бүгүн кини уокуругун быыбардааччыларыгар анаан маннык эттэ:

Күндү дьонум! Ил Түмэн барыллааһын куоластааһыныгар миэхэ куоластаабыт бар дьоммор ис сүрэхпиттэн махтанабын! Эһиги эрэлгит миэхэ кыахпар кыах, күүспэр күүс биэрэр! Бу тухары норуотум интэриэһин өрө тутан үлэлээн кэлбиппин эһиги билэҕит. Кэнники сылларга Ил Түмэн дьокутаатын, кэмитиэт бэрэссэдээтэлин быһыытынан төрүт олохтоох дьон үөрэнэрин, сайдарын, олохторун таһыма үрдүү турарын туһугар үлэлии сылдьабын. Эһиги баҕа санааҕытын ылынаммын салгыы үлэлээри барыллааһын куоластааһыҥҥа кытынным. Төһө даҕаны уустуктардаах буоллар, эһиги миэхэ эрэнэн туран куоластаабыккыт мин үлэм кырдьыгын, кэскиллээҕин туоһулуур диэн туран, өссө төгүл дириҥ махталбын тиэрдэбин!  

Ытыктабылы кытта, Феодосия Васильевна ГАБЫШЕВА.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением