Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Климент Иванов утуу-субуу үс кинигэни таһаартарда: “Олоҕум аргыстара”, “Олоҕум суола” уонна “Кэм-кэрдии ситимэ”.

Климент Иванов утуу-субуу үс кинигэни таһаартарда: “Олоҕум аргыстара”, “Олоҕум суола” уонна “Кэм-кэрдии ситимэ”.

Кинигэлэри эрдэ булан аахпыттар бэйэлэрин бүччүм санааларын хайыы-үйэ биллэртээтилэр. Суруйааччы Николай Федоров-Ньукулай Уус уонна юрист-учуонай Макар Яковлев сыанабылларын ордук биһирээн аахтым. Кинилэр кэннилэриттэн атын санааны этэр уустук эрээри, мин кэлиҥҥи “Кэм-кэрдии ситимэ” таһаарыыга санаабын этэбин.                                                                                        Олус наадалаах кинигэ суруллубутун туһунан бастатан туран этэбин. Ааҕааччы киэҥ араҥатын хабара наада эбит да, ахсаана баара-суоҕа 640 эрэ эксэмпилээр.

Климент Егорович историяны токурутууттан, онон дьону, ордук ыччаты, бутуйартан дьаарханарын аһаҕастык этэр. Олох үөһүгэр сылдьыбыттары уонна дууһаларын нөҥүө барыны аһарбыттары сорохтор  алҕас, эбэтэр соруйан да, балыйа сатыыллара, буолан ааспыты атыннык көрдөрөллөрө хомоторо биллэр. Кинигэ ааптара итинниктэргэ көннөрүүлэри киллэртээбитэ махталлаах суол.

Уһун кэмҥэ, олоҕун усталаах-туоратыгар араас эппиэттээх салайар үлэҕэ сыратын биэрбит киһи итинник көннөрүүлэри киллэрэргэ толору бырааптаах. Муҥар, архыыбыгар өр кэмнээх араас официальнай докумуоннары, бэл, ССРС Үрдүкү Сэбиэтин сиэссийэлэрин стенографиятын харыстаан ууруна сылдьар киһи сыыһа-халты туттуммата, тылласпата эрэбил. Туох да диэбит иһин, кинигэ кэмигэр тахсыбыта махталлаах эрэ.    

rkbvtyn1

   Балыйар дьон куруук баар                                                              

Саҥарбат, эппэт буоллахха, көрдөрөн туран атыны кэпсиэх дьон куруутун баалларын мин эмиэ билэбин. Итинниктэртэн дьаарханан, өссө 2017 сылга (биэс сыллааҕыта) “Олоро түстэхпинэ табыллыыһы” диэн ыстатыйаны “Туймаада”  хаһыакка таһаарбытым. Өлө иликпиттэн, тыыннаах туоһу баарым үрдүнэн, балыйан барбыттарыттан кэлэйэн. Быйыл олунньуга “Туймаада” хаһыакка “Суруллубут - суоруллубат”  диэн ыстатыйаны таһаарбытым. Штыров эрэ өрөспүүбүлүкэни тупсарбытын, “АЛРОСА”-ны көмүскээбитин туһунан кэпсээн барбыттарын иһин. Ыстатыйабар сааһырбыттар, Саҥа Саха сирин тутуутугар М.Е. Николаевы кытта бииргэ үлэлээбиттэр ахтыылары оҥороллоругар, ыстатыйалары суруйалларыгар баҕа санаабын эппитим. Холобур, К.Е. Иванов суруйууларын курдук кинигэлэр тахсан иһэллэрэ буоллар диэн. Балартан биһиги элбэҕи билиэхпитин, сыыһаларбытын да көннөрүөхпүтүн сөп. Холобура, Ленскэй тимирбитигэр М.Николаев, К.Иванов туруорсаннар, Москуба мээрэ Ю.Лужков үгүс көмөнү оҥорбут эбит. Итини биһиги аныаха диэри билбэккэ сылдьабыт.

Талакааны былдьаппыппытыттан хомойор

Климент Егорович Талакаан өрөспүүбүлүкэ бас билиитигэр киирбэтэҕиттэн, онтон сылтаан ньиэби таҥастыыр собуот туппаккабыт бэйэбит бэнсиин оҥорорбут хаалбытыттан хомойбутун кинигэтигэр хаста да төхтүрүйэн ахтар.

 Сөҕүмэр баай барбытыттан хомойуон хомойор. Бу баайы былдьыыр үлэ киинтэн дьаһаллыбыт, онуоха оччотооҕу дьокутааттарбыт көмө буолбуттар. РФ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы И.Сечин (билигин күҥҥэ 3 мөл. солкуобай хамнастаах киһи) ВСТО тутуутугар Саха Сиригэр 4 төгүл кэлэ сылдьыбыт да, Дьокуускайы таарыйарын наадалааҕынан аахпатах, Ленскэйгэ эбэтэр Мииринэйгэ хонон-өрөөн баран төннөр эбит. Манна даҕатан эттэххэ, В.В.Путин Ленскэй (алмааска барар аартык) тимириитигэр кэлбитин билэбит. 2007 сылга Таатта таһымнаан, Ытык Күөл тимирбитигэр, Путин буолуохтааҕар бэйэбит бэрэсидьиэммит да кэлэ сылдьыбатахтара. Уу түспүтэ ырааппытын кэннэ сылдьан көрдөххө, дьулаан хартыына этэ. Дьокутааттара А.Максимов улахан көмөнү оҥорбутун ахталлара. Сыһыан арааһа диэн ити буолар.   

Штыров бэрэсидьиэн буолан баран, ньиэби-гааһы көмүскээбэтэҕин Климент Егорович маннык ахтан ааһар: “Безусловно Штыров В.А. внес большой вклад в развитие республики, но, к сожалению, как я считаю, не в развитие нефтегазовой отрасли...”. Бэйэм эбэн эттэхпинэ, бу салайааччыбыт барытын туран биэрбитэ, бырааттыы Магомедовтары аҕалтаабыта, ону утарбыт хамаанданы хаайыыга симэ сатаабыта. Мин сууттарыгар барытыгар кэриэтэ сылдьыбытым уонна биһиги сууппут хайдах таһымҥа түспүтүн илэ истибитим-көрбүтүм.

“Харыстыырдыы” кириитикэлиир

 К.Иванов Арассыыйа бастакы Бэрэсидьиэнэ Б.Н. Ельцини киэр бырахпат, киниэхэ сөптөөх, кырдьыктаах сыанабылы биэрэр. Бу муударай, кырдьыксыт буолартан тахсар диибин. Б.Н.Ельцин Саха Сиригэр үтүөнү оҥорбута элбэх, ону көрдөрөн туран мэлдьэһэн кэбиһэр баҕалаахтар да бааллар... 

К.Иванов кинигэтигэр таарыйбатах боппуруоһа суох. Улахан уопут, киэҥ билии уонна муударас сахалыы сиэрдээх буолууну кытта сэргэстэһэллэрин көрөбүт. Аҥаардастыы дарбатыы, дирбиэн-дарбаан суох. Сымыйаны сөбүлээбэтин биллэрэр эрээри, биһиги сорох суруналыыстарбыт курдук, наһаа балтаччы буолбакка, аатын ааттаабакка, “харыстыырдыы” кириитикэлиир. Холобур, биир табаарыс “Ельциҥҥэ киирэммин, хоту сир олохтоохторугар көмө ылбытым” диэн суруйбута сымыйатын туһунан. Аатын эппэт, таайтарар да, ол киһи кимин билэбит. Хайалара эрэ 8 улууска “АЛРОСА” аахсыйатын бэрдэриини бэйэтин тус үтүөтүнэн ааҕынара сымыйатын эмиэ кэлэйэн суруйар. Талакаан баайын бас билиигэ ылыахтаахпытын утарбыт дьокутааттарбыт ааттарын ааттаабат, төһө да хомойдор. Штыров үлэтин күдээринэ дарбаталларын сөбүлээбэтин аһаҕастык биллэрэр.      

Эрдэ сырдатыллыбатах дьону ахтар

Кинигэҕэ биир кэрэхсэнэрэ – саастарын тухары үлэ бөҕөтүн үлэлээбит эрээри, ол туһунан киэҥ эйгэҕэ сөптөөхтүк сырдатыллыбатах дьон саамай сөпкө сиэрдээхтик ахтыллыбыттар дии санаатым. Холобур, В.М. Власов, Б.Д. Слепцов уо.д.а. Олортон алмааһы ылгыыр үлэҕэ сүдү кылааты киллэрбит хайа инженерэ А.Н. Степанов туһунан ахтан аһарбыта кэрэхсэбиллээх. Суруйууттан сирдэтэн, биир эмэ суруналыыс бу үтүө киһи туһунан олохтоохтук суруйуо турдаҕа. А.Н. Степанов сахалартан бастаан Ленинскэй бириэмийэҕэ тиксибитэ эрээри, анаан сырдатыллыбатах киһибит.

Экология тиэмэтин тумнубатаҕа кэрэхсэбиллээх. Бүлүү Эбэлэрин көмүскэлигэр туруммут саха бастакы уопсастыбынньык-экологтарын Э.Соколову, В.Мекумяновы улахан дуоһунастаахтартан Климент Егорович эрэ киһилии аҕынна. Тойон өттө тумнар, ааттарын ааттыы сатаабат дьоно буоллаҕа. ССРС үрдүнэн айылҕа харыстабылыгар бастакы көҥүлэ суох миитини 1989 сылга Сунтаарга В.Мекумянов тэрийэн ыыппыта историяҕа хаалыаҕа. Бэл, миигин ахтыытыгар кыбыппытыттан кинигэ ааптарыгар махтана санаатым. Ол да буоллар, манна кыра сыыһалардаах, мин да официальнай докумуоннары ууруна сылдьар буоламмын этэбин. Климент Егорович Постпредствоҕа үлэлииригэр миэхэ көмөлөспүтэ элбэх, ону сороҕун умнубут быһыылаах. 1996 сыл саҥатыгар өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбатын сорудаҕынан “Кристалл” уонна “Кратон-3” ядернай эһиилэри ырытаары, Москубаҕа Постпредствоҕа тиийбиппит. Саахалы оҥорбуттары кытыннаран туран ыытыллыбыт хамыыһыйа бу эһиилэр саахаллаах ыытыллыбыттарын дакаастаабыта, салгыы эһиилэр дьайыыларын суох оҥорорго быһаарыы ылыныллыбыта. Климент Егорович хамыыһыйа үлэлииригэр биир улахан хоһу туран биэрбитэ, дьонугар ксероксанан, көмпүүтэринэн хааччыйалларыгар дьаһал биэрбитэ. Бу улахан көмө этэ. Хамыыһыйа төһө да түмүктэри оҥордор уонна содулу аччатыыга бырагыраама да айдарбыт, дьыала син биир оннуттан сыҕарыйыах быһыыта суоҕа. Ол иһин ити 1996 сыл от ыйын саҥатыгар (Климент Егорович эппитин курдук 1994 сыл буолбатах) бэрэсидьиэн М.Е. Николаев миигин, дьокутаат А.Чомчоевы уонна миниистир В.Алексеевы Москубаҕа ыҥыттаран ылбыта. Кини эрдэттэн Минатом миниистирэ В.Михайловы кытта болдьоһон ыыппыт мунньахтарыгар тиэйэн илдьээччи Климент Егорович этэ. Манна “Радиация дьайыытын туоратар управление” тэриллиитин туһунан наадалаах быһаарыы ылыныллыбыта. Ол Управление тэриллибитин да үрдүнэн, үгүс уустуктар үөскээннэр, 1998 сыл бүтүүтүгэр Михаил Ефимович Минатомҥа, В.Михайловка, өссө төгүл сылдьыбыта олус туһалаах буолбута. Итилэр тустарынан мин хас эмэ урукку ыстатыйаларбар, ону таһынан ааспыт сыл күһүнүгэр таһаарбыт “Якутия радиоактивная” диэн кинигэбэр сиһилии суруйталаан турабын. Кэлин үлэбинэн Москубаҕа командировкаҕа бардахпына бастаан хайаан да Постпредствоҕа тиийэрим, хайдах эрэ дойдубар сылдьардыы сананарым, тирэх ыларым. Климент Егорович бэртээхэй кэлэктииби тэрийэн, үлүскэн үлэ үөһүгэр олорор буолаллара. Кинилэртэн көмө ылбыт мин эрэ буолбатах буолуохтаахпын. Ити туһунан “Кэм-кэрдии ситимэ” кинигэҕэ суруллубута барыта сөптөөх.   

***                                                                                                                           

Кинигэ сүрэхтэниитигэр сылдьыбытым, дьаҥ-дьаһах сабардаан, өр кэмҥэ көрсүбэтэх дьоммун көрсүбүтүм, хайа, уонна кинигэҕэ тигистэҕим дии. Үгүс наһаа дуорааннаах тыллар этиллибиттэрэ да, кинигэ бэйэтин туһунан этии аҕыйаҕа. Кинигэ ааптара кинигэтин кырдьыктаахтык дьүүллүүллэригэр анаан дьону ыҥырбыт буолуохтаах. Салалтаттан кэлбит дуоһунастаах дьон кинигэҕэ суруллубуту болҕойуохтара, ыйынньык оҥостуохтара дуо? Юрист М.Яковлев “Кэм-кэрдии ситимэ” кинигэни “Саҥа Саха Сирин судаарыстыбаннай тутула сайдыытын энциклопедията” диэн сыана быспыта сөптөөх дии саныыбын.

Суруналыыстар уонна хаһыат эрэдээксийэлэрэ ууруна сылдьан туһаныах кинигэлэрэ диэн эбэн этэбин.

                                    Иван БУРЦЕВ.

  • 2
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением