Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

"Арассыыйа норуоттарын тылларын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга улахан кылаатын, «Филология. Төрөөбүт тыл. Төрөөбүт литэрэтиирэ» хайысханан үөрэнээччилэр Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадаларын тэрийиигэ уонна ыытыыга көхтөөх үлэтин-хамнаһын иһин, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрсиэт кэлэктиибигэр (Саха Өрөспүүбүлүкэтэ) РФ Федерациятын Сэбиэтин  Федеральнай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин махталын биллэрэргэ".

В.И.Матвиенко.  2022 сыл. Ыам ыйын 22 күнэ.

"Арассыыйа норуоттарын тылларын харыстааһыҥҥа уонна сайыннарыыга улахан кылаатын, «Филология. Төрөөбүт тыл. Төрөөбүт литэрэтиирэ» хайысханан үөрэнээччилэр Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадаларын тэрийиигэ уонна ыытыыга көхтөөх үлэтин-хамнаһын иһин, М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай үнүбэрсиэт кэлэктиибигэр (Саха Өрөспүүбүлүкэтэ) РФ Федерациятын Сэбиэтин  Федеральнай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин махталын биллэрэргэ".

В.И.Матвиенко.  2022 сыл. Ыам ыйын 22 күнэ.

 

Бу ый 10 күнүгэр ХИФУ тэрийиитинэн, «Үнүбэрсиэттэр уонна Арассыыйа геостратегическай сирин-уотун сайдыыта» II куорум чэрчитинэн «Анаадыртан Грознайга тиийэ: Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларынан оскуолалар федеральнай олимпиадалара. Бастакы түмүктэр уонна инники кэскиллэр» диэн тиэмэнэн эспиэрдэр кэпсэтиилэрэ уонна мөккүөрдэрэ тэриллэн ыытылынна. Эспиэрдэр дьүүллэһиилэригэр 65 киһи кыттыбытыттан, 28- һа сирэй уонна 37 киһи аныгы технология көмөтүнэн онлайн кэпсэтии тахсыбыт. Модератордар - сенатор, Федерация Сэбиэтин наукаҕа, үөрэххэ уонна култуураҕа кэмитиэтин чилиэнэ Р.Е.Галушина уонна ХИФУ ректорын каадыр бэлиитикэтигэр солбуйааччы М.П.Федоров. Эспиэрдэр бу мөккүөрдээх кэпсэтиилэригэр Хотугулуу-Илиҥҥи, Казаннааҕы (Приволжскай), Кырыымнааҕы, Хотугу (Аартыкатааҕы), Сибиирдээҕи федеральнай, Адыгея, Башкирия, Хайалаах Алтаай, Дагестаан, Москуба, Петразаводскай, Тыва, Хакасия, Чувашия судаарыстыбаннай педагогическай, Поволжскайдааҕы судаарыстыбаннай технологическай үнүбэрсиэттэр, Чувашия култуураҕа уонна ускуустубаҕа судаарыстыбаннай үнүстүүтүн үөрэтэр уонна устуруктуурунай салааларын салайааччылара, бэрэпиэссэрдэрин-преподавателлэрин састааба кыттыыны ылбыттар. Онон үөрэтэр үлэ дириҥ үөһүгэр күннэтэ эриллэ сылдьар, туох итэҕэс-быһаҕас, кыаллыбат-кыайтарбат баарын бэйэлэрин эттээх-тириилэринэн быһаччы билэр, ону таһынан өссө сүрэх-быар ааспат аалыыта оҥостон санаа баттыгар сылдьар дьон, туох да  кэтэмэҕэйдээһинэ суох, көнөтүнэн кэпсэппиттэрин истибиттээҕэр сэрэйбит ордук буолуоҕа.

Үнүбэрсиэт былыр былыргыттан сайдыы мэктиэтэ буолара ханнык да саарбахтааһыҥҥа туруон сатаммат. Үнүбэрсиэт үс сүрүн мииссийэни толорор: үөрэхтээһин, үөрэтии, наука сүрүн баазатын уонна тирэҕин быһыытынан уһулуччулаах оруола, территориялар сайдыыларыгар киллэрэр сүүнэ кылаата.

«Дойду күрэстэһиилээх инникитэ наука-технологическай сайдыытын нөҥүө олохтонуохтаах. Ол инниттэн болҕомто науканы киһи өйүгэр түһүмтүө, өйдөнүмтүө гына киэҥник тарҕатыыга, биллэриигэ (популяризациялааһыҥҥа) уонна ыччаты  онно тардыыга, бэлэмнээһиҥҥэ, наука уонна научнай-педагогическай каадырдар профессиональнай үүнүүлэригэр ууруллуохтаах»,- диир РФ наукаҕа уонна үрдүк үөрэхтээһиҥҥэ миниистирэ В.Н.Фальков.

«Биһиги көрөбүт, кэлиҥҥи кэмҥэ аан дойдуга тосту уларыйыылар тахсыбыттарын. Биһиги дойдубут уонна өрөспүүбүлүкэбит эмиэ уларыйаллар. Ону кытта сэргэ территориялар сибээстэһиилэрин хааччыйыахтаах, наука уонна үөрэх учреждениелара хардарыта дьайсыыларын саҥа ситимнэрин олохтооһуҥҥа, ыччаты ботуруйуоттуу тыыҥҥа иитиини, сиэр-майгы туллаҥнаабат сыаннастарын иҥэриини кытта ситимнээх боппуруостар хаһааҥҥытааҕар да сытыытык тураллар. Бу уонна атын да соруктары биһиги биир түмсүүлээхтик быһаарыахтаахпыт».

А.С.Николаев, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Баһылыга.

Мөккүөрү, дьүүллэһиини хаһыакка сиһилии биэрэр кыаллыбата өйдөнөр, дьиҥэр, быһыта тардан да буоллар, ол итэҕэһи саптына сатыахха баҕа улахан.

Г.А.Семенова, СӨ наукаҕа Аччыгый акадьыамыйатын үөрэтэр-тэрээһин уонна иитэр үлэҕэ проректора:

--Биһиги оскуола үөрэнээччилэригэр, кинилэр төрөөбүт тылларынан, саха тылыгар, литэрэтиирэтигэр уонна судаарыстыбаннай тыл быһыытынан, ону таһынан эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, дулгаан тылларыгар олимпиадалары ыытабыт. Саха тылыгар 90-с сыллартан саҕалаабыппыт, Хотугу норуоттар тылларыгар арыый да кэлин ылсыһан ыытар буолбуппут. Олмпиадалар тэрээһиннэригэр уонна үлэлэригэр ХИФУ-у кытта бииргэ үлэлиибит. Олимпиадаларбытыгар урут оҕолор 5-с кылаастан саҕалаан кытталлар этэ, билигин алын кылаастартан ылсан үлэлииллэр. Олимпиадаларбытын ыытарбытыгар, төрөөбүт  тылга чөл сыһыаны олохтуурга туһуланар судаарыстыбаннай бырагыраама өйөбүлэ улахан көдьүүстээх. Бу сылга өрөспүүбүлүкэ Баһылыгын истипиэндьийэтин 700 үөрэнээччи ылла. 2020 сылга диэри 30 оҕо тиксэр этэ. Олимпиадалар онлайн эрэсииминэн эмиэ ыытыллааччылар.

Мин этим маннык: төрөөбүт тылга СВОШ (Северо-Восточная олимпиада школьников) – оскуола үөрэнээччилэрин Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадаларын уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи олимпиада бастакы сүһүөхтэрин холбуу ыытыахха.

Төрөөбүт тыл учууталын бэлэмнээһин, учууталы дьоҕурдаах уонна талааннаах үөрэнээччилэри кытта үлэлииргэ бэлэмнээһин

Абдуллина Гульфира Рифовна, Башкир судаарыстыбаннай үнүбэрсиэтин филологияҕа, илиҥҥи тылларга уонна суруналыыстыкаҕа факультетын декана:

--Биһиги факультеппыт бэйэбит тылбытын уонна литэрэтиирэбитин эрэ үөрэтиигэ оҕолору тардар буолбатах. Маннык профильнай хайысхалардаахпыт: башкир тыла уонна литэрэтиирэтэ +кытай тыла, башкир тыла уонна литэрэтиирэтэ +кэриэй тыла, башкир тыла уонна литэрэтиирэтэ+дьоппуон тыла.

2019 сылга Башкортостаан Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕин министиэристибэтин уонна наукатын устуруктууратыгар национальнай үөрэхтээһин управлениета уонна туһааннаах ресурснай методкиин тэриллибиттэрэ. Башкир судаарыстыбаннай тылын уонна Башкирия норуоттарын тылларын  харыстыырга уонна сайыннарарга судаарыстыбаннай бырагыраама ылыллыбыта. Башкир тылын пуондата тэриллибитэ. Үөрэх процеһын кыттыылаахтарын судаарыстыбаннай уонна омук тылларын үөрэтэн, хас да тылынан дэгиттэр билиини ылыы кэрэхсэтэр. «Үөрэҕирии» национальнай бырайыагы олоххо киллэрии чэрчитинэн 4 полилингивальнай оскуола аһылынна. 12 маннык оскуоланы аһар былаан баар эрээри, билиҥҥитэ методическай хааччыллыыта кыайтара илик.

Биһиги факультеппыт преподавателлэрин кыттыыларынан, «Башкир дьыалабыай тыла» үөрэтэр пособие оҥоһуллубута. Орто уонна үрдүкү кылаастар үөрэнээччилэрэ дьыалабыай кэпсэтии уонна сыһыаннаһыы үөрүйэхтэрин ылыналлар. «Сэлэм» мобильнай сыһыарыыга 1500-тан тахса олох араас быһыытыгар-майгытыгар туттуллар башкирдыы уонна нууччалыы  тыллар таҥыллан сылдьаллар. Маны таһынан,биһиэхэ олимпиадалар кыайыылаахтарыгар, призердарыгар уонна кинилэр учууталларыгар харчынан бириистэр көрүллэллэр. Төрөөбүт тыл 50 учууталыгар сыл ахсын 200 000 солк төлөнөр.

Хава Навразова, чечен судаарыстыбаннай педагогическай үнүбэрсиэтин чечен филологиятын хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ: --Чечняҕа бары тэрээһиннэр чечен тылынан ыытыллаллар. Биһиэхэ чечен тылыгар үөрэтии чааһа эбиллибитэ. Нэдиэлэҕэ урукку 2 чаастан 5-6 чааска диэри улаатан биэрдэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ чечен тылын сайыннарыы үнүстүүтэ үлэлиир. Чечен тыла үнүбэрсиэт бары факультеттарыгар үөрэтиллэр. Төрөөбүт тылларын билэр исписэлиистэр ордук сыаналаналлар, чечен тылын үөрэтэр учууталлар хамнастара 15% үрдэтиилээх. Проблема, төрөппүт бииргэ бааллан сылдьыахтаах утаҕыттан сөллөн түһэн хаалбытыгар сытар. Төрөппүт оҕотугар саамай тутаах киһи, кини сүбэлээн, ыйан-кэрдэн биэрэрэ, наада түбэлтэтигэр ирдиирэ уонна ыйытара булгуччулаах.

Александр Поликарпов, Хотугу (Аартыкатааҕы) федеральнай үнүбэрсиэт тылбааска уонна прикладной лингвистикаҕа хаапыдыратын сэбиэдиссэйэ:

--2010 сыллааҕы биэрэпис түмүгүнэн, 43777 ненец баар. Ненец тылын үөрэтиигэ көрсүллэр уустуктар: төрөөбүт тылы үөрэтии наадалааҕын төрөппүттэргэ урутаан өйдөтүү; дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт тыл эйгэтин үөскэтии; федеральнай эспэртиисэни барбыт, ненец тылын саҥа көлүөнэ үөрэтэр кинигэлэринэн хааччыллыы;  ненец тылын харыстааһыҥҥа аналлаах дьаһаллары ыытыы; ненецтии суруллубут уус-уран айымньылары үгүөрүтүк бэчээттээһин; ненец тылыгар уонна култууратыгар үөрэтэр учууталлар квалификацияларын үрдэтии.

Дьүүллэһии сүрүн сыалынан маннык боппуруостар буоллулар – ыччаты төрөөбүт тылын үөрэтиигэ көҕүтүүнү күүһүрдүү, Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларыгар уонна литэрэтиирэлэригэр ыытыллар федеральнай олимпиадалар түмүктэрэ уонна сайдыыларын инникитэ, Арассыыйаҕа элбэх тыл сайдыытын өйөөһүҥҥэ эрэгийиэннэр уопуттара уонна үрдүк үөрэх кыһаларын быраактыкалара.

«Арассыыйа норуоттарын төрөөбүт тылларынан ыытыллар үөрэнээччилэр Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадаларын барыллааһын түмүктэрин уонна инники сайдыытын туһунан» сүрүн дакылааты ХИФУ үрдүк үөрэхтээһин иннинээҕи уонна идэҕэ хайысхалааһыҥҥа факультетын декана, педагогическай наука хандьытаата, доцент Светлана Васильевна Федорова оҥордо.

 - Үөрэнээччилэр төрөөбүт тылга Хотугулуу-Илиҥҥи олимпиадалара РФ 18 эрэгийиэниттэн 3346 оҕо кыттааччылаах ыытылынна. Урут эрэгийиэннээҕи таһымнарга олимпиадалар ыытыллыбыттара, федеральнай таһымнаах олимпиада – бастакытын. Олимпиада – саха тыла, эбээн тыла, эбэҥки тыла, дьүкээгир тыла, ненец тыла, татаар тыла, башкир тыла, чечен тыла – ыытылынна. Модератор – ХИФУ. Олимпиада икки түһүмэхтээх барда: сүүмэрдиир уонна түмүктүүр. Бастакы таһымыгар боростуой ирдэбил, иккис таһымыгар оҕо национальнай тылга дьоҕурун арыйыы соруга турбута. Саамай элбэх кыттааччылаах Чечня – 1710 үөрэнээччи, Саха Сирэ – 719, Татарстаан – 493, Башкортостаан – 241, дьүкээгир – 23, ненецкэй АУо – 5.

Олимпиада түмүгүнэн Амыр уобалаһыттан, Ненец аптаныамынай уокуругуттан, Башкортостаантан, Татарстаантан, Чечняттан уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн (6 эрэгийиэнтэн) 176 үөрэнээччи дипломант буолла, мантан 42-тэ быйыл оскуоланы бүтэрээччи.

 Түмүктүүр түһүмэҕэр ирдэбилэ кытаатар. Быйыл 8 тылга ыытылынна, эһиил 28 тылга ыытыллыаҕа. Арассыыйа үөрэҕин систиэмэтигэр 105 национальнай тыл үлэлиир, мантан 24 тылга  оҕону үөрэтии ыытыллар, 81 тыл биридимиэт курдук эбэтэр факультатив быһыытынан үөрэтиллэр. Олимпиада дипломанынан буолбут оҕолор педагогика, филология хайысхаларыгар, туттарыы эксээмэнэ суох, киириэхтэрин сөп. Төрөөбүт тыл патриота, ахсаабат пропагандиһа, биллиилээх педагог Тамара Ивановна Петрова аатынан бириэмийэ олохтонно (100 000 солк. суумалаах).

b851558c d157 4e49 a6b0 350d75758904 1

Туох уустуктар баалларый?

Сорох норуот мөлүйүөнүнэн ахсааннаах киһилээх, сорох тыһыынча иһинэн-таһынан ахсааннаах буолуоҕа. Маныаха, арааһа, төрөөбүт тылын билэр киһитин ахсаанынан олохтуур сөп буолара дуу?..Чуолаан аҕыйах ахсааннаах норуоттар тылларыгар учууталлары бэлэмнээһин уустук соруга баар. Куорат оҕотун төрөөбүт тылга интэриэһин көҕүлээһин эбэтэр интэриэстээһин ыытыллыахтаах этэ. Ол төрдүттэн кыаллыбакка турар.

Төрөөбүт тылы үөрэтиигэ чахчы күүстээх интэриэстээһининэн буолуох этэ -- үрдүк үөрэх таһымынан ыытыллар олимпиада түмүгэ биир кэлим судаарыстыбаннай эксээмэн таһымыгар тэҥнэнэрэ буоллар. Биһиги үнүбэрсиэппит олимпиадата итинник таһымҥа эппиэттиир. Боппуруоһу туруорсан көрөбүт эрээри, билиҥҥитэ кыалла илик. Национальнай тылга сыһыан атын федеральнай таһымҥа тахсыбыта баар чахчы. Атын идэлээх исписэлиистэр: матымаатыктар, физиктэр, о.д.а. оскуола биридимиэттэрин сахалыы үөрэтиигэ олус туһалаах көмөнү оҥоруохтарын сөп этэ.

РФ норуоттарын төрөөбүт тылларыгар уонна литэрэтиирэлэригэр ыытыллар олимпиадалар сыаллара уонна соруктара:

- РФ субъектарыгар төрөөбүт тылы уонна литэрэтиирэни харыстааһыҥҥа уонна өйөөһүҥҥэ эбии усулуобуйалары тэрийии;

-төрөөбүт тылы уонна литэрэтиирэни билиини тупсарыы, үөрэтиигэ интэриэһи күүһүрдүү;

-төрөөбүт тылга уонна литэрэтиирэҕэ дириҥ билиилээх, дьоҕурдаах уонна талааннаах үөрэнээччилэри булаттааһын уонна кинилэри өйөөһүн;

-үөрэнээччилэр тылга дьоҕурдарын сайыннарыы;

 -үүнэр көлүөнэни төрөөбүт тылын уонна култууратын таптыырга уонна убаастыырга иитии;

-гуманитарнай сибээстэри бөҕөргөтүү;

2021-2022 үөрэх дьылыгар РФ Үөрэҕин уонна наукатын министиэристибэтэ бигэргэппит олимпиадалар Арассыыйатааҕы сэбиэттэрин торумнааһынан ыытыллар олимпиадалар испииһэктэригэр 85 үрдүк үөрэх олимпиадалара киллэрилиннилэр. Олимпиадалар дипломаннара киирии эксээмэннэрэ суох үрдүк үөрэххэ киирэр быраабынан туһаныахтарын сөп, эбэтэр БКЭ-лэрин түмүктэрэ 100 баалга тэҥнэниэн сөп, өскөтө нуучча тылыгар БКЭ-лэрэ 75 баалтан үрдүк буоллаҕына.

Сүтэр кутталга сылдьар аан дойду тылларын атлаһа

ЮНЕСКО (2010 с.)

Аан дойдуга. 7000 кэриҥэ тыл баар. 2500 кэриҥэ тыл сүтэр кутталлаах. 2100 сылга 3500 кэриҥэ тыл сүтүөҕэ.

Арассыыйаҕа. 193 национальность, 277 тыл уонна диалект баар. 139 тыл кутталлаах зонаҕа киирэр. Арассыыйа «Кыһыл кинигэтигэр» 50 тыһыынча киһини куоһарбат ахсааннаах 63 национальнай тыл баар.

Кэбирэх куттаахтар: төрөөбүт тылларынан дьиэлэригэр эрэ саҥарар оҕолор. Тылларын сүтэрэр кутталлаахтар - оҕолор үөрэппэт буоллахтарына. Улахан куттал - төрөппүттэрэ өйдүүллэр, оҕолоро саҥарбаттар. Сүтэрии кирбиитигэр - тылы эһэлээх эбэтэ эрэ илдьэ сылдьаллар. Өлбүт тыл - тылы илдьэ сылдьааччы суох буоллаҕына.

Тус санаа

Национальнай тылларга сыһыаннаан, федеральнай таһымҥа хамсааһын тахсыах чинчитэ баар буолбут. Улахан дойду бэйэтин иһинээҕи национальнай тылларын, дьиҥэр, ким да утарбат. Оннук бэлиитикэ ыытыллар буоллаҕына, ол булгуччу олох-дьаһах күннээҕи быстах иирээнигэр, омугунан атааннаһыыга, өссө куһаҕанын талан эттэххэ, улахан алдьархайга даҕаны тиэрдэрэ ыраахтан буолбатах. Украиналыын билигин сэриилэһэ сылдьабыт, ол биир бастакы төрүөтүнэн хаһан эрэ «бырааттыы» дэнэр өрөспүүбүлүкэҕэ булан-булан, нуучча тылын тэпсэн киирэн барбыттара буолар.

Бэйэбит балаһыанньабыт туһунан этэр буоллахха, национальнай тыл көйгөлөммөт эрээри, федеральнай былаас өттүттэн мэлдьитин болҕомто, өйөбүл ууруллан кэллэ диэтэххэ, олус сөптөөх этии дэниэ этэ дуо? Боруоста, федеральнай киин: “Барыта үчүгэй, кэрэ маркиза!” – диирдии туттара, оттон провинциал иһиттэн саҥата кыайан тахсан биэрбэтинэн эрэйдэнэрэ ханна барыай? Ол түмүгэр барыта уу нуһараҥ курдук быһыы-майгы баар. Алларааҥҥылар ытаабаттар-соҥооботтор, оттон үөһээҥҥилэргэ ол эрэ наада.

Норуот тыла, кини олох олорор баар-суох тыына. Кини тыла тыыннаах буоларын туһугар тугун да харыстыа, туохтан да чаҕыйыа суохтаах. Тылын туруорсар, тылын көмүскэһэр диэн, ким да кэлэн садаҕалаан кэбиһиэ суоҕа. Арассыыйаны ылар буоллахха, дьиҥэр, бу боппуруоска балаһыанньа үчүгэй. Нуучча тыла, Арассыыйа бары норуоттарыгар халбаҥнаабат судаарыстыбаннай тыл. Нацменнар истэригэр нуучча тылын аанньа билбэт, куһаҕаннык туттар норуот баара буолуо дуо? Саарбах. Төттөрүтүн наһаа сабырыйтаран,баһылатан, кэлтэйдии охтон, төрөөбүт тылтан тэйии баара сымыйа буоллаҕай. Онон нуучча тыла даҕаны хомойор, тутурҕанар төрүөтэ төрдүттэн суох курдук.

Хата, бэйэбит мөлтөөн-ахсаан биэрэрбит кэмэ суох элбэх. Тылбытын, атын ким эрэ буолбакка, бэйэбит көйгөлүүбүт. Ол түмүгэр, дьэ, кырдьык, ыарахан туруктанна. Элбэҕи мээрилиир наадата суох, барыта биллэр суол.

Этэҥҥэ буоллаҕына, национальнай тылларга сыһыаннаан, Арассыыйаҕа саҥа хамсааһын баар буолуон сөп. Итинник бэлиитикэ үөһэттэн саҕаламмыта  үөрдэр. Ону мүччү тутуо суохтаахпыт, тэҥҥэ иилиҥкэйдэһэн иһиэхтээхпит. Биһиги, сахалар, кимтэн да туохпутунан да итээбэппит. Ылыныахпытын, ылсыахпытын, киирэн-тахсан иһиэхпитин эрэ наада. Тылбыт туһугар бүттүүн биир санаанан!

Прокопий ИВАНОВ

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением