Коронавирус дьаҥын кэмигэр саастаах дьоҥҥо саамай сөптөөх эрчиллиини оҥорбуттар диэн дьон-сэргэ сөбүлээбитин биллэрдэ. Саамай сүрүнэ, эрчиллиилэри дьиэҕэ хайа баҕарар оҥоруохха сөп, этэргэ дылы, сымнаҕас олбох эрэ наада. Видео-бырагырааманы «Национальное фитнес-сообщество” кэммиэрчэскэйэ суох партнерствота фитнес тириэньэрдэр көмөлөрүнэн оҥордо. Бырагыраамаҕа оруобуна 10 эрчиллии баар. Эрчиллиилэр бары судургулар, ким баҕарар дьарыктанар кыахтаах. Саамай сүрүнэ, бары киһи этин-хаанын чэбдигирдэр, уһугуннарар аналлаахтар. Видео-матырыйааллар РФ Спорка министиэристибэтин «Физическэй култуураҕа уонна спорка» (https://www.minsport.gov.ru/sport/physical-culture/kompleks-fizicheskikh/) диэн түһүмэҕэр баар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0