Ол курдук, 2019 сылтан улуус баһылыгын уурааҕынан 4 уонна 6 оҕону оҕоломмут дьиэ кэргэттэргэ көмө быһыытынан ньирэй бэриллибитэ. Былырыын уопсайа уон биир ыал ньирэйин туппута.
2020 сылга муниципальнай өйөбүлү 22 ыал (4-с оҕону оҕоломмут- 18, 6-с оҕону оҕоломмут -4 ыал) туһаналлар.
Горнай улууһун Социальнай политика отделын начаалынньыга Ксения Васильева: “Бэрдьигэстээх нэһилиэгиттэн 9, Маҥаны, Октябрьскай нэһилиэктэриттэн 3, Атамай, Маалтааны нэһилиэктэриттэн 2, Кировскай, Одуну, Солоҕон нэһилиэктэриттэн 1 ыал сүөһүнэн көмөнү быйыл ылар. Улууспут элбэх оҕолоох ыалларын кэскилин, инникитин, сайдыытын туһугар маннык өйөбүл сылын ахсын салҕанар”.
Кырдьык даҕаны, бу элбэх оҕолоох ыалга үчүгэй өйөбүл, итиэннэ төрүт үгэспитин - сүөһү иитиитин сөргүтэргэ кэскиллээх дьаһал буолар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0