Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -11 oC

Абый улууһун отчуттара бу сайын, үтүө күннэри баттаһа, үлүмнэһэн оттоотулар. Көрдөрүү да ол тэҥинэн диэн «Хотугу кыым» хаhыат бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйар.

Абый улууһун отчуттара бу сайын, үтүө күннэри баттаһа, үлүмнэһэн оттоотулар. Көрдөрүү да ол тэҥинэн диэн «Хотугу кыым» хаhыат бэйэтин телеграм-ханаалыгар суруйар.

Сүөһү дороххой аһылыгын былаана 120% туолла, ол эбэтэр былааннаах 1764 туонна оннугар 2114,1 туонна оттонно.

Билиҥҥи туругунан Дьооску учаастагар 355 га сир охсуллан, ходуһаларга 370 туонно от кэбиһиллибит. Муҥурдаах нэһилиэгэр 209 га сиртэн 450,6 туонна оту ылбыттар, ону күрүөлээн эрэллэр. Майыардар 165 га ходуһа сириттэн176 туонна оту бэлэмнээтилэр.

Ситиһиилээх үлэни 231 отчут, 54 тыраахтар, 85 звено, ол иһигэр 15 механизированнай, 32 механизированнай аҥардаах, 9 көлө-илии уонна 29 илии звенолара хааччыйдылар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Как питаются наши дети?

Ученые Якутского научного центра Сибирского отделения РАН представили результаты…
09.11.24 13:50