Пахомов ааҕыыларын туһунан киэҥник сиһилии кэлэргэ сырдатыахпыт. Оттон бүгүн кылгастык билиһиннэрдэххэ, НПК санитарнай ирдэбилинэн онлайн ыытыллыбыт. Видео-матырыйаалларын кыттааччылар муус устар 1 күнүгэр диэри тиксэрбиттэр. Өрөспүүбүлүкэ 17 улууһуттан 115 үөрэнээччи уонна 70 педагог, ол эбэтэр барыта 185 киһи кыттыбыт.
- Ааҕыылар ыалдьыттара. Утары ортоку тураллар: СӨ Үөрэххэ уонна наукаҕа миниистирин I солбуйааччы М.Ю. Присяжнай, Сунтаар улууһун баһылыга А.В. Григорьев, Мэҥэ Хаҥалас улууһун баһылыга Н.П. Старостин.
Лауреаттары наҕараадалааһын биир дойдулаахтара, экэнэмиичэскэй наука дуоктара, Арассыыйа наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын федеральнай чинчийэр киинин сүрүн үлэһитэ, СО РАН экэнэмиичэскэй наукаларга холбоһуктаах учуонай сэбиэтин чилиэнэ, Арассыыйа естественнэй наукаларын академиятын академига, СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас бочуоттаах гражданина, мецената уонна попечителэ Александр Алексеевич Пахомов аатын Тиэлиги оскуолатыгар иҥэрэр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сыһыарыллан ыытылынна.
- Вывесканы оскуола дириэктэрэ В.П. Денисов уонна А.А. Пахомов арыйдылар.
- Икки тэрээһини кыайа туппут А.И. Григорьев, I Наахара баһылыга.
Кыайбыт үөрэнээччилэргэ 5000, бастакы степеннээх дипломаннарга 3000, иккистээбиттэргэ 2000, үһүстээбиттэргэ 1000, оттон учууталларга 10 000, 7000, 5000, 3000 солкуобай суумалаах сэртипикээттэри туттардылар.
Ааҕыылар секциялара учуонай, салайааччы А.А.Пахомов үлэлээбит эйгэлэринэн араарыллыбыттар.
«Александр Алексеевич Пахомов олоҕо, уопсастыбаннай, судаарыстыбаннай уонна научнай үлэтэ” салааҕа лауреатынан Тиэлиги VIII кылааһын үөрэнээччитэ Анжела Александрова буолла. Киниэхэ наҕараадатын, итиэннэ оскуолаҕа көмпүүтэр ылалларыгар туоһу суругу Үүнэр көлүөнэлэр пуондатын генеральнай дириэктэрэ Владимир Анатольевич Егоров туттарда.
Бу секцияҕа I степеннээх дипломаннар -- Альбина Бурнашева уонна Ольга Христофорова (Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас), иккис -- Майя Федорова (Ороссолуода, Мэҥэ Хаҥалас, XI кылаас), үһүс -- Алина Михайлова (Кириэстээх, Сунтаар, Х кылаас).
“Саха сирин экэниэмикэтэ” салааҕа Майа VIII кылааһын үөрэнээччитэ Максим Корякин бөһүөлэгэр бассейн оҥорор бырайыагынан лауреаттаата. Мэҥэ Хаҥалас дьокутааттарын улуустааҕы сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Павел Данилович Сазонов наҕараадалаата.
Дипломаннар: I -- Михаил Слепцов (Майа, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас, “Кэрэли'" эбии үөрэхтээһин киинэ). II -- Андрей Владимиров (Табаҕа, Мэҥэ Хаҥалас), III -- Зоя Петрова (Горнай, Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинэ, Х кылаас).
«Естественнэй наукалар: Экология. Чөл олох. ОБЖ» хайысхаҕа лауреат -- уу састаабын чинчийбит Павел Слободчиков (Павловской , Мэҥэ Хаҥалас, Х кылаас). Кинини СӨ Экологияҕа министиэристибэтин уу сыһыаннаһыыларыгар уонна нэһилиэнньэни экологическай сырдатыыга департаменын сүрүн специалиһа Ньургуйаана Сергеевна Гуринова, СӨ Дьахталларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Егоровна Андреева, ХИФУ наукаҕа проректора Юрий Георгиевич Данилов тахсан эҕэрдэлээтилэр.
I степеннээх дипломант -- Ювеналия Иванова (Дьокуускай 7-с №-дээх оскуолатын IX кылааһа), II таһымҥа -- Саина Маркова ( Майа, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас), III -- Тамара Сидорова (Горнай, Л.Е.Лукина аатынан эбии үөрэхтээһин киинэ, Х кылаас).
«Тыа хаһаайыстыбатын наукалара» хайысхаҕа Бүлүү Бороҕонуттан IX кылаас үөрэнээччилэрэ Вячеслав Бусель уонна Руслан Гаврильев лауреаттаатылар. Кинилэр видео-сибээс көмөтүнэн хортуоппуйу сиэмэнэн үүннэрии туһунан кэпсээтилэр. Уолаттары АГАТУ ректорын э.т. Константин Константинович Кривошапкин эҕэрдэлээтэ.
Дипломаннар: бастакы кэрдиискэ -- Намина Говорова (Балыктаах, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас) . Иккискэ -- Эвелина Яковлева (Бүлүү Бороҕоно, VIII кылаас), үһүс -- Дмитрий Исаков (Тиэлиги, Мэҥэ Хаҥалас, IX кылаас).
«Историческай наукалар. Саха сирин хомсомуола» салааҕа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр өстөөх концентрационнай лааҕырдарыгар түбэспит мэҥэлэри ирдэспит Айсен Лонгинов (Моорук, Мэҥэ Хаҥалас, VII кылаас) кыайыылаах буолла.Айсеҥҥа наҕараадатын “Арассыыйа – мин историям” мультимедийнай- историческай паарка дириэктэрэ Дмитрий Иванович Соловьёв уонна РФ ыксаллаах быһыыга-майгыга бэтэрээнэ Юрий Александрович Ненашев туттардылар
Дипломаннар: I -- Анастасия Гаврильева уонна Олеся Баишева (Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас), II -- Нарыйаана Попова (Ороссолуода, Мэҥэ Хаҥалас, VIII кылаас), III -- Карина Сыромятникова (Кириэс Халдьаайы, Томпо, XI кылаас).
- Ааҕыылары Марианна Колодезникова ыытан киэргэттэ.
Учууталларга
«Агротехнологическай үөрэхтээһин» секциятыгар Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕын учуутала Яна Ильинична Габышева биология уруогун дьарыгын оскуола оҕуруотугар ыытар туһунан үлэтэ лауреаттаата. Докуускайдааҕы атыы-эргиэн экэнэмиичэскэй кэллиэһин дириэктэрин э.т. Егор Егорович Неустроев наҕараадатын туттарда.
Дипломаннар. Бастакы таһымнаах -- Захарова Надежда Александровна (Аллараа Бэстээх, Мэҥэ Хаҥалас), II -- Попова Ульяна Валерьевна (Ньурба улууһун Сүлэ оскуолата) III – Слепцова Мария Семеновна уонна Черепанова Светлана Семеновна (Эбээн Бытантай улууһун Кустуура).
«Политехническай үөрэхтээһин” лауреата -- Мэҥэ Хаҥалас үөрэтэр-оҥорон таһаарар киинэ (дириэктэр Н.П.Тарасов). Бу киин педагогтара, кванториум курдук, оҕолорго аналлаах “FabLab” диэн инженернэй-техническэй лаборатария-фабриканы үлэлэтэн саҕалаабыттар. Уһуйааччыларга наҕараадаларын Дьокуускайга олорор сунтаардар түмсүүлэрин толорооччу дириэктэрэ Владимир Иннокентьевич Лазарев, орто анал үөрэхтээһин бэтэрээнэ Юрий Петрович Сивцев туттардылар.
I степеннээх дипломант -- Онопров Игорь Васильвеич (Мэҥэ Хаҥалас үөрэтэр-оҥорон таһаарар киинэ) II -- Иванова Светлана Михайловна (Тиэлиги),Трофимова Лилия Германовна (Дьокуускайдааҕы гуманитарный колледж), III -- Николаева Дария Ефимовна (Амма улууһун Чакыра)
«Педагогическай технологиялар: дьиэ кэргэн уонна оҕону иитии». Мэҥэ Хаҥалас Бэдьимэтигэр 2012 сылтан үлэлиир, кэнчээри ыччаты куолаан иитиигэ туһуламмыт “Дьөһүөл” бырайыак туһунан ааптар Попова Екатерина Николаевна билиһиннэрдэ. Лауреакка наҕараадатын Кириэс Халдьаайы оскуолатын 1974 сыллаахха бүтэрбиттэр түмсүүлэрин бэрэсидьиэнэ Ефимов Прокопий Прокопьевич туттарда.
I степеннээх дипломант -- С.В. Колосова уонна бырайыак салайааччыта Билюкина Марианна Юрьевна ("Кэрэли" эбии үөрэхтээһин киинэ, Мэҥэ Хаҥалас), II -- Попова Марфа Прокопьевна (Баатара «Кэскил» оҕо саада, Мэҥэ Хаҥалас), III – Раиса Иосифовна Стручкова (Амма улууһун Сулҕаччыта).
“Профориентационнай үлэ” секцияҕа Бүлүү Г.С.Донской аатынан 2-с №-дээх оскуолатын айар бөлөҕө кыайда. Кинилэр видео-сибээһинэн быһа тахсан, кылгас эрээри, чаҕылхай олоҕу олорбут выпускниктара Андрей Слепцов научнай-чинчийэр үлэ сайдыытыгар оруолун туһунан кэпсээтилэр. Лауреаттары СӨ Суруналыыстарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Галина Алексеевна Бочкарева уонна Мэҥэ Хаҥалас диспетчерскэй сулууспатын начаалынньыга Матчитов Егор Николаевич эҕэрдэлээтилэр.
I степеннээх дипломант -- Петрова Кэскилээнэ Николаевна ( Майатааҕы үөрэтэр-оҥорон таһаарар киин), иккис -- Бубякина Февронья Григорьевна уонна Дьячкова Нарыйа Алексеевна (Ньурба 2-с №-дээх оскуолата), үһүс -- Герасимова Александра Дмитриевна (Уус Алдан Хоноҕор оскуолата).
- НПК-ны үрдүк таһымҥа тэрийбит Тиэлиги педагогическай кэлэктиибэ.
Пахомов ааҕыылара бары өттүнэн үрдүк таһымнаахтык барда. Бирииһэ да бэртээхэй. Дэлэҕэ “Инникигэ хардыы” киинин салайааччыта, биологическай наукалар дуоктара Михаил Черосов: “Бириэмийэлэрэ ханнык да НПК-тааҕар улахан. Онон кэлэр сырыыга букатын элбэх киһи кыттыа диэн сэрэйэбин”, -- диэн бэлиэтээн этиэ үһү дуо?.
- Тиэлиги оскуолатыгар А.А. Пахомов аата иҥэриллибитин туоһулуур докумуону туттарыы түгэнэ.
Бу кэмпириэнсийэни үс сылга биирдэ ыытар гына быһаарбыттар. Ол аата кэлэр ааҕыылар 2024 сылга буолаллар. Онуоха диэри тиэлигилэр саҥа оскуола дьиэлэнэллэригэр баҕарабыт.
- Арчы дьиэтин үлэһитэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Борис Михайлов алгыһынан ааҕыылар этэҥҥэ аастылар.
Ити күн өссө, эппиппит курдук, Тиэлигигэ аҕалар өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэрин финала буолла.
Кыайыылаахтар -- Чурапчы Сылаҥыттан Семен Семенович уонна уола Владислав Макаровтар. СӨ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтэ туруорбут квадроциклынан наҕараадаланнылар. Иккис -- Таатта улууһуттан Петр Романович, Арсен Чупровтар, үһүс -- Яков Николаевич, Михаил Кривошапкиннар (Чурапчы).
Манна даҕатан эттэххэ, бу күрэхтэһиини аан бастаан 2000 сыллаахха Александр Алексеевич Пахомов СӨ Дьиэ кэргэн дьыалаларыгар кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ эрдэҕинэ тэрийбитэ. Түстээбит куонкуруһа, саҕалаабыт бачыыма оруобуна оскуолаҕа аата иҥэриллэр күнүгэр төрөөбүт Тиэлигитигэр ыытыллыбыта эмиэ ураты суолталаах, икки бүк үөрүүлээх.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0