Сайыҥҥы сынньалаҥ кэмигэр оҕолору икки бөлөххө арааран үлэҕэ ылыахтарын сөп. Ол курдук, 14-тэн 16-гар диэри уонна 16-тан 18-гар саастаах оҕолор хапсаллар. Сокуонунан, 14-тэн 16-гар диэри саастаах оҕолор кылгатыллыбыт үлэ күнүгэр үлэлииллэр. Ол эбэтэр хамнастара 12,3 тыһ. солк. саҕалаан 16,9 тыһ. солк. тэҥнэһиэн сөп.
16-тан 18-гар диэри саастаах оҕолору үлэлэтэргэ өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн 17,9 тыһ. солк. саҕалаан 24,6 тыһ. солк. диэри субсидия көрүллэр. Маныаха үлэ биэрээччилэр сокуоннай саастарын ситэ илик оҕолору 3 ыйтан уһуннук үлэлэтиэ суохтаахтар.
СИА матырыйаалынан.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0