Бэбиэскэ чэрчитинэн, кэмитиэт чилиэттэрэ бастакынан аҕыйах ахсааннаах омуктар оҕолоругар үгэстэригэр олоҕуран араспаанньа, аат уонна аҕатын аатын иҥэрэллэрин туһунан өрөспүүбүлүкэтээҕи сокуон барылын дьүүллэстилэр. Сокуон барыла СӨ норуотун дьокутааттара Е.Х. Голомарева, В.Н. Губарев, М.Н. Евсеев, И.И. Андреев, [А. П. Николаев], М.К. Николаев, М. П. Пинигин, О. А. Пустов, И. И. Романов, П. П. Юмшанов, Л. Л. Явловская көҕүлээһиннэринэн парламент көрүүтүгэр киириэхтээх.
Санатан эттэххэ, сокуон барыла Саха Өрөспүүбүлүкэтин сиригэр-уотугар олорор аҕыйах ахсааннаах омуктар оҕолоннохторуна, судаарыстыбаннай сурутууга киллэрэллэригэр национальнай үгэстэригэр сөп түбэһиннэрэн аат-суол иҥэриэхтэрин сөп. Сокуон барыла бастакы ааҕыыга ылыныллыбыт.
Кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Елена Голомарева бэлиэтииринэн, иккис ааҕыыга уларытыы таблицатыгар сокуон барылын көннөрөр хараактардаах формулировката чуолкайданар. Дьокутааттар иккис бүтэһиктээх ааҕыыга сокуон барылын ылынарга сүбэлииллэр.
Салгыы дьокутааттар Судаарыстыбаннай Дуума ааҕыытыгар киллэриэхтээх «Российскай Федерацияҕа дьиэ табатын хоту иитии туһунан» федеральнай сокуон барылын дьүүллэстилэр.
Елена Голомарева санатарынан, хоту табаны иитии туһунан федеральнай сокуон барыла Судаарыстыбаннай Дуума ааҕыытыгар 3-тэ киирбитин үрдүнэн, өссө да ылынылла илигин санатта. Судаарыстыбаннай Дуума дьокутааттарынан көҕүлэммит «Табаны хоту иитии туһунан» сокуон барыла дуума иккис ыҥырыылаах мунньаҕар ылыллыбыт уонна Федерация Сэбиэтинэн тохсунньу 27 күнүгэр 1999 сыллаахха бигэргэтиллибит. Ол эрээри салгыы ситэриллиэн наадатынан аккаастаммыт. 2002 сыл от ыйын 1 күнүгэр Судаарыстыбаннай Муума үһүс ыҥырыылаах мунньаҕар дьокутааттар В.Н. Басыгысов, В.Н. Пивненко, Н.Л. Пискун, В.М. Етылин бэлэмнээбит «Табаны хоту иитии туһунан» саҥа сокуоннарын барыла киллэриллибит. Маны эмиэ сокуон барылын кэнсиэпсийэтин хат көрүҥ диэн этиилээх аккаастаабыттар.
Ол да буоллар Саха сирэ бастакынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах «Дьиэ табатын хоту иитии туһунан» диэн 179-I №-дээх сокуону 1997 сыллаахха бэс ыйын 25 күнүгэр ылыммыта. 2009 сыллаахха РФ табаны иитэр субъектарын санааларыгар олоҕуран, таба итии туһунан сокуон буолбакка эрэ, «Хоту табаны иитээччилэргэ судаарыстыбаттан өйөбүл туһунан» сокуону оҥоруохха наада диэн Федерация Сэбиэтэ бэлиэтээбит.
Елена Голомарева бэлиэтииринэн, өр сыллаах туруорсуулар кэннилэриттэн дьиэ табатын хоту иитии туһунан сокуон өйөнөрө уонна бигэргэнэрэ буоллар, таба иитээччилэри өйүүргэ биир кэлим быраап оҥоһуллуон уонна ити эйгэ көдьүүстээхтик сайдарыгар усулуобуйа тэриллиэн сөп.
Дьокутааттар иккис дьүүллэспит боппуруостарынан эһиилги сылга кэмитиэт үлэтин былаана буолла. Салгыы СӨ аҕыйах ахсааннаах омуктарын ассоциацията «ТВ Студия Август» генеральнай дириэктэрин Николай Шкарубаны Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бочуотунай грамотатынан наҕараадалыыр туһунан көрдөһүүтүн кэмитиэт чилиэннэрэ өйөөтүлэр.
Елена Голомарева иһитиннэрбитинэн, Николай Шкаруба хас эмэ сыл устата документальнай киинэлэри устарынан дьарыктанар. «Земля людей» этнографическай бырайыага тиһигин быспакка «Культура» диэн тэлэбиидэнньэ ханаалыгар көстөр. Студия ааспыт сыл атырдьах ыйыгар Мэҥэ Хаҥаласка, Аллайыахаҕа уонна Аллараа Халымаҕа сылдьыбыт. Сырыы түмүгэ – «Мегино-кангаласские якуты. Три мира, девять небес», «Русскоустьинцы. Под солнцем Арктики», «Тундренные юкагиры» и «В созвездии оленя» диэн киинэлэр буолан тахсыбыттара, «Культура» ханаалга көстүбүт.
Мунньах бүтэһигэр сис кэмитиэт чилиэннэрэ «Төрүт омуктар үгэс олохторун харыстааһын төрдө – табаны иитиигэ» уонна «Киһи доруобуйатын уонна кини олоҕун хааччыйыы төрдө – хоту тиэйэн илдьиигэ» диэн төгүрүк остуоллар сүбэлээбит бырайыактарын биһирээтилэр.
Тустаах кэмитиэт чилиэннэрэ дьүүллэһии кэнниттэн боппуруостары Ил Түмэн чугастааҕы пленарнай мунньаҕар киллэрэргэ быһаарыы ылыннылар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0