Бүгүн биhиги аан дойдутааҕы Оҕо кѳмүскэлин күнүн долгуйа бэлиэтиибит. Кѳмүс чыычаахтарбытыгар, оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр дьоллоох оҕо сааhы, кытаанах доруобуйаны, кэнэҕэскитин ситиhиилээх үтүѳ дьон буола улааталларыгар, үүнэллэригэр-сайдалларыгар туохтан да күүскэ баҕарабыт. Кинилэр үѳрэ-кѳтѳ оонньуулларын, сүүрэллэрин-кѳтѳллѳрүн манньыйа, астына кѳрѳбүт, туох эрэ саҥаны биллэхтэринэ-кѳрдѳхтѳрүнэ, ситиhиилэннэхтэринэ, астынабыт-дуоhуйабыт, киэн туттабыт.
Оҕо кѳмүскэлин күнэ биhиэхэ, улахан дьоҥҥо, кэнчээри ыччаппыт иннигэр эппиэтинэспитин, оҕолор доруобуйаларын уонна олохторун, бырааптарын харыстааhын бары таhымҥа турар сүрүн сорук буоларын ѳссѳ тѳгүл санатар.
Олохпутун ис хоhооннуур, киэргэтэр, күндүттэн күндү, нарын-намчы сибэккилэрбитин – оҕолорбутун бүѳбэйдээн-харыстаан, таптаан иитиэҕиҥ, эйэлээх халлаан анныгар үүннэриэҕиҥ.
Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0