Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 2 oC

Быйыл Дьокуускайга Саас уонна Үлэ бырааhынньыгын күнүгэр Пиэрибэй Маай параада ыытыллыбат буолла. Ол туhунан Дьокуускай куорат уокуругун дьаhалтатын пресс-сулууспата иhитиннэрэр.

Быйыл Дьокуускайга Саас уонна Үлэ бырааhынньыгын күнүгэр Пиэрибэй Маай параада ыытыллыбат буолла. Ол туhунан Дьокуускай куорат уокуругун дьаhалтатын пресс-сулууспата иhитиннэрэр.

«Дьокуускай куорат салалтата, Саха Ѳрѳспүүбүлүкэтин Профсойуустарын Федерациятын быhаарыытыгар олоҕуран, дойду эмиэ атын эрэгийиэннэригэр курдук, 1 Маайга бырааhынньыктааҕы демонстрацияны ыыппат», - диэн биллэрилиннэ.

Ол оннугар үлэ кэлэктииптэригэр бырааhынньыктааҕы мунньахтар, анал байыаннай эпэрээссийэ кыттыылаахтарын ѳйүүр гуманитарнай аахсыйалар, профактыып кѳрсүhүүлэрэ, социальнай-үлэ боппуруостарын быhаарыыга аналлаах тэрээhиннэр ыытыллыахтара.

Эрдэ Арассыыйа тутулуга суох профсойуустарын Федерациятын (ФНПР) бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Александр Шершуков маннык дьаhал ылыллыытын террористическай куттал таhыма үрдээбитинэн быhаарбыта.

Хаартыска аhаҕас источниктан ылылынна.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Общество

Бизнес оценит законы

Как соблюсти баланс интересов власти и малого бизнеса, как должны учитываться предложения…
05.10.24 10:23