1703 сыл тохсунньу 13 күнүгэр «Ведомости» диэн Россия бастакы хаһыата тахсыбыта. Бу күн эһиги – саҥа Россия сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрин уонна бэчээтин үлэһиттэрэ устуоруйа утумун кэрэһилиир идэлээх бырааһынньыккытын бэлиэтиигит. Төһө да кэм-кэрдии уларыйдар-тэлэрийдэр, буола турары хайдах баарынан сырдатар сытыы тылга уонна бөрүөҕэ сулууспалааччылар үлэлэрин-хамнастарын дьоһун суолтата сыппаабат. Эһиги баар буолаҥҥыт дьон-сэргэ дойдубутугар, аан дойдуга барытыгар туох буола турарын билэр-көрөр, анаарар уонна тирээн турар кыһалҕаларга бэйэлэрин санааларын чопчулуур кыахтаахтар. Дьон-сэргэ эһигиттэн өрөспүүбүлүкэбитигэр, дойдубутугар уонна аан дойдуга олох-дьаһах туһунан бары өттүттэн кырдьыктаахтык сырдатар матырыйааллары эрэйэр.
1887 сыллаахха «Якутские епархиальные ведомости» диэн хаһыат тахсыбыта, 1892 сылтан «Якутские областные ведомости» диэн хаһыат баар буолбута. Оттон бүгүн Саха сиригэр сонуннары киэҥник тарҕатар 32 электроннай, 92 бэчээт, 84 ситим – уопсайа 208 сириэстибэ баар. Кинилэр бары былааһы уонна уопсастыбаны ситимниир күүс буолан, эрэгийиэн олохтоохторун долгутар кыһалҕалаах боппуруостары быһаарарга көмөлөһөн, иһитиннэрии киэҥ эйгэтин тэрийэргэ тус кылааттарын киллэрэллэр.
Сонуннары киэҥник тарҕатар сириэстибэлэрбит кылгас кэм иһигэр сыыппараҕа көһүү суолугар үктэннилэр. Саҥа технологиялар олохпутун бүтүннүүтүн уларыталлар. Инники олохпут эһигиттэн быһаччы тутулуктаах. Суруйан, дьиҥ олоҕу устан дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатар, иһитиннэриини тиэрдэр дьон – эһиги сабыдыалгыт олус күүстээх.
Биллэн турар, тосту-туора сыаннастары биһиэхэ сыҥалыыр күүстэри кытта туруулаһар кэммитигэр уопсастыбаны сомоҕолуурга хас биирдии суруналыыс гражданин быһыытынан тус санаатын биллэрэрэ хаһааҥҥытааҕар да дьоһун суолталаах. Анал байыаннай дьайыы туһунан кырдьыктаах уонна суһал сырдатыы кырдьыгы быһаарарга, сымыйаны саралыырга улахан төһүү буолар. Онуоха байыаннай кэрэспэдьиэннэр тутаах оруоллаахтар. Кинилэр кыргыһыы инники кирбиититтэн бэйэлэрин репортажтарыгар, суруйууларыгар Саха сирин буойуннарын сулууспаларын, хорсун быһыыларын туһунан тиһигин быспакка кэпсииллэрэ кыайыыга эрэлбитин бөҕөргөтөр. Кинилэр эмиэ буойуннар – барыларын кытта бииргэ, ардыгар олохторун толук ууралларын кэрэйбэккэ, кырдьык туһугар уонна барыбыт кэскилбит иһин охсуһаллар. Манна даҕатан эттэххэ, эрэгийиэннэр ортолоругар байыаннай кэрэспэдьиэннэр ахсааннарынан өрөспүүбүлүкэбит инники күөҥҥэ сылдьар.
Күндү доҕоттор! Төрөөбүт өрөспүүбүлүкэбит, дойдубут сайдарын туһугар дьоһун суолталаах үлэҕит иһин махталбын тиэрдэбин. Бу дьоро күн саха суруналыыстыкатын уонна бэчээтин үтүө үгэстэрин үксэтиигэ тус кылааккыт иһин бэтэрээннэргэ ытыктабылбын биллэрэбин.
Ис сүрэхпиттэн айымньылаах үлэни, бэриниилээх ааҕааччылары, истээччилэри уонна көрөөччүлэри, ситиһиилэри баҕарабын! Тус бэйэҕитигэр уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн доруобуйаны, уҕараабат эрчими, эйэни, үтүөнү, дьолу-соргуну, этэҥҥэ буолууну!
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0