Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -21 oC

Атырдьах ыйын ортотуттан саҥа үөрэх дьылыгар, сайыҥҥы уоппуска кэнниттэн үлэҕэ тахсарга бэлэмнэнэн барабыт. Чааһынай дьиэлээхтэр, кыбартыыраҕа да олорооччулар дьиэбитин-уоппутун өрө тардабыт, сууйабыт-сотобут, өрөмүөннүүбүт. Ааҕааччыларбыт, баҕар, туһаныаххыт диэн дьиэ өрөмүөнүгэр сыһыаннаах сүбэлэри таһаарабыт.

Атырдьах ыйын ортотуттан саҥа үөрэх дьылыгар, сайыҥҥы уоппуска кэнниттэн үлэҕэ тахсарга бэлэмнэнэн барабыт. Чааһынай дьиэлээхтэр, кыбартыыраҕа да олорооччулар дьиэбитин-уоппутун өрө тардабыт, сууйабыт-сотобут, өрөмүөннүүбүт. Ааҕааччыларбыт, баҕар, туһаныаххыт диэн дьиэ өрөмүөнүгэр сыһыаннаах сүбэлэри таһаарабыт.

Кырааскаҕа – тэттик сүбэ

Дьиэ үрдүн киистэнэн кырааскалыыр үөрүйэҕэ суох киһиэхэ олус куһаҕан уонна марайдаах үлэ. Кырааска киистэ устун таҥнары халыйан илиигэр биһиллэр. Дэбигис кыайан сууйуллубат маслянай, эмаль кырааска буоллаҕына, дьыала өссө хаахтыйар. Оннук буолбатын наадатыгар киистэҕэр пластилинынан эбэтэр самаасканан туттаран үөһэ диэки “тоһуйа” сылдьар боруоҥканы сыһыарыахха сөп. Бөҕө-таҕа кумааҕыны, хортуону эбэтэр аныгы синтетическэй матырыйаалы (холобур, роса бытыылкатын төбөтүн быһан) эмиэ туһаныахха сөп. Мунньуллубут кыраасканы иһиккэ төттөрү сүөкээн иһэҕин. Кыра да буоллар – экэниэмийэ.Кырааска үрдэ үрүмэлэнэн хаалар түбэлтэтигэр сиидэлии сатыыр наадата суох. Бааҥкаҕа хоппуруон чулкуну кэтэрдэн баран кыраасканы сүүрдэн түһэриэххэ сөп.Маслянай кыраасканан сотуллубут эркини суодалаах, нашатырнай испиирдээх сылаас уунан сууйуллар (лиитэрэ ууга остолобуой ньуоска испиири кутабыт). Ити кэннэ сииктээх, онтон кураанах тирээпкэнэн сотобут.Өрөмүөн кэннэ дьиэҕэ кырааска сыта олорон хаалааччы. Киһи төбөтүн ыарытыннарбатын, сыт түргэнник ааһарын туһугар хоско икки-үс сиргэ туустаах уута ууруҥ.Маслянай кырааска хаппатын курдук үрдүгэр биллэр-биллибэт гына мас арыытын кутан биэрэр куолу.

Ламинат эбэтэр паркет?

Өрөмүөн оҥосто сылдьар дьон “муостабытыгар тугу тэлгэтэбитий?” диэн төбөлөрүн сынньаллар. Ламинат муостаны талабыт дуу, паркеты дуу? Бу матырыйааллар туһалаах уонна табыгаһа суох өрүттэрин тэҥнээн көрүөҕүҥ.

Хаачыстыбалаах ламинаты хобулук да, миэбэл да дьуккуруппат, суолу хаалларбат, онно эбии умайар куттала суох. Төһө ноҕоруусканы тулуйарыттан көрөн ханна баҕарар тэлгэтиэххэ сөп: утуйар хоско, куухунаҕа, маҕаһыыҥҥа... Ламинат 23, 31, 32 уонна 33 кылаастаах буолар. Олус улахана суох кээмэйдээх буолан таҥан оҥорорго судургу. Сууйарга-соторго чэпчэки: инчэҕэй тирээпкэнэн сотон эрэ кэбиһэҕиҥ. “Үчүгэй хаачыстыбалаах ламинат 8-10 сыл устата туох да буолбакка турар” диэн этэллэр. Итэҕэһэ тугуй? Паркет хаптаһыны кытта тэҥнээтэххэ, тымныы уонна тыастаах буолар. Ол иһин, үп-харчы эппиэттэһэр буоллаҕына, тыаһы намыратар матырыйаалы ("звукопоглощающай подложканы") эбии тэлгиир ордук. Төһө хаачыстыбалаах буолбутун иһин үйэтинэн дьиҥнээх мас муостаҕа, биллэн турар, тэҥнэспэт.

Оттон паркет дьиҥ мастан оҥоһуллар. Сылаас буолар, тыаһы таһаарбат. Чөлүгэр кэбэҕэстик түһэриэххэ сөп: шлифовкалаан баран лаахтаан кэбиһэҕин. Бүттэҕэ ол. Тэлгииргэ түргэн. Дьиҥ-чахчы үчүгэй хаачыстыбалаах паркет 20-30 сыл устата туох да буолбакка туруон сөп үһү. Итэҕэһэ диэн сууйарга-соторго бырыынчык соҕус. Сууйар уугут олус итии эбэтэр тымныы буолуо суохтаах. Химия булкаһыктаах убаҕаһы, кумаҕы сөбүлээбэт.

Аан санньылыйан түспүт буоллаҕына

Билиҥҥи ааннар аҕыйах сыл буолаат эргэрбитинэн бараллар. Санньылыйбыт аан муостаны аалар, кэбирэтэр. Ааны иэччэҕиттэн устубакка эрэ судургу албаһы туһанан көннөрүөххэ сөп. Бөҕө оҥоһуулаах быһах эрбиини ааҥҥар туора угагыҥ уонна ону атаххынан быһа үктээн туран ааҥҥын күүскэ аһаҕын-сабаҕын. Оччоҕо ааныҥ өрө тахсан биэрэҕэ.

Аан холуодатыгар сааллыбыт тирии куһуочук элэйэн ааны кыайан туппат буолар. Тирии үрдүн маслянай кыраасканан чараастык соттоххо, аан уустуга суох сабыллар буолар.

Дьиэни хайдах кэҥэтэн көрдөрөбүтүй?

Киһи эрэ барыта киэҥ-куоҥ, сырдык дьиэҕэ олоруон баҕарар. Ол, биллэн турар, баҕардахпыт аайы табыллыбат. Маннык албастары туһанан дьиэ иһин кэҥэтэн көрдөрүөххэ сөп.

– Хос иһэ төһөнөн сырдык да, оччонон кэҥээн, үрдээн көстөр. Ол иһин сырдык өҥнөөх обуойу, кыраасканы талыҥ. “Муоста өҥө эмиэ сырдык буоллаҕына, өссө ордук” диэн дизайнердар сүбэлииллэр. Аны туран билигин дьиэ муостатын барытын биир матырыйаалынан оҥорор муода кэллэ. Хос ааныгар силбэһэр сирдэрэ (стыктара) суох буолуохтаах. Бу ордук дьоҕус иэннээх таас кыбартыыларга сыһыаннаах.

– Уот-күөс элбэҕи быһаарар. Хоскут намыһах, кыараҕас буоллаҕына, күн уотун курдат аһардар чараас матырыйааллаах остуораны эбэтэр тюльу ыйааҥ. Күн уота дьиэ иһин кэҥэтэн көрдөрөр. Саха сирин кыһына уһун, онон лаампалары элбэтиҥ. Ол кыаллыбат буоллаҕына, бра-лары, торшердары туруоруҥ.

– Элбэх миэбэл дьиэ иэнин сиир. Онон, өрөмүөҥҥэ санаммыт буоллаххытына, эргэрбит, туһата суох миэбэллэргитин аҕыйатыҥ. Дьоҕус иэннээх кыбартыыраҕа купе-ыскаабы, анныгар мал угардаах орону, дьыбааны атыылаһар табыгастаах.

Перепланировка”: ханнык түгэҥҥэ докумуон ирдэнэрий?

Дьиэ сыаната үллэ-балла үрдээн билигин дьон үксэ биир, икки хостоох кыбартыыраны атыылаһар. Ботуччу сыанаҕа атыыласпыт дьиэтин хас биирдии “миллимиэтирин” туһаҕа таһаараары бэйэтигэр табыгастаах гына уларытан, тупсаран оҥостор.

“Перепланировка” диэн киирии тыл эрээри, ырааҕынан эргитэн быһаарардааҕар биир тылынан этэн кэбиһэр быдан өйдөнүмтүө курдук. Онон, “перепланировка” диэн суруйуум.

Дьэ, саҥа таас кыбартыырабыт күлүүһүн туттубут. Өскөтүн бэйэҕит олороргутугар анаан хапытаалынайдык оҥостор буоллаххытына, хара маҥнайгыттан ымпыгар-чымпыгар тиийэ толкуйдуургут наада. Кыбартыыраҕытын “перепланировкалыыр” былааннаах буоллаххытына, үлэ саҕаланыан иннинэ болҕомтоҕо ылыҥ.

Аныгы дьиэлэргэ көрүдүөрдэрэ киэҥ баҕайы буолар. Сорохтор “киирэр ааҥҥа ыскаап батан турар сирэ баар буоллаҕына, ол сөп” диэн көрүдүөрү аччатан, ол суотугар хоһу эбэтэр куухунаны улаатыннараллар. Дьиэ истиэнэтин көтүрэргэ, саҥаны туруорарга, хостору улаатыннарарга-аччатарга эбэтэр биир хоһу аҥаардаан икки кыра хос оҥорорго кэккэ ирдэбил баар.

Кыбартыыраҕа тугу уларытарбытыгар сөбүлэҥ ылыахтаахпытый?

– санузеллары (ваннаны, туалеты) холбуурга хайаан да көҥүл ылыахтааххын. Балар “мокрай зонаҕа” киирсэллэр.

– Түннүктээх истиэнэни көтүрэргэ, батарыайаны атын сиргэ көһөрөргө.

– Санузелга сантехника, куухунаҕа электрическай плитка, гаас турар сирдэрин уларытарга.

– Муостаҕа бетону кутан саҥалыы оҥорорго.

– Болкуону ичигэс оҥорон дьиэ иэнин улаатыннарарга.

– Ааны атын сиргэ көһөрөргө.

Бу – сүрүннэрэ. Докумуонунан бигэргэппит буоллаххына, хайа-талбыт уларытыаххын сөп. Сокуон быһыытынан, ханнык да тэрилтэ, салайар хампаанньа бобуо суохтаах.

Арай көтүрүллүө суохтаах (ненесущай) истиэнэни уонна холуоннаны ончу тыытыа суохтааххын. Балар дьиэ өһүөтүн тутан тураллар. Улаханнык ыстарааптыыллар, ону ааһан сууттуохтарын да сөп. Холобур, колуонна кытыытыгар оннооҕор розетка боруобатын иһирдьэ киллэрэн тардар көҥүллэммэт. Дьиҥэ, боруобаты тардарга 1-1.5 см. эрэ дириҥҥэ истиэнэни үүттүүр наада. Аны туран, көтүрүллүө суохтаах (ненесущай) истиэнэҕэ кондиционер туруорар эмиэ көҥүллэммэт. Ыстарааптанаҕын.

Домвент” диэн тугуй?

Дьиэбит подьеһыгар, киирэр ааныгар “установим домвент” диэн биллэриилэри көрөн аһарабыт. Үгүстэр домвент диэни билбэттэр, “бу туох буоллаҕай?” диэн мунаараллар. Кэлиҥҥи икки сылтан бэттэх үөдүйдэ.

Судургутук быһаардахха, бу – таас дьиэни салгылатар хайаҕас. Мас дьиэҕэ баҕарбыт сирбитигэр ханан баҕарар хайаҕас оҥоруохпутун сөп. Оттон таас дьиэҕэ бу дьыала уустугуран биэрэр. Кыһын ордук кыра оҕолордоох дьон түннүгү аһан салгылатар кыахтара суох. Онтон домвент туруортардахха, күннэри-түүннэри да аһаҕас туруон сөп. Тымныы киирэрэ улаханнык биллибэтин үрдүнэн дьиэ иһин салгынын бэркэ хамсатар.

Дьокуускайга домвент туруорар маастар элбэх. Таас истиэнэни үүттүүр анал тэрил көмөтүнэн аҕыйах мүнүүтэ иһигэр туруора охсоллор. Дьиэ ис өттүгэр баар хайаҕаска “коробканы” олордоллор (иһигэр боролуоннаах буолар), тас өттүгэр үөн-көйүүр киирбэтин диэн сиэткэлииллэр. Ирдэбил быһыытынан батарыайа таһыгар туруораллар. Батарыайаттан тэйиччи туруордахха, кыһын кондетсаттаан мууһуруон-кырыарыан сөп. Домвены Дьокуускайга ортотунан 3000 солк. туруораллар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Уопсастыба

Кинилэр олоҕу киэргэтэллэр

Мэҥэ Хаҥалас улууһун Хаптаҕай нэһилиэгин олохтоохторо Гаврил Семенович Самсонов уонна…
02.11.24 10:31