Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . -2 oC

Билигин оҕуруотчуттарга саамай эппиэттээх түһүмэх: оҕуруот аһын көрүү-харайыы кэмэ саҕаланна. 

Билигин оҕуруотчуттарга саамай эппиэттээх түһүмэх: оҕуруот аһын көрүү-харайыы кэмэ саҕаланна. 

Ньурба Антоновкатыгар олорор Агафья Тарасова маннык сүбэлиир.

Хоннохтооһун элбэҕи быһаарар

Сорох култуура, сүрүннээн, помидор уонна оҕурсу, астарын биэрбэккэ, биир кэм үүнэн сараадыйа турар буолааччылар. Ону көрө сылдьан, хос (хоннох) лабааларын сарбыйан биэриллэр, маны атыннык "хоннохтооһун" дэнэр.

Итини таһынан алларааҥҥы икки-үс сэбирдэҕин ылан кэбиһиллэр. Ити салгын үчүгэйдик хамсыырын, итиэннэ буортан араас үөн-көйүүр ыамата тарҕамматын хааччыйар.

Помидор буор көпсөркөйүн сөбүлүүр

Кэмиттэн кэмигэр помидор тулатын буорун көбүтэн биэрэ сылдьыллар уонна хортуоппуй курдук, умнаһын төрдүн буорунан томточчу көмүллэр. Маннык ньыма ууну кирээдэ икки ардынан халытан кутарга табыгастаах. Ону таһынан, эбии силистэр үүнэн, үүнээйини бөҕөргөтөллөрүгэр көмөлөһөр. Аһын кэмигэр биэрэрин туһугар помидор төбөтүн сарбыйыллар, итиэннэ сэбирдэҕин хонноҕуттан үүнэр хос лабааны (пасынок) түөрт-алта сантиметр уһаата даҕаны -- тоноон ылыллар. Кылгас угу сарбыйыллыбат, алларааҥҥы эрэ сэбирдэхтэр хоннохторун тууруллар.

Өйдөөҥ: Адьас төрдүттэн тосту тардан ыллахха, ол сиртэн хоннох үнүгэс хаттаан үүнэр. Ити иһин биир сантиметр төрдүгэһи хаалларыллар.

Кырдьыбыты эдэригэр түһэриллэр

Оҕурсу киин умнаһа уһаан эрэр кэмигэр икки ойоҕос умнаһы утуу-субуу үүннэриллэр. Бу ойоҕос лабааттан сөптөөх аһы ыллахха, аллара субурутан түһэрэн, төбөтүгэр баар икки сэбирдэҕин үөһэ тутан баран, борбулуоханан туттаран, буорунан көмөн кэбиһиллэр. Оччоҕуна, силис тардан, саҥаттан үүнэн барар, итиэннэ ук эдэригэр түһэн, улаатан истэҕин аайы ас бөҕөнү биэрэр. Оттон били хаалбыт киин умнаһын сэрэнэн быһан быраҕыллар.

"Оҕурсум амтана ап-аһыы!" – диэн эдэр оҕуруотчуттар соһуйааччылар.

Үгэс курдук, итии тэпилииссэҕэ тымныы ууну куттахха, эбэтэр кураанах сибэккитэ наһаа элбэх түбэлтэтигэр, эбэтэр сэбирдэхтэрин аһары быстахха, оҕурсу амтана уларыйан хаалар, аһыы буолар. Оттон буорун олус куурдан баран, ууну эмискэ куттахха, сүрүн умнаһа устатынан хайа баран хаалар. Ити иһин ууну эрэсиими тутуһан, итиэннэ сөбүгэр сылааһы кутуллар. Ас биэрбэт кураанах сибэккилэрин бэрт аҕыйаҕы ордорон баран, тоноон кэбиһиллэр.

Аны силиһэ үөһэнэн сыыллан, тэнийэ үүнэр буолан, ууну оруобуна умнаһын төрдүгэр буолбака, ыраахтан төгүрүччү кутуллар. Наар төрдүгэр эрэ кута сырыттахха, ууну иҥэриммэккэ силиһэ ыалдьан саһаран барар, сэбирдэхтэрэ хатар.

Уу кэмчи түбэлтэтигэр

Тиэргэн тула үүнэр оту, сиэмэтин биэрэ илигинэ, хотуурунан охсон тэпилииссэҕэ киллэрэн,  уктар анныларынан саба уурдахха, сиигин өр тутар. Кэмиттэн кэмигэр ол оту эргитэн биэрэн, кыратык салгылатыллар, аллараа өттө түүнүгүрбэтин наадатыгар.

Уоҕурдарга аһары сибиэһэй сааҕы куттахха, саҥа үүнэн иһэр ас мөлтөөн, сымнаан хаалар.

Өйдөөҥ: Оҕурсу сэбирдэҕинэн эмиэ аһыыр, ити иһин тэпилииссэ салгына куруук сииктээх буолуохтаах уонна салгылатыллыахтаах.

Аһатар да кэмнээх

Оҕуруот аһын хайдах уонна тугунан эбии аһатар туһунан бассаабынан тарҕанар араас ыйыылары-кэрдиилэри барытын итэҕэйэр, итиэннэ үүнээйини санаатах ахсын эбии аһатар көдьүүһэ кыратын ааһан, буортулаах буолар. Аһатыы бэйэтэ кэмнээх-кэрдиилээх, быраабылалаах. Ол курдук, ханнык баҕарар үүнээйини, оҕуруот аһын олохтоох сиригэр көһөрбүт кэнниттэн биирдэ аһатыллар. Онтон ордук аһаттахха, иҥэмтэлээх эттигэ барыта уктаах сэбирдэҕэр эрэ барар, аһы биэриитэ тохтуур.

Кабачокка, патиссоҥҥа астаах сибэккилэр тахсалларын наадатыгар түөрт-биэс күн устата уу куппакка, ол оннугар тээпкэнэн буорун таптайан биэрэн (сухой полив оҥорон) баран, кыралаан уу куттахха, аһы үчүгэйдик биэрэллэр. Бу ньыма дэлэй ууга наадыйар тыкваҕа барсыбат. Биэрэс, помидор элбэх аһылыгы ирдээбэттэр.

Иккис аһатыыны от ыйын 20 күнүн эргин, чопчулаан эттэххэ, бастакы хомууру ылан баран, иккис түһүмэххэ киирэр саҕана оҥоруллар.

Мүөт туһата

Кабачокка (атын да үүнээйилэргэ) барыта астаах эбэтэр олох кураанах сибэккилэр тахсаллар эбэтэр тахсан иһэн сытыйан хаалаллар. "Тоҕо оннугуй?" – диэн кыргыттар мэлдьи ыйыталлар.

Манныкка мин сөбүлээн туттар икки албастаахпын. Бастакыта: оҕурсуга, кабачокка атыыр сибэккилэр эрэ тахсар буоллахтарына, түөрт хас күн устата ууну кутары тохтотобун, оччоҕуна саҥа астаах сибэккилэр үүнэллэр.

Иккиһинэн, биир остолобуой ньуоска мүөтү биир лиитэрэ ууга суурайан баран, үүнээйигэ, сибэккитин эрэ буолбакка, сэбирдэхтэрин бүтүннүү кэрийэ сылдьан ыстарабын. Мүөт дыргыйар сытыгар тигээйилэр, ыҥырыалар кэлэннэр, үрүмэччилэр үмүөрүһэннэр, дьэ, оҕуруотум аһын барытын куоппаһырдаллар! Быһата, улахан үлэни оҥороллор.

Өйдөөҥ: Мүөт суурадаһынынан ыстара сырыттахха, үүнээйи түргэнник ситэр.

Чэй барахсан!

Сахалар олус чэйимсэхпит. Кыһыны быһа испит чэйбит быыбаркатын мунньан, хатаран, ханнык баҕарар үүнээйи (кыһыҥҥы сибэкки, арассаада, оҕуруот) буоругар эптэххэ, буор төрүт тупса түһэр, көрү-көпсөркөй буолар. Онон, чэй быыбарката туох да химията суох бэртээхэй уоҕурдуу!

Доруоһа эгэлгэтэ

Доруоһанан аһаабыт үүнээйи кэнсиэрбэлииргэ соччото суох, сып-сымнаҕас уонна харайыллар болдьоҕо кылгас буолар. Онон, оҕуруот аһын доруоһанан олох кыратык уонна бастакы эрэ кэмигэр, сибэккитин биэрэ илигинэ, аһатар ордук.

Уопсайынан, оҕуруот аһын тууһуур, кэнсиэрбэлиир эбэтэр хаһаанар буоллахха, натуральнай уоҕурдуунан уонна көннөрү уунан эрэ аһатыллар.

Илии иһигэр баар уоҕурдуу

Сибиэһэй үүтүнэн, эмис этинэн иитэн-аһатан олорор хороҕор муостаахпыт барахсан оҕуруокка туһата кэмэ суох. Ол курдук, сибиэһэй ынах сааҕын күрдьэҕинэн баһан, сүүрбэ лиитэрэлээх уулаах баахха кутан, уонча хонукка туруоруллар. Биир лиитэрэ суурадаһыны биир биэдэрэ ууга суурайан үүнээйилэргэ кутуллар. Уунан убатыллыбыт ынах иигэ оҕурсуга ордук үчүгэй. Уон хонукка биирдэ туттуллар.

Күл үүнээйигэ барытыгар барсар. Кураанахтыы буорга таммалатыллар эбэтэр суурадаһын оҥорон кутуллар. Ыстакаан аҥаара күлү биэдэрэлээх ууга кутан, уон күҥҥэ биирдэ биэриллэр.

Өйдөөҥ: Суурадаһыны оҕурсу умнаһын анныгар кутуллубат. Кини силиһэ үөһэнэн тэнийэ үүнэр буолан, быһа сиэнэр уонна сэбирдэхтэрэ саһаран киирэн бараллар, тэллэй ыарыытыгар ыллараллар. Оттон помидор, биэрэс уонна баклажан силистэрэ буорга батары киирэн үүнэр буоланнар, тулуйумтуолар.

  • 9
  • 1
  • 0
  • 0
  • 1
  • 1

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением