Издательский дом Редакция Подписка
Погода в Якутске: . 3 oC

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха Сиригэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ улаатта уонна нэhилиэнньэ биир киhитигэр ортотунан 21 706 солк. буолла диэн СѲ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.

2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн Саха Сиригэр тииһинэн олоруу алын кээмэйэ улаатта уонна нэhилиэнньэ биир киhитигэр ортотунан 21 706 солк. буолла диэн СѲ Үлэҕэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин пресс-сулууспата суруйар.

Нэhилиэнньэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтѳрүнэн тииһинэн олоруу алын кээмэйэ маннык: үлэлиир дьоҕурдаах нэһилиэнньэҕэ — 23 660 солк.; биэнсийэлээхтэргэ – 18 667 солк.; оҕолорго – 22 560 солк.

I зонаҕа Арктика оройуоннарыгар — 25 396 солк., үлэлиир дьоҕурдаах нэһилиэнньэҕэ — 27 682 солк., биэнсийэлээхтэргэ — 21 840 солк., оҕолорго — 26 395 солк.

II зонаҕа киин оройуоннарга уонна Дьокуускай к. — 21 272 солк, үлэлиир дьоҕурдаах нэһилиэнньэҕэ — 23 187 солк., биэнсийэлээхтэргэ — 18 294 солк., оҕолорго — 22 109 солк.

2023 сыллааҕы тииһинэн олоруу алын кээмэйэ улаатыыта сыана үрдээһининэн сибээстээн оҥоһулунна, итиэннэ 2022 сыл тохсунньу ыйын кытта тэҥнээтэххэ 13,6% үрдээтэ.

Санаттахха, тииһинэн олоруу алын кээмэйэ кыра дохуоттаах гражданнарга судаарыстыбаннай социальнай кѳмѳнү оҥорорго дьиэ кэргэн наадыйыытын сыаналааhыҥҥа, итиэннэ кѳмѳ кээмэйдэрин ааҕарга, холобур, оҕо тѳрѳѳhүнүн уонна иитиитин кытта сибээстээх ыйдааҕы босуобуйа кээмэйин быhаарарга ананар.

  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0
  • 0

Комментарии (0)

Никто ещё не оставил комментариев, станьте первым.

Оставьте свой комментарий

  1. Опубликовать комментарий как Гость.
Вложения (0 / 3)
Поделитесь своим местоположением
Бэлиитикэ

Үстэн биири таллылар

Ил Түмэн уочараттаах алтыс пленарнай мунньаҕар муус устар 23 күнүгэр бэбиэскэ бастакы…
24.04.24 15:45
Өлүөнэни туорааһын

Туорааһын төлөбүрэ 2000 солк

СИА иһитиннэрэринэн, муус устар 24 күнүттэн Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан 204…
24.04.24 14:52