Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун устудьуоннра, чуолаан агротехнология салаатыгар үөрэнээччилэр, урукку сыллартан Амма улууһун “Амматааҕы” аахсыйалаах уопсастыбаҕа уонна Хаҥалас улууһун Хачыкааттааҕы хаһаайыстыбатыгар бурдук хомууругар көмөлөһөллөр.
Ону таһынан Эдэр юннаттар өрөспүүбүлүкэтээҕи ыстаансыйаларыгар үлэлииллэр.
-- Биһиги оҕолорбут аҥардас утарынан хомуурга эрэ үлэлииринэн муҥурдамматтар, кэлэр сыллаах үүнүүнү хааччыйар дьаһаллары эмиэ тэрийэллэр, -- диэн кэпсиир техникум производственнай үлэтин салайар Анна Филиппова. – Ол курдук, үүнээйини хомуйбут кэнниттэн, оҕуруот кирээдэлэрин буорун хостууллар, кыстыыр үүнээйилэри кыстыкка бэлэмнииллэр итиэннэ территорияны ыраастыыллар.
Маннык үлэлииллэрэ эдэр дьоҥҥо тыа хаһаайыстыбатын үлэтин-хамнаһын чугастык билсэллэригэр итиэннэ талан ылбыт идэлэрин баһылыылларыгар тирэх буолар. Устудьуоннар көхтөөх үлэ кэлэктииби түмэрин уонна элбэххэ үөрэтэрин билэр буоланнар, хаһаайыстыбаларга үөрүүнэн көмөлөһө бараллар.
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0
- 0